Эргэ өтөх хоноһото. Иннокентий Сосин

Читать онлайн.
Название Эргэ өтөх хоноһото
Автор произведения Иннокентий Сосин
Жанр
Серия Көстүбэт эйгэ кистэлэҥэ
Издательство
Год выпуска 2008
isbn 978-5-7696-3017-0



Скачать книгу

диэн сүрэҕэ сылаанньыйан, дойдутугар хаалларбыт күндү доҕорун Сүөкүччэни санаан, онтукатын баҕа санаатын кыната оҥостон айаннаабыт.

      Эмиэ киэһэ лүҥкүрэн тиийэн кэлбит. Сотору иннигэр балаҕан дьиэ оһоҕун кыыма кытыастыбыт. Соһуйуон иһин, бэҕэһээҥҥи кэмигэр, бэҕэһээҥҥи дьиэтин таһыгар турар эбит. «Муммут эбит буоллаҕым», – дии санаабыт, ол кэннэ дьахталларыттан олус кыбыстыбыт. «Дьахталлар сирэйдэрин хайдах таба көрөбүн. Дьокуускай бэрдэ буолан баран, суолу-ииһи билбэтэ тоҕо сүрэй? Туох хараҥа соруктаах буолан, төннөн кэллэҕэй? Эҥин арааһы саныахтарын сөп», – диэн иһигэр эргитэ санаабыт да, тэҥнэһэр кыах суох. Дьиэҕэ көтөн түспүт. Дьахталлар үүт-үкчү бэҕэһээҥҥилэрин курдук, дьиэ иһинээҕи үлэлэринэн түбүгүрэ сылдьаллар эбит.

      – Хайа, доҕоор, төннөн кэллиҥ дуу? Хайдах суолгун булбатыҥ? – Дьахталлартан биирдэстэрэ ыйыппыт.

      – Ээ, аат көлөтө баара, туохтан эрэ сиргэнэн, эмискэ ыарҕаҕа тахсан сыарҕам сээбэһин быатын быһан кэбиһэн, күнү быһа ону оҥосто олорон, хойутаан хааллым, тиийиэхтээх сирбэр бүгүн тиийиэ суох буолан, субу төннөн кэллим. Холдьохпот инигит.

      – Буолар баҕайыта. Холдьохпоппут. Биһиэхэ хас да хон. Дьоммут кэлиэхтэригэр диэри доҕор киһи наада.

      Ити курдук, эмиэ күө-дьаа кэпсэтэн, туох даҕаны сибикини билбэккэ, олус үчүгэйдик хонон турбут. Сарсыарда бэҕэһээҥҥи кэмигэр эмиэ айаҥҥа турбут. Бүгүн халлаан сигилитэ уларыйбыт. Били бэҕэһээ ичигэс баҕайы, былыттаах күн, тыалыран тоһуйбут. Сарсыарда эрдэ хаар түспүтэ, күн ортотун диэки тыала күүһүрэн, дьиҥнээх буурҕа түспүт. Суолу-ииһи бүрүйэн, тибэн кэбиспит.

      Уодай күнү быһа тыалы кытары күрсэн, тибиилээх суолунан атын батыччахтатан айаннаабыт. Киэһэтигэр эмиэ били бэҕэһээҥҥи балаҕаныгар тиийэн кэлбит. Балаҕана уота-күөһэ кытыастан, эмиэ айан киһитин бэйэтигэр ыҥыра-угуйа турар.

      Уодай атын баайа туран: «Суол киһитэ сылайдым. Бу киэһэ дьахталлары кытары арыгы истэххэ сатаныыһы. Сылааны таһаардахха, ол кэннэ уот иччитин кытта аһаттахха табыллыыһы», – диэн ат дьааһыгыттан испиир куттан киирбит. Дьиэҕэ дьахталлар эмиэ уруккуларын курдук түбүгүрэ сылдьаллар эбит. Бу сырыыга киһини: «Тоҕо төнүннүҥ?«– диэн ыйыппатахтарын үрдүнэн: «Абааһы күнэ буолла. Суолу-ииһи бүтүннүүтүн тибэн кэбистэ. Бара сатаан баран, эмиэ төннөн кэллим», – диэбит. Онуоха дьахталлар: «Дьылҕаҕыттан ханна барыаҥый? Биһиэхэ үчүгэй. Кэм эр киһи доҕордоох хонуохпут», – дэспиттэр.

      Киэһээ аһылыкка Уодай испиирин уулаан, аал уотун аһатан, дьахталларын кытары арыгы иһэн, эмиэ уруккутун курдук олус иһирэхтик кэпсэтэн баран, утуйаары сыппыт. Сотору уот умуллан, балаҕан иһигэр бороҥотуйа хараҥаран эрдэҕинэ, минньигэс уу кынатыгар баһыйтаран утуйан хаалбыт. Арай түһээтэҕинэ, балаҕан көмүлүөк оһоҕун иһиттэн хаар маҥан баттахтаах, кыырыктыйбыт, тэрэччи тэбэ сылдьар үп-үрүҥ бытыктаах, уоттааҕынан, чолбон курдук чоҥолуччу көрө сылдьар харахтаах ытык кырдьаҕас тахсан кэлбит. Киһи: «Тукаам, тур. Мантан бэрт түргэнник бара оҕус. Дьахталлар утуйа сыталлар,