Тыын былдьаһыгар. Егор Картузов

Читать онлайн.
Название Тыын былдьаһыгар
Автор произведения Егор Картузов
Жанр
Серия Үүтээн үһүйээннэрэ
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5012-3



Скачать книгу

киэһэ мас аппын миинэн тэлгэһэ иһигэр сүүрэн элээрэ сырыттахпына, аҕам ыҥыран ылан: «Сарсын бултуу барыахпыт», – диэтэ.

      Аны бэрээдэги кэстэхпинэ сарсын илдьиэхтэрэ суоҕа диэн боччумурдум. Бэл, аны куота барыахтара диэн сээбэҥнээн утуйбатым.

      Сарсыарда эрдэ эбэбин кытта тэҥҥэ турдум. Торбоһун этэттэрэригэр1 көмөлөстүм, оҥкучахтан күөрчэх үүтүн таһаардым, илии-атах буоллум. Үлэ-хамнас, бэрээдэк бөҕөтөбүн, «барсар инибин» диэн испэр эрэл санаалаахпын. Убайдарым ийэбитин кытта кирпииччэ үктүөхтээхтэр, ол иһин эдьиийбин Маайыһы илдьэ барар буоллубут.

      Бөһүөлэктэн чугас, урут биһиги дьоммут олорбут Мээндийэ диэн сайылыктарыгар тирилэтэн тиийдибит. Күөх сайын сатыылаан турар кэмэ буолан, Эбэбит барахсан тупсубут аҕай. Алаас былаһын тухары сибэкки, көрүөххэ эриэккэс, кэрэмэн кэрэ. Халлааҥҥа күөрэгэй ыллаан дьирибиниир, сүүрэр-көтөр арааһа манна мустубут. Аҥаардас салгыныттан, отун-маһын сытыттан-сымарыттан туймаарыах курдукпун, тулам чап-чаҕылхай, сып-сырдык. Мин ыллыах-туойуох санаам кэлэр эрээри, аҕабыттан саллан «мык» да диэбэппин.

      Биһиги матасыыкылбытын сайылыкка хаалларан, ыллык устун тыаҕа таҕыстыбыт. Оту-маһы тоһуппакка саҥата суох өр хаамтыбыт, мин умайар уот куйааска дэлби утаттым, тамаҕым хатта уонна кумаар да сиэн кэһэттэ. Кэлэр сырыыга илдьэ кэлиэ суоҕа диэн аҕабар кыҥкыйдаабаппын. Дьэ кэмниэ кэнэҕэс, кэтэһэн кэлтэгэй буолтум кэннэ, сэндэҥэ тыа көһүннэ.

      Бары дүөдэ2 кытыытыгар бөкчөччү туттан, тыаһа-ууһа суох чөм-чөм үктэнэн үөмэн киирдибит. Дүөдэ ортотугар биир улахан кус хороллон олорор. Аҕам ол эрэ куска кыһаммат. Мин куһу көрбөт диэн ыйан көрдөрдүм, киһим сапсыйан кэбистэ. Синньигэс билии нөҥүө иккис дүөдэ баар эбит, онно үөмэн суксуруһан тиийдибит. Аҕам тохтоон, дүөдэ кутуругун халампааһынан кыҥастаста.

      Эмискэ көрө түспүтүм: уу кытыытыгар улахан ньолбойбут төбөлөөх, таллайбыт кулгаахтаах кугас ынах сытар. Үөнтэн-көйүүртэн көмүскэнэн даллайбыт кулгааҕынан сапсынар.

      Аҕабын саҥата суох ойоҕоско астым уонна: «Аҕаа, ынах сытар», – диибин. «Бачча ыраах хайаларын ынаҕа кэллэҕэй, арааһа, ыалбыт Настааччыйа ынаҕа буоллаҕа дуу» дии саныыбын.

      Онуоха аҕам сибигинэйэн: «Тайах, айдаарыма», – диэтэ уонна оройго оҕуста.

      Биир уостаах отут икки халыыбырдаах саатынан өр соҕус ыксаабакка кыҥаан баран ытан хабылыннарда, онтон тута сөрөөн, иккиһин ытта. Кыылбыт бүдүрүйэ-бүдүрүйэ туран кэллэ.

      Мин куотар буолла дии санаатым уонна: «Барда-а-а! Ыт-ыт!» – диэн хаһыы бөҕөтө түһэрдим.

      Онуоха аҕам холку баҕайытык: «Ууга оҕуннаҕына, хайдах хостуохпутуй?» – диэтэ.

      Мин икки дүөдэ билиитинэн тайах диэки хатыс ууннаран туос бөтөрөҥүнэн түһүнэн кэбистим. Арай сүүрэн элээрэн тиийбитим, кыылым ойуур быыһынан миигин утары бу турар эбит. Хааннаах хараҕынан халыччы көрбүт, дагдаллан улахана да сүрдээх, харах да харах, кулгаах да кулгаах, төбө да төбө. Мин көрбөтөхпүн көрөн, үөйбэтэхпэр түбэһэн, сарылаат, төттөрү сүүрдүм. Эмискэ, ычык быыһынан ыллык устун сүүрэн марайан иһэн аҕам түөһүгэр