Название | Эргэ өтөх хоноһото |
---|---|
Автор произведения | Иннокентий Сосин |
Жанр | |
Серия | Көстүбэт эйгэ кистэлэҥэ |
Издательство | |
Год выпуска | 2008 |
isbn | 978-5-7696-3017-0 |
Ходьох гына тура түспүтүм курдук эмискэ, тугу эрэ ынырыктык кыламмытынан, эмээхсиним барбыт сирин диэки сүүрдүм. Ити икки ардыгар өйбүн сүтэрэн ылбыт быһыылааҕым: биирдэ өйдөммүтүм, кырдьаҕаһым эрэйдээҕи, ытыы-ытыы, ыга кууһан турар эбиппин. Эмээхсиним титирэстээбит куолаһынан: «Тукаам, эрдий. Куттаныма даа, куттаныма. Бэйэтин суолунан ааһыаҕа. Эн биһикки суолбут туспа, кини суола туспа. Ааттаһабын, көрдөһөбүн. Куттаныма, уоскуй», – дии-дии, миигин кууһан турара.
Киһи уолуйдаҕына, билигин аҕай куттаммытын көрүөн баҕарбатаҕын да иһин, бэйэтэ онтукатыттан хараҕа арахсыбат буолар. Эмээхсин миигин уоскута сатыы турар кэмигэр иккитэ-хаста көрө түспүтүм, абааһы сыыры өрө тахсан эрэрэ. Куттаммытым ааһан биэрбэтэҕэ. Хата, аргыһым миигин дьиэм чугаһыгар диэри атааран биэрэн абыраабыта.
Ити алаас биир кырдьаҕас олохтооҕо Томуоскай оҕонньор: «Эбэбэр төбөтө суох киһи баар», – диэн кэпсиир эбит этэ. Мин ону көрбүт эбит буоллаҕым, – диэн Балбаара кэпсээнин түмүктээбитэ.
Биһиги киниттэн: «Эн төбөтө суох «киһи» туһунан көрүөҥ иннинэ истибитиҥ дуо?» – диэн ыйыппыппыт. Онуоха: «Суох, кэлин истибитим», – диэн хоруйдаабыта.
Түгэх халдьаайытыгар төбөтө суох абааһыны көрбүттэр биирдиилээн-иккилээн да буоллар баар этилэр. Сэрии иннинэ Холкуостаах Лэгэнтэй эмиэ көрбүт үһү. Абааһыта уҥа илиитин быластаан ууммутугар, ол аннынан ааспыт үһү диэн кэпсээн баара. 1940 сыл сааһыгар Дьирээ Ньукулай уола Зотчик Брызгалов, аҕатын аахтан Бүтэйдээхтэн истэҕинэ, Халымаайы сыырын киириитигэр, ата туохтан эрэ сиргэнэн, муоһатыгар кыайтарбакка, сааскы килэркэй суолунан иннин хоту тэбинэн кэбиспит. Зотчик куттана санаабыт. Атын тохтото сатыырын быыһыгар, кэннин хайыһан көрбүтэ, киниттэн отучча (!) хаамыылаах сиргэ төбөтө суох киһи сырсан иһэр үһү. Сонно кини өйүн сүтэрбит. Арай Бүтэйдээххэ киирэн, Лөкүөрэ оҕонньордоох сэргэлэригэр анньыллан туралларыгар биирдэ өйдөммүт.
Зотчик итинтэн улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирбит. Тыа сирин эмчиттэрэ кинини ыарыыта уустугун иһин куоракка атаарбыттара. Сотору өлөн тахсыбыта. Кини өлүгүн дьиэтигэр, Бырдьа өтөҕөр, аҕалыахтарын икки дуу, үс дуу хонук иннинэ Ыт Атах ойоҕо Кэтириис таһырдьаттан дьиэҕэ киирбитэ, уола үөттүрэҕи тута сылдьан муннугу кэйиэлии турар эбит. «Тоҕо муннугу хаһыстыҥ?» – диэн ыйыппытыгар уол: «Ити муннукка киһи ынчыктыыр», – диэбит. Ону кэлин «Зотчик өлөн тахсарын бэриэттээн этэ сырыттахтара» диэн быһаарбыттара.
ИЛЭ СИЭБИТ АБААҺЫ
Сүллүүкүн – уу иччитэ. Кини үйэтин тухары уу анныгар олорор. Онно, киһи курдук, дьиэлээх-уоттаах, сүөһүлээх-астаах, оҕолоох-уруулаах, оннооҕор киһи курдук харчылаах буолар үһү. Ону сүллүүкүттэр бөхпүт, бөхтөрүн харчы