Ол түгэн уораана…. Арчылан

Читать онлайн.
Название Ол түгэн уораана…
Автор произведения Арчылан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2010
isbn 978-5-7696-3132-0



Скачать книгу

собону сиэн лыбыгыратарыттан ордубатаҕа. Ахтыбыта оччо этэ. Уопсайынан, киһи төрөөбүт аһын күндүргэтэр да буоллаҕа. Ордук сааһыран, этэргэ дылы, кэннэ уһаан, иннэ кылгаан иһэн. Бэл, Саха сириттэн бастакы генерал Притузов уонна суруйааччы Ньукулай Якутскай соҕуруу охтор ыарыыларыгар сытан, дойдуларыттан уулаах отону өлбөт мэҥэ уутун курдук санаан үлэспиттэрэ диэн буолар. Оттон атын хайаларыгар эрэ – бадаҕа, улахан учуонай быһыылааҕа – кыайан дойдутуттан ыыттарбакка, ханнык эрэ атын сир отонунан солбуйбуттар, ону амсайан көрөн баран: «Суох, бу Саха сирин отоно буолаахтыа дуо?!» – диэн баран, төттөрү анньан кэбиспитэ үһү. Дьэ, ону кини хантан биллэ?! Отон эрэ барыта биир буолуон сөп курдук буолбатах дуо?.. Оннук буолбат эбит, киһи ханнык эрэ битинэн «бу дойдум киэнэ» диэн син биир араарар. Төрөөбүт дойду сыта-сымара, амтана киһи этигэр-хааныгар оннук дириҥник иҥэн сылдьар эбит ээ…

      Онтон отууга киирэн, эмиэ ону-маны баллыгыраһа сытан, Соппуруон эмискэ баҕайы ыйыппыта:

      – Миитэрэй, эн миигин соччо эрэммэккин дуу, быһыыта?..

      Итини мин улаханнык сүөргүлүү да, сүөлүргүү да истибитим. Төһөтүн да иһин устудьуоннуур сылларбытыгар мииммитин балайда иһистэхпит дии. Билигин сүрдээн-кэптээн кэпсэнэр политическай репрессия сылларыгар. Оччолорго сэбиэскэй дьон, тутуллубакка-хааллыбакка да сылдьан, бэйэ-бэйэлэрин хобулаан мөлүйүөнүнэн донуоһу – үҥсүүнү, тыллабыры диэххэ сатала суох – суруйбуттара диэн билигин аһаҕастык суруйаллар уонна кэпсииллэр. Аны кэлэн, чыҥха атын кэмҥэ олорон эргитэ санаатахха, хайдахтаах нэгэй быһыыный?! Киһи өссө «хоту ыаллар» тимир кыпсыырдарыгар түбэспиттэр тустарынан этэ да барбат. Ол эрэйдээхтэргэ түһээтэхтээҕи да суоллары суруйтарбыттара чуолкай. Оттон атыттар?!

      Дьолго, пединститут уопсайыгар кинилиин бииргэ олорбуттар ортолоругар оннук дьаабы быһыы тахсыбатаҕа. Онон Соппуруон инньэ дииригэр ханнык да төрүөт баар буолуон сатаммат курдуга.

      – Куорат мааны киһитэ хайыаҥый?! Тыа учууталын атаҕастаан эрдэҕиҥ, – диэн хаадьыга кубулутуохпун санаабытым да, киһим кырдьык-хордьук ыйыппыт буолан биэрбитэ.

      – Суох-суох, Миитэрэй. Мин чахчы инньэ дии санаатым.

      – Бай, ол тоҕо?!

      – Ньукуус туһунан кэпсиэххин баҕарбаккын дии…

      Соппуруон обургу, көр, итинник олуйан турар. Сөп ээ, хайа булчут кыыл субу үктээн ааспыт буруолуу сылдьар суолун таба тайанан баран, сонордоспот буолуой?! Суруйааччыҥ да араас мыыдараһы-албаһы туттан сойуолаһар кыыла диэн ураты түбэлтэ, сонун тиэмэ буоллаҕа эбээт.

      Оччо олуйтаран баран, хайыахпыный, кэпсиирбэр тиийбитим. Ол гынан баран, Соппуруон суруйбутун курдук отууга буолбакка, кутаа таһыгар олорон. Иһирдьэ сытан кэпсиэхпин, санаабар, ким эрэ отуу кэтэҕиттэн иһиллииргэ дылыта.

      Тахсан, хайыы үйэ умуллубут кутаа күлүн бурҕаҥната булкуйан, аҕыйах барбах кылахачыйар кыымнары буламмын үрэн сирилэппитим. Итиирдик балайда бадьыыстаспытым да, Соппуруон бэрт тулуурдаахтык кэтэспитэ. Дьүрү биир да тылы саҥарбатаҕа. Арай, отууга киирэн, ырбаахытын иилинэн тахсыбыта.