Название | Таптал баар буолан |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Находкина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-2305-5 |
Мариналаах Нарыйа бэһис кылаастан ыла паартаҕа бииргэ олороллор. Сүрдээх эйэлээхтэр, үөрэхтэригэр иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр хардары-таары көмөлөсүһэллэр. Марина математикаҕа, физикаҕа ыарырҕатар буоллаҕына, Нарыйа нуучча тылын суруйуутугар “үстэн” өнүйбэт. Олохторо да майгыннаһар. Иккиэн аҕалара суох, соҕотох ийэ оҕолоро. Марина ийэтэ кэргэннэммэккэ эрэ икки оҕолоох. Дьон этэринэн, “булумньу оҕолор”. Быраата Митя алтыс кылааска үөрэнэр. Иккиэн дьүһүннэринэн да, майгыларынан да олох тус-туспалар. Кыыс уһун дьылыгыр, көнө уҥуохтаах, лоп-бааччы, дуоспуруннаах буоллаҕына, быраата намыһах уҥуохтаах, сүрдээх кэтит, киппэ, өрүтэ тэйиэккэлээбит, сытыы-хотуу уол. Тустуон сөптөөх диэн тренердэр эрчийиэхтэрин баҕаран кэпсэтэ сылдьыбыттарын ийэлээх эбэтэ эчэйиэ диэн көҥүллээбэтэхтэрэ.
“Тустууктар бары кулгаахтара тостубут буолар” диэн бэйэтэ да баҕарбат, ханна көрбүтэ эбитэ буолла? Онтон ыла Марина тустар дьон кулгаахтарын өйдөөн көрөрүттэн күлэ санааччы, онтукалара сороҕор, кырдьык, мүлтүччү оһон хаалбыт буолааччы. Быраата наһаа элбэх саҥалаах буолан, оскуолаҕа даҕаны, дьиэтигэр даҕаны элбэхтэ мөҕүллэр. Кылааһыгар “бэрээдэгэ суох” оҕонон ааттыылларын Марина сөбүлээбэт, саҥата элбэҕэ, мэнигэ эрэ, буруйу оҥорбута суох, учууталларга куруубайдыыра эмиэ иһиллибэт. Эбээтэ куруутун кыыһырдаҕына быраатын: “Аҕатын курдук оттомо суох”, – диэн ааттыыр. Онон сэрэйдэҕинэ, Митя аҕатын эбээтэ үчүгэйдик билэр быһыылаах. Тоҕо эрэ Маринаны туох да диэбэт. Оттон ийэтэ саҥарбат. Ыйыталаспат даҕаны, төһө да ийэтэ буоллар, киһи дууһатын таарыйар ыарыылаах боппуруоһу көбүтэн, ийэтин хомотуон баҕарбат.
Оттон Нарыйа аҕата үс улаатан эрэр оҕолорун хаалларан, манна үс сыллааҕыта биэлсэринэн үлэлии кэлбит эдэр кыыска иирэн, ол дьахтарын кэргэн ылан олорор. Сүүрэн сэрбэкэччийэ сылдьар, киһи таптыы көрөр балтараалаах кыыстаахтар. Нарыйалаах ол кыысчааны балтыларынан аахпаттар, аҕаларын уонна саҥа кэргэнин, биллэн турар, олох сөбүлээбэттэр. Убайа Ваня былырыын хаста даҕаны аҕатынаан тардыаласпыт этэ, хата, быйыл куоракка үөрэххэ киирэн, ийэтин сынньатта. Ийэлэрэ хас субуота, бырааһынньык ахсын наар уолун иһэн баран айдаарыа, аҕатынаан иирсиэхтэрэ диэн куттанан биэрээхтиирэ. Нарыйатын мөҕөрө: “Убайым охсуһан оскуолаттан үүрүллүө диэн олох санаабаккын, аҕаҕын кэһэттэрэр эрэ баҕалааххын” диэн.
Эмискэ чуораан тыаһаабытыгар, Марина санаатын ситимэ быстан хаалла. Дьүөгэтэ Нарыйа кини диэки куду анньан биэрбит тэтэрээтиттэн көрө-көрө бэрт элбэх сыыппараны харса суох туруортаат, тэтэрээттэри иккиэннэрин холбуу тутан учууталыгар уунна.
