Эргиллиэм мохсоҕол буолан. А. К. Никифорова

Читать онлайн.
Название Эргиллиэм мохсоҕол буолан
Автор произведения А. К. Никифорова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4353-8



Скачать книгу

ахтар дии саныыбын. Бу кинигэни ааҕааччы эмиэ ылыныаҕа диибин. Онуоха төрүөт элбэх. Иккиэннэрин холбуу тутан сыаналаатахха, маҥнайгытынан, тиэмэлэрэ сонун; иккиһинэн, ааптар айар ньымата ураты; үсүһүнэн, айымньылар тыллара-өстөрө хомоҕой; төрдүһүнэн, сэһэн киэбин толору тутуспут; бэсиһинэн, интернет үйэтинээҕи ааҕааччы интэриэһэ аахсыллыбыт. Итини арыый да тэниччи соҕус эттэххэ маннык.

      Кинигэ тиэмэтин сонуна, мин санаабар, элбэх киһи өйүттэн-санаатыттан сууралла, сүтэ-иҥэ илик түгэннэр, быһыы-майгы, өй-санаа, тыл-өс сырдатыллыбытыгар буолар. Ааҕааччы хараҕар көстөн, кулгааҕар иһиллэн, сыта-сымара муннугар биллэн кэлэрин курдук суруллубут түһүмэхтэр элбэхтэр. Ол иһин киһи сонурҕаан ааҕар.

      Ааптар айар ньымата кини идэтийбит суруналыыс быһыытынан өр кэм устата үлэлээбитинэн быһаарыллыан сөп. Чуолаан, суруналыыс кыраҕы хараҕа олох-дьаһах бытархайдарын таба көрөргө үөрэппитэ мэлдьэҕэ суох. Маны таһынан суруналыыс аҕыйах тылынан элбэҕи этэ үөрүйэҕэ эмиэ баар. Манна биири бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол – күннээҕи олох-дьаһах эйгэтигэр (жизненный мир) сыһыан уларыйыыта, итинтэн сиэттэрэн күннээҕи (повседневность) диэн өйдөбүл киириитэ. Бу киһини уонна уопсастыбаны үөрэтэр наукаҕа эрэ буолбакка, ити эйгэлэри уус-ураннык хоһуйууга кытта сыһыаннаах. Ол курдук, биллиилээх бөлүһүөктэр Вильгельм Дильтей, Эдмунд Гуссерль, Альфред Шюц үлэлэригэр «жизненный мир», «повседневность» диэн өйдөбүллэр ис хоһоонноро уонна кинилэр хайдах туһаныллыахтаахтарын туһунан элбэхтик этиллэн турар. Ити өйдөбүллэр киһини уонна уопсастыбаны үөрэтиигэ хото киирдилэр уонна күннээҕи олох-дьаһах философията (социологията, психологията) диэн ааттанар билии-көрүү салааларын үөскэттилэр. Уус-уран айымньыларга, ордук Арҕаа Европа дойдуларыгар, биирдиилээн дьон иэйиитин, күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын хоһуйуу холобурдара элбэхтэр. Сэбиэскэй литератураҕа олох хойукка диэри уопсастыба уонна судаарыстыба интэриэһэ өрө тутуллара, биирдиилээн киһи күннээҕи олоҕо-дьаһаҕа коммунизмы тутууну кытта ситимнээх эрэ буоллаҕына, уус-ураннык суруйуллуохтааҕын курдук санаа баһыйара. Уус-уран уобарас кылаассабай охсуһуу тула айыллыахтааҕа. Урукку кэмҥэ күннээҕини ойуулуур айымньы идиэйэ өттүнэн сиппэтэх-хоппотох аатырара. Дьиҥэр, суруйааччы маастарыстыбатын таһыма айымньытыгар бытархай көстүүгэ олох-дьаһах уустуктарын төһө сатабыллаахтык арыйбытынан быһаарыллар.

      Кинигэ тылын-өһүн анал үөрэхтээхтэр сиһилии ырытан сыаналыахтара. Көннөрү ааҕааччы санаабар, ааҕыллымтыа тыллаах-өстөөх айымньы. Оҥоро сатаан ууһумсуйуу суох. Ол эрээри ааптар билиҥҥи кэм күннээҕи тылыгар-өһүгэр олус охтубатаҕа, сахалыы литература тылын киэбин кэспэтэҕэ хайҕабыллаах. Хомойуох иһин, сорох аныгы суруйааччылар айымньыларын тыла-өһө литератураҕа сыһыана суох буолан иһэрэ киһини хомотор. Бу өттүнэн Айталина Никифорова кинигэтэ эҥкилэ суох үчүгэй диибин.

