Название | Кытылга кыыс ытыыра |
---|---|
Автор произведения | Галина Нельбисова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-2135-8 |
– Эн наһаа ностальжилыыр эбиккин дии. Мин тоҕо эрэ оннук айылаах эдэр сааспын ахтыбаппын. Романтичнайым суох быһыылаах, – Лариса дьүөгэтин, дьэ саҥа өйдөөн көрбүт киһи курдук, одуулаан ылла.
– Лариса, эн Виссариоҥҥун таптыыгын дуо? Чэ, уопсайынан бу сиргэ таптал диэн баар дуо? Туох дии саныыгын? – Светлана ону эрэ күүппэтэх дьүөгэтигэр боппуруос бөҕөтүн кутан кэбистэ.
– Таптал? Оттон баар ини. Сөбүлэһэн, түөрт оҕолонон бачча олорон кэллэхпит. Ол туһунан эчи санаабыт да суох. Сөбүлэспэппит буоллар, арахсыбыт буолуо этибит. Оттон эн бэйэҥ туох дии саныыгын?
– Таптал, таптал… Мин бу сотору эбээ буолар сааспар тиийиэхпэр диэри ити боппуруоска эппиэт була илик курдукпун. Дьүөгэлэрбин кытта арыт эмиэ бу темаҕа бөлүһүөктээн ылабыт да, мөккүһэн-мөккүһэн баран тарҕаһабыт. Мин көрдөхпүнэ, тоҕо эрэ бары «оттон, арааһа, баар быһыылаах» диэн соччо быһаарыыта суох түмүккэ кэлэбит. Сорохтор ити барыта өй-санаа фантазията, үйэлээх таптал диэн суох дииллэр, иннилэрин биэрбэттэр.
– Хотуой, Света, оттон эн Гришаҕын таптаан ыал буолан олорор инигит? Сааһырыаххытыгар диэри «эйигин таптыыбын» дэһэ сылдьыбатаххыт иһин, эдэр сааскыт иэйиитинэн холбостоххут дии.
– Лариса, ону баара мин кинини хаһан да таптаабатаҕым. Баҕар, уруккутун курдук, биир тэҥник сыһыаннаһан, улаханнык кэлэппэккэ, хомоппокко сылдьыбыта буоллар, таптаан да туруом этэ. Саамай чугас киһим, оҕолорум аҕалара буоллаҕа дии.
– Таптаабатаҕыҥ? Эс, хайдах оннук буолуой, – Лариса чахчы соһуйан дьүөгэтин диэки эмиэ болҕомтолоохтук, ыйытардыы көрбөхтөөн ылла.
– Таптала да суох ыал буолан олороллор, сэгээр. Эн ыал барыта Виссарион биһикки курдук олороллоро буолуо дии саныыгын дуо? Ити кыргыттарбыт дьылҕаларын ырытан көрдүбүт дии. Төһө дьоллоохторуй дьахтар быһыытынан? Улахан аҥаардара оҕолорун эрэ туһугар олороллор. Бу ыарахан кэмҥэ онтон атыннык дьаһанар, арахса оонньуур кыахтара суох. Үлүгэрдээх ньиэрбэлэрин бараан, доруобуйаларын сүтэрэн… Мин медик быһыытынан биир түмүккэ кэлэн турабын: дьахталлар эрэйдээхтэр санааларын оонньооһуна, дууһаларын муунтуйуута барыта араас ыарыыга кубулуйан саастарын тухары эрэйдиир эбэтэр кылгас үйэлиир. Быстах санааттан ол-бу буолаллара да элбэх. Нус-хас олохтоох, этэҥҥэ олорор дьахталлар ыарыыга ылларбаттар. Уопсайынан, биһиги, уһун баттахтаахтар, дьылҕабыт хайдах эр киһини кытта аргыстаһарбытыттан улахан тутулуктаах. Лариса, эн үчүгэйдик, этэҥҥэ олороруҥ сирэйгэр-хараххар көстөр. Истиҥ дьүөгэ быһыытынан ис сүрэхпиттэн эн тускар үөрэбин, «Виссарион маладьыас» диибин. Инньэ диэн тиэрдээр. Лариса, мин хайдах олоҕу олорон кэлбиппин эйиэхэ кэпсээбэтэхпинэ, кимиэхэ кэпсиэмий? Оҕо эрдэхпиттэн чугас киһим буоллаҕыҥ. Маннык налыччы көрсүбэтэхпит да ыраатта. Тастан көрүүгэ мин саҕа дьоллоох, барыта бары табыллыбыт дьахтар суоҕа буолуо.