Тыын былдьаһыгар. Егор Картузов

Читать онлайн.
Название Тыын былдьаһыгар
Автор произведения Егор Картузов
Жанр
Серия Үүтээн үһүйээннэрэ
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5012-3



Скачать книгу

эрдэттэн өрүнэн баран, өр ылбакка эрэйдэммитим. Онон туох эрэ көстүбэт күүс баар.

      Бултууруҥ бэйэҥ бэрдиҥ буолбатах, Байанай быһаарар эбит. Төһөнөн түүлээх булдугар убанан истэҕим аайы өйдөөбөтүм үксээн тахсар. Түүлээх булда туһунан бөлүһүөктээх, куттаах-сүрдээх. Ону ырыҥалаан сурукка тиспит киһи…

      Мин биирдэ үгэспинэн куорат оптуобуһунан айаннаан тиийэн, саһылга биэс чааркааны ииттим. Уонча хонон баран тоһуурдарбын көрө барар буоллум. Хайаан даҕаны биир эмэ иҥнибитэ буолуо диэн атаспын Уйбааны массыынанан илдьэригэр көрдөстүм. Атаһым нэдиэлэҕэ биирдэ ыраах бултуурбар барсар, эмиэ туһунан куттаах-сүрдээх, түүллээх-биттээх киһи.

      Күнү быһа хаамар сирбэр улахан омук массыынатынан начаас сирилэтэн тиийдибит. Маҥнайгы чааркаан таһыгар тохтоотубут. Тоҥуу хаары кэһэн иккиэн суксуруһан, үрэх үрдүгэр тиийдибит. Үрэҕи өҥөйөн туран атаспыттан ыйытабын: «Уйбаан, тугу көрөҕүн?»

      Киһим хардарар: «Саһыл үрэххэ ойон киирэн икки илин атаҕыттан хапкааҥҥа иҥнэн сытар».

      Мин саҥарбаппын. Бултаабыт аҕай киһи буолан иҥиэттэн эрэ кэбистим.

      Тохтуу түһэн баран соһуйбут куолаһынан эттэ: «Чааркааҥҥа иҥнибит саһыл таһынан иккис саһыл чааркааны соһон ааспыт». Уйбаан чэҥкээйититтэн талахха иҥнибит иккис саһылы тыыннаах олорорун булан аҕалла.

      Үһүс чааркааҥҥа киирэн иһэн: «Былырыын үрэх иһигэр ииппит чааркааммар саһыл иҥнэн баран бу манан ааспыта», – диэт, инним диэки хаары ыйан көрдөрдүм.

      Уйбаан мин ыйбыт сирбин көрөн баран хаһыытыы түстэ: «Быйыл эмиэ чааркаан соһуулаах саһыл ааспыт».

      Дьэ ол улахан саһылы сырабыт-сылбабыт баранан, күнү быһа эккирэппиппит. Уйбаан атаҕар кыанар киһи буолан сиппитэ. Ол сыл иккитэ иккилии саһылы тэҥҥэ сүгэн дьиэбэр кэлбитим.

      Дьэ оннук, Баай барыылаах Байанай биэрдэҕинэ, киһи сымыйалаан эппитин курдук биэрэр. Дьиҥинэн итини суруйуо суохтаахпын суруйдум. Улахан булчуттар бултаабыккын кэпсиэхтээххин, Байанай үөрүнньэҥ дииллэр. Онон кыратык быктаран, биир күн өлгөмнүк бултаабыппын суруйдум, күн аайы итинник бултаабаккын. Үксүгэр сииккэ сиэлэҕин, хаарга хаамаҕын.

      Бултаатарбын эрэ Бүлүү Лөкөчөөнүгэр олорор улуу булчукка, аарыма кырдьаҕаска Дьэпсиэйэп Сэмэҥҥэ эрийэн, кэпсээн үөрдэбин. Оҕонньоттор булт туһунан олус сэргииллэр, эдэр-сэнэх кэрэ кэмнэрин, сылдьыбыт сырыыларын санаан эрдэхтэрэ. Саһылы кыайан ылбатахха оҕонньоттор сүбэлииллэр, алгыыллар. Дэлэҕэ даҕаны этиэхтэрэ дуо «кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эрчимин ыл» диэн.

      Өлгөмнүк бултаабыт сылбар түүйдэ диэн куттаммытым, онно Бороҕон оҕонньор эппитэ: «Дьөгүөр, эн сиэри-туому тутуһан булка өр сыраластыҥ, онон түүйдэ диэн куттаныма. Ити эн Байанайга, тыа иччитигэр бэйэ киһитэ буолбутуҥ бэлиэтэ».

      Син биир урукку чааркааннарбын, дэйбиирбин, мас лаппаакыбын, атаҕым таҥаһын, үтүлүкпүн илдьэ сылдьабын. Чааркааммын уруккум курдук ииттэрбин да, тоҕо эрэ ала-чуо ол сыл өлгөмнүк бултаабытым буолла. Баҕар, кырдьык, улуу киһи эппитин курдук «бу киһи