      Саха киһитэ, кэпсиир уонна сэһэргиир диэн туохтуур көрүҥнэрин араарар буолан, кэпсээн уонна сэһэн уратыларын үчүгэйдик өйдүүр. Сэһэн бэйэтэ ураты киэптээх, суруллар сокуоннардаах. Суруйааччы үлэтигэр ону тутуһар эрэ буоллаҕына айымньыта ааҕыллымтыа буолар. Саха биллиилээх суруйааччылара Амма Аччыгыйа, Софрон Данилов, Николай Якутскай, Николай Габышев, Реас Кулаковскай, Николай Лугинов, Петр Аввакумов, Федот Захаров, онтон да атыттар бастыҥ сэһэннэрэ оннуктар. Сэһэн кэпсээнтэн кээмэйэ улаханынан эрэ уратыласпат, тутула уонна ис хоһоонун арыллыыта эмиэ ураты. Ол курдук, сэһэҥҥэ айымньы геройун дьылҕатын толору көрдөрөр курдук налыччы-хоточчу элбэх сылы хабан саас-сааһынан ойуулуура ирдэнэр.

      Бу кинигэҕэ киирбит «Эргиллиэм мохсоҕол буолан» айымньы сэһэн буолара саарбаҕа суох. Биир бэйэм бу айымньыны сөбүлээбитим биир сүрүн төрүөтүнэн ити буолар диибин. Ис хоһоонун сиһилии сырдаппакка эрэ сэһэн бэлиэ түгэннэригэр ааҕааччы болҕомтотун туһаайыахпын баҕарабын. Сүрүн герой Трофим Трофимович Барахсаанап, омос көрүүгэ, аныгы кэм салалтата дуоһунас кирилиэһин дабайар суолун бигэтик үктээн иһээччилэриттэн биирдэстэрин курдук өйдөбүлү хаалларар. Кини төрөөбүт дойдутугар «сээн» дэппэккэ улаатан, оскуоланы нэһиилэ бүтэрдэр да, син үрдүк үөрэхтэнэн, ыал буолан, кэргэнин Дуся дойдутугар олохсуйар, үс оҕолонор, орто баайыылаах үлэһит кэккэтигэр киирэр. Демократия кэмигэр оскуолаҕа завхозтуу сылдьан нэһилиэк баһылыгын быыбарыгар кыайар. Баараҕадыйан, дуоһунастанан, үптэнэн-харчыланан баран, дойдутугар дьонун-сэргэтин билсэ таарыйа бэйэтин «көрдөрө» тиийэр. Итинник санаа үөскээбитэ бэйэтэ туһунан остуоруйалаах эбит. Сэһэҥҥэ ол сиһилии ырытыллар. Трофим эһэтэ Дьөгүөр Барахсаанап нэһилиэк сис баайа, кыаммакка-кырдьаҕаска сүрдээх аламаҕай, аччыгы аһатар, тоҥмуту хоннорор үтүө-мааны майгылаах киһи эбит. Өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ нэһилиэгэр оскуола туттарбыт. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ улахан дьиэтин сэбиэт хонтуората гыммыттар, баайын-дуолун төһө да көҥүл өттүнэн туран биэрбитин, дьоно-сэргэтэ көмүскэһэ сатаабытын үрдүнэн кулаактаан кэбиспиттэр. Аччыгый кыыһа Ааныс чиэски сиргэ оҕо дьиэтигэр утаарыллыбыт, уолун Трофимы (сэһэн геройун аҕатын), ыарыһах ийэтэ Бороскуо өлбүтүн кэннэ, урукку хамначчыттарын Огдооччуйа кыыһа, билиҥҥи интэринээт остуораһа Кэтириис көрөн-харайан атаҕар туруорар. Трофим тулаайах хаалбыт Маайыһы кытта оҕо эрдэхтэриттэн доҕордоһон, ситэн-хотон, улахан тапталынан холбоспуттар, элбэх оҕоломмуттар, уолларын Трофим