Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3154-2



Скачать книгу

сылдьар, бэрт дьаһамыр тимир оһохторун искэ киллэрэн, турбатын сирэй оһох үөлэһинэн таһааран баран тигинэччи оттон кэбиспиттэрэ, тимирэ кытаран ахан турара, онто да суох сылыйбыт сааскы дьиэ иһин үрэн кэбиһэн, аан тэлэччи аһаҕаһа.

      Биһиги да дьирээ дьон буоллахпыт, тутуспутунан оһох тула хачымахтастыбыт… Киристиин адарай орон үөһэ дьоройон олорон, саллайан хаалбыт бастардаах ынах этэрбэстэрдээх атахтарынан тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ, биһиги тустарбытын көрөр, ытыстарын тас гына охсон ыла-ыла: «Муос-тиис-таас!..» – диэн, сүүллэрэ түспүт оҕустары харсыһыннаран эрэр киһи курдук, күө-дьаа буолан киксэрэн күөртүүр, күлэн чачыгырыыр… Киристиин – эмиэ бэйэм курдук тулаайах кыыс. Ардыгар, сорох күн, тугу эрэ санаан, ханнык да оонньууга, дьээбэҕэ-хообоҕо төрүт кыһаллыбакка, чачархай баттахтаах төбөтүн кыҥначчы туттан баран, уһун күнү быһа состуок иннигэр олорон тымтыгынан оһох күлүн булкуйар кыыһы сүрдээҕин диэн аһынарым…

      Биир түгэҥҥэ Чукчакыыны икки харытыттан ылан баран туора садьыйбытым, уолум аттыы түстэ, били, саҥа тигиллибит тииҥ бэргэһэ туура ыстанан, кыһыл сукуна курдук кытаран турар оһох үөһэ кэлэн оройунан олоро биэрдэ… Дьэ эбэтээ, бэргэһэ баҕайы чыычыгырыы-чыычыгырыы түүрүччү сиэнэн куймарыҥнаан барда ээ… Чукчакыын тииҥ уорҕата бэргэһэтин кулгааҕыттан хаба тардан ылан аһаҕас аанынан таска кыыратта, онтута тиэргэн ортотугар халыйбыт дириҥ чалбах ортотугар түһэн баран аны булдугуруу-булдугуруу тимирээри күөгэҥнээтэ… Сүүрэн тибигирээн тахсан ууттан оруу тартыбыт. Ньукулай уол бэргэһэтин аһыйан, уоһа мэрбэҥнээн, туома ытыах курдук. Били: «Боочуук!.. Боочуук!..» – дии-дии дьиэрэҥкэйдии сылдьыбыт быһыы-тутуу, сирэй-харах ханна да суох. Ийэтэ Силбэх Маарпа кытаанах соҕус майгылаах дьахтар этэ. «Дьэ иэдээн, уолу бүдүрүтэммин бэргэһэни сиэттэхпин… мөҕүллэр киһи буоллум ээ…» дии санаатым.

      Сотору эбээ эмээхсин Маарпаны кытары хантан эрэ аргыстаһан кэлэн дьиэҕэ киирбиттэрэ.

      Чукчакыын ийэтэ сонно тута:

      – Хайа, бу туох кэҥэрдиитин сытай, нөйөн? – диэн ыйыта охсубута.

      Онуоха Ньукулай уол барахсан:

      – Ээ… ити… бэргэһэни кэтэн көрө сылдьан, алҕас төлө тутан, оһох үөһэ түһэрэн түүрүччү сиэтэн кэбистим… – диэн буруйдаах киһи быһыытынан, кирик-хорук тутта-тутта саҥарта. Чукчакыын, хор, ол курдук миигин үҥсэн биэрбэтэҕэ. Ньукулай ийэтэ да уолун улаханнык мөхпөтөҕө, көннөрү, сиэр быһыытынан, кыратык саҥарбыта эрэ. Кэлин, ааһыах-ааспытын кэннэ, ити түбэлтэ умнуллан эрдэҕинэ биирдэ эрэ, быһылаан ис дьиҥэ хайдаҕын кэпсээбиппит…

* * *

      Сир туртайыар диэри хаардаах, тыаллаах-куустаах, хас да күннээх хачаҥха кэнниттэн, халлаан эмискэ төлө баран сылыйбытыгар, кураанах кус күнүстэри-түүннэри эбии түркүннээн айаннаата. Улахан Баһылай көһөн кэлбит күөлбүтүгэр үгэһинэн тиргэлээтэ. Күн аайы айахпытыгар тото сиир куспутун аҕала турар. Кыра Баһылай Ылдьаалыын сатыы, чугас эргин, Саамы эбэнэн эҥин эргийэн кустууллар. Ол сылдьан Баһылай икки хоҥор хааһы