Название | Кэм кэрэһиттэрэ |
---|---|
Автор произведения | Валерий Луковцев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2021 |
isbn | 978-5-7696-6135-8 |
Сир планетатын олоҕун кэрдиис кэмнэрин уратыларыттан киһи аймах олоҕо быһаччы тутулуктаах. Биһиги, Хотугу полюс чугаһыгар ирбэт тоҥ муустаах сиргэ олохсуйбут омуктар, айылҕа туругун хаамыытынан салайтарабыт. Тыһыынчанан сылга бэйэ ис кыаҕар тирэнэн олох олорор ньымалары тобула сатаабыппыт. Онтон кэлиҥҥи үйэлэргэ сабардыыр государство тутулугар олорор ньымаҕа үөрэнэ сатыыбыт.
Ааспыт кэмнэр кэрискэлэрин сыыйа-баайа ырыттахха, саха ситиһиилээхтик, кимиилээхтик туруулаһара, бэйэтин кыаҕын эбэн иһэрэ ырылыччы көстөр. Дьылҕа хаан тургутууларыгар өлбөт үөскэ үйэлэри уҥуордуур далаһа быраҕарга өркөн өйдөөх, эрдээх санаалаах, оҕуруктаах ньымалары сатабыллаахтык айар күөн туттар салайааччылардаах буоламмыт, быста-быста салҕаммыт эбиппит. Ханнык да кэмҥэ «кэмэ оннук» диэн саптан кэбиспэккэ, дьон-норуот туһа диэн туруулаһар бас-көс дьоннордоох буоламмыт, хайа да омуктааҕар киэҥ сири сабардаан, төрүт омук уратытын барытын ботуччу тутан олордохпут.
Сэһэн Ардьакыап, Күлүмнүүр, Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Илья Винокуров, Михаил Николаев чахчы да саха үрүҥ тыынын өрүһүлтэтэ, суон тулааһын буолбут дьон. Ол сүрүн дакаастабылынан кинилэр саха омугу бытаныыттан, өлүүттэн-сүтүүттэн, сааттан-сууттан быыһаабыттара буолар. Кинилэргэ тосхойбут былаас боломуочуйаларын норуоттарын туһугар туһаайан, үрдүкү былаас дьаһалтатын төрөөбүт норуоттарын көмүскээһиҥэ хайыһыннаран, өлөр өлүү, кэхтии маҥалайыттан көмүскээн ылбыттара. Кинилэр саха салалтатын сүрүн ньымаларын чочуйбуттара. Ол эйэлээх уонна туруорсуулаах стратегия, норуот туһатыгар былааһы үлэлэтии, дьон кыһалҕатын быһаарыы, баһылык тус ытык иэһэ диэн уонна кэлэр кэскилгэ олук охсон хаалларыы курдук киэҥ дириҥ стратегияны тутуһан хоннохтоохтук-хорутуулаахтык дьаһаныы. Маннык эрэ хайысхалаах былаас дьон итэҕэлинэн күүһүрэр, сүппэт-оспот суола эндирдээх олох хайысхатын ыйар. Ол да иһин эдэр көлүөнэ олох күөнүгэр эрчимнээхтик киирэригэр суолдьут сулус курдук инники көлүөнэлэр күөн туттубут дарханнарын ааттарын тилиннэрэн, кинилэр идеяларын, стратегияларын тутуһар. Ааспыт сүүрбэ сыл былдьаһыктаах кэмигэр саха дьонун, ыччатын чулуулара «Саха омук», «Саха кэскилэ» хамсааһыннары сэргэ «Эдэр саас», Эдэр интеллигенция түмсүүтэ, «Тобул», «Түгэн», «Түмэн» курдук ыччат араас араҥаларын түмэр, сайыннарар, көҕүлүүр тэрилтэлэри түмэннэр, уларыта тутуу ирдэбиллэригэр олорон биэрбэтэхтэрэ. Ыччат тэрилтэлэрин да ааттара чопчу тирээн кэлбит түгэҥҥэ сайдыы суолун тобуларга эдэр саас өйдүүн-сүрэхтиин күүрбүтүн, туруммутун туоһулууллар. Ол саҕана үс араас суол арыллыбыта: бастакыта – көнөр көҥүлү көрдөөн көҥү түһэн өрө туруу, бас батарынан баламаттык барҕарарга дьулуһуу; иккиһэ – олох орто сүүрүгүн тутуһан, салгыбакка-салпакка дьулуурдаахтык өксөйөн иһии; үсүһэ – олох долгуннарыгар саба оҕустарбакка хаптайан биэрэн бас бэринии. Билигин сүүрбэ сыл түмүктэригэр урукку социалистическай