– Марина, төһө да математикаҕа ыарырҕаппытыҥ иһин, олус кыһаммаккын. Нарыйаҕа сэлээннэнэн кэбиспиккин. Биир кэлим экзамеҥҥын хайдах туттараҕын? – Елена Семеновна сөбүлээбэтэх курдук хатыылаах баҕайытык батары көрдө.
– Хайдах эмэ гынан туттарар инибин, – Марина төһө кыалларынан эйэҕэстик эппиэттии сатаата.
Учууталлара тэтэрээти хомуйа тутан кылаастан тахсарын кытта, кыргыттар уһун перемена буолан, үгэстэринэн түннүк аттыгар чөмөхтөһө түстүлэр. Оскуолаттан саҕалаан, бөһүөлэк сонунун тилийэ кэпсэтэн бардылар.
– Кыргытта-ар, Борис били иккис кылаас учууталынсатын таптаан иэдэйбит. Үөрэхпин бүтэрдим да, кэргэн ылабын диэн тылламмыт дииллэр.
Ити кэпсэтэр Бористара кинилэри кытта бииргэ үөрэнэр. Биир сыл хойутаан киирэн кинилэртэн аҕа, ол иһин улахан киһи курдук туттар-хаптар. Күһүҥҥүттэн ыла Дьокуускайдааҕы педучилищены саҥа бүтэрэн учууталлыы кэлбит кыыска иҥээҥнээн, кыргыттар көрсө эрэ түстэллэр кэпсэтиилэрэ кини эрэ буолан сылдьар. Ираида Ивановна төрөөбүт күнүгэр Бориһы ыҥыраннар учуутал кыргыттар оскуола салалтатыттан мөҕүллүбүт сурахтаахтара. Учууталынса даҕаны Бориһы сөбүлүүр быһыылаах, бииргэ олорор кыыһынаан дөрүн-дөрүн дьиэлэригэр сырытыннараллар. Оттон кылаас кыргыттара Милаларын аһыналлар. Уол кыыстыын үс сылы быһа доҕордоспуттара. Быйыл күһүҥҥүттэн Борис кыыс диэки көрбөт даҕаны. Оттон Мила сөбүлүүрэ өссө күүһүрбүт курдук. “Кининэн уол бүппэт, страдайдаан бүт”, – диэн кыргыттар Милаларын аралдьыта сатыыллар. Дьиҥинэн, Мила ол учууталтан тас көрүҥүнэн туох да итэҕэһэ суох, оҕо буолан дьарамай эрэ, оттон Ираида Ивановна саамай күөгэйэр күнүгэр сылдьар кыыс кинилэрдээҕэр кэрэтэ, көстүүтэ үчүгэйэ чуолкай. Төгүрүк кыһаан сирэйигэр киэҥ арылхай харахтарынан сандаарыччы көрөн, саамай бүтэһик муоданан бэйэтигэр сөрү-сөптүк таҥнан хаамыталаатаҕына хайа да бэйэлээх эр киһи кутун тутар кыыс.
– Милка, эн бүт эрэ. Үс сыл доҕордоһон, иннигэр-кэннигэр сүүрэн баран, таҥнарбыт уолтан ытаан-соҥоон аптарытыаккын түһэримэ, – кэлэн-баран элэгэлдьийбит, кылаас саамай сытыы-хотуу кыыһа, Аида ааһан иһэн түргэн-түргэнник тылыбыратта.
Ити кэмҥэ төрдүс уруок саҕаланан, чуораан тыаһа лыҥкыныы түспүтүгэр кыргыттар бэрт холкутук паарталарыгар тарҕастылар. Чуораан тыаһын тэҥҥэ даҕаспытынан кылааска уолаттар бөтөрөҥнөһөн киирдилэр. Аҕыйах сыллаахха диэри уолаттар кыргыттарынааҕар уҥуохтарынан намыһах этилэр, онтон тохсус кылаастан ыла улаатан хороһон таҕыстылар. Ордук