.

Читать онлайн.
Название
Автор произведения
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска
isbn



Скачать книгу

бөҕө буолаллар. Кыыс улахан быраата, били бэрэбинэни эрбэспит уол, ас илдьэн биэрдэҕинэ, өлөрө сыһан таһаарар, оттон кыра быраатыгар кыһаммат үһү.

      Баҕар, улахан өрүһү туораатаҕына үтүөрүө диэннэр, кыыһы кэлгийэн баран куоракка (Дьокуускайга) илдьэллэр уонна иирээки барааҕар туттараллар. Ол кыыстара онтон дьиэтигэр эргиллибэтэҕэ. Арааһа, өллөҕө. Быһылаан мин алталаах эрдэхпинэ дьиҥ-чахчы буолбут түбэлтэ. Билигин сылыктаатахха, ол эрбээбит бэрэбинэлэрэ, арааһа, ойуун сэргэтэ буолуо. Дьэ онон кэрэх мастар уонна ойуун сэргэлэрэ абааһылаах буоллахтара, эһиги туох дии саныыгыт?

      Петр Попов

      Дьукаах

      Бу чахчы буола сылдьыбыт суолу суруйан хаалларарга бэрт өр толкуйдаан быһаарынным. Итэҕэйиэхтэрэ суоҕа, күлүү-элэк оҥостуохтара диэн кистии сылдьан баран, кырдьар сааспар ыарыһах буолан баран, ыйааһыҥҥа ууран ыараҥнатан, санааҕа холбоон халбаҥнатан көрдөхпүнэ, буолбут чахчыны суруйарга туох да куһаҕан баар буолуо суохтаах. Төттөрүтүн, суруйбатахпына, санаабар ыар баттык буолуох курдук диэн түмүккэ кэллим. Айылҕа араас кистэлэҥнэрэ арылла турдахтарына, баҕар, биһиги түбэспит түбэлтэбит кэмниэ кэнэҕэс быһаарыллан хаалыан сөп. Ол иһин туох буолбутун эппэккэ-саппакка суруйдахпына, кэнэҕэс туһалаах буолуон сөп курдук өйдөөтүм.

      Ситэтэ суох орто оскуола оччолорго Тойбохойго эрэ баара. Бэһис-сэттис кылаастарга оҕолор ыраах нэһилиэктэн өйүөлээх кэлэн олорон үөрэнэллэрэ. Оччолорго Тойбохойго ыал аҕыйах этэ, онон биир ыалга элбэх буолан мустан хааларбыт, ордук күһүн үөрэх аһылларын саҕана. 1936 сыл күһүн Дүлээйэҕэ Огдооччуйа диэн тулаайах огдообо эмээхсиҥҥэ уон биэс буолан олорбуппут. Кини дьиэтэ оскуолаттан биэрэстэ кэриҥнээх харыйа ойуур саҕатыгар турара. Сахалыы, хоһо суох, түөрт кыараҕас түннүктээх, аһаҕас мас сарайа өр туран хараара сатаан баран, муох үүнэн көҕөрбүт, сиргэ киирбит курдук дьиэ этэ. Хаҥас диэкинэн ааннааҕа. Онон таҕыстахха, туруорбах дьиэҕэ киирэҕин.

      Мустубут оҕолор киэһэ лыык курдук симсэ сытан арааһы кэпсэтэн тахсарбыт. Кэпсэтии мэлдьи абааһы туһунан буолара. Араас нэһилиэктэртэн мустубут буоламмыт, куоталаһа-куоталаһа ханна, хайдах сүрдээх абааһы баарын үлүннэрэн, эбэн-сабан, суоҕу баар гынан кэпсэтэрбит, онон киһиргэнэр курдук этибит.

      Биирдэ итинник кэпсэтэ сыттахпытына, дьиэбит иһэ эмискэ сырдаан күлүм гынна. Бары ойон туран түннүгүнэн көрбүппүт, улахан мээчик саҕа уот Быараҕастыыр суолунан кыымынан ыһыллан, төкүнүйэн харыйа ойуурга киирэн сүттэ. Тиэрэ көрүү! Бары тыыммат буолан ыллыбыт. «Көрдүгүт дуо?» – диэн токкоолоһуу. «төкүнүк, күөхтүҥү», – диэн сорохтор чуолкайдаатылар. «Олус абааһыны кэпсэтэр сэттээх быһыылаах, аны тохтотуоҕуҥ», – диэн арыый улахаммыт Миитэрэй быһаарда. Ити уот туох буоларын кыайан быһаарбакка, ону-маны этэн көрө-көрө муннукка анньыллан тохтообуппут. Оччотооҕу оҕо төкүнүйэр чаҕылҕан туһунан хантан билиэҕэй? Кэтэспиппит, уот кэлин кэлбэтэҕэ.

      Кумааҕы уурар долбуур оҥосторго