Таайыллыбат дьикти күүс. Огдо

Читать онлайн.
Название Таайыллыбат дьикти күүс
Автор произведения Огдо
Жанр
Серия Кістμбэт эйгэ кистэлэІэ
Издательство
Год выпуска 2022
isbn 978-5-7696-6357-4



Скачать книгу

түстүлэр. Оҕолор ороннорун оҥостон, утуйарга бардылар. Маайа эдьиийин Дуунньа төбөтүгэр сытар. Арай иһиттэҕинэ, улахан дьон: «Барахсаттар куруутун сүүрдэллэр, адьас дьарык оҥоһуннулар. Ити соччото суох ээ. Остуол куһаҕаҥҥа сүүрэр. Соҕотох уоллара сэриигэ өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитин итэҕэйээхтээбэттэр. Ону күүтэн, билгэлээн тахсаллар», – эҥин диэн кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Итинник дьон кэпсэтэллэрин истэ сытан, утуйан хаалла. Сарсыарда ким эрэ тардыалыырыттан уһуктан кэлбитэ кыргыттара:

      – Тур, тур, көрүөххэйиҥ хаарбытын, – дииллэр эбит.

      Даайа кыыс сылбырҕа, киирэн-тахсан олорор киһи буоллаҕа:

      – Кытаатыҥ, үлтү тэпсэ иликтэринэ… – диэт, таһырдьа ойдо.

      – Арба даҕаны… бэҕэһээ, – дэһээт, атыттара кэнниттэн сырыстылар.

      Халлаан биллэ тымныйбыт. Тиийэн, оттомноохтук туттан, биирдии бэйэлэрин хаардарын көрдүлэр. Онно кыра Маайа хаарыгар, соруйан баттаабыт курдук, оҕо, ньирэй атахтарын суоллара хаалбыт. Маны көрөн, Маайа иһигэр олус үөрдэ. Биир кыыстарын хаара ып-ыраас. Бииргэ оҕо атаҕын суола түспүт. Ойуу түспэтэх кыыстарын аһынан: «Арааһата, ити Захар дьээбэлээбитигэр сөп», – дэстилэр. «Оннук эбит», – дэһэн баран, хотоннорун диэки сүүрэ турдулар. Тымныы обургу чараас таҥастаах кыргыттары хамсаныыларын эбэн эрэ биэрдэ. Биир үлэ күнэ саҕаланнаҕа. Кыргыттар хаһан да тоҥнубут-хаттыбыт дэспэттэрэ. Арай, олохпут көнөрө күн-түүн чугаһаан иһэр диэн эрэл санаалара күүстэригэр күүс эбэрэ.

      Күн-дьыл биир сиргэ турбат буоллаҕа. Сол курдук, ылааҥы күннэр чугаһаан тиийэн кэллилэр. Сүөһүлэр төрөөн, үлэ-хамнас биллэрдик эбилиннэ. Аны Дуунньа барахсан, ыарытыйан, сытан хаалла. Кини сүөһүлэрин балта Маайа көрө сырытта. Кыыстарыгар: «Дэриэбинэҕэ киир», – диэтэхтэринэ, ити туруом, бу үтүөрүөм диэн төрүт буолуммат. Эрэл кыымнаах сыттаҕа.

      Биир күн күнүскү үлэ кэннэ, аһаан бүтэн олордохторуна, арай, Дуунньа мал уурар кыра остуола, киһи соһуйуох, малын үрэл гына ыһан силбиэтэнэн кэбистэ да, балаҕан ортотун диэки сыҕарыҥнаан тиийэн, тэбиэлэнэн киирэн барда. Соһуйаннар, балайда айахтарын атан, сыҥаахтара түһэ сыһан олордулар. Ким эрэ «Сэмэҥҥэ…» диэн эрдэҕинэ, быһый кыыс Даайа таһырдьа ыстанна. Остуоллара дьигиһийии бөҕө, тохтуур аата суох. Хайалара даҕаны хайдах, тугу гыныахтарын билбэттэр. Арай, Захар уол саха быһаҕын ылаат, ыстанан тиийэн, остуол үрдүгэр түһэн иһэн, сыыһа туттан, умса барда. Дьиҥэр, манныкка кыахтаах киһи эрэ туттуохтаах эбит. Былыргы дьон кэпсииринэн, остуол хабыллар хаба ортотугар саха быһаҕын батары саайыллыахтаах, оччотугар эрэ аһары сүүрэн барбыт остуол тохтоон, турунан кэбиһиэхтээх. Захар ону өйдөөн кэллэҕэ буолуо. Онто табыллыбата.

      Сотору аҕылаабытынан, нэһиилэ бөтүөхтээн, Даайа киирэн, аан ороҥҥо лах гына олоро түстэ уонна: «Иһэр, кэллэ», – диэтэ. Аан аһыллан, Сэмэн ыксаан-бохсоон киирэн кэллэ. Тугу эрэ ботугураабытынан сөһүргэстии түһээт, оһоххо сиэл, ас илдьэ кэлбитин утары уунна. Көр, ону эрэ көһүппүт курдук, остуоллара сүүрэрэ тохтоон,