Название | Биһик |
---|---|
Автор произведения | Дмитрий Пономарев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2022 |
isbn | 978-5-7696-6594-3 |
– Ийээ, ити мин Аанчык аатын биһигэр суруйдум, – диэтэ.
– Биһигэр даа?– Өрүүнэ соһуйбуттуу сибигинэйэн ыйытта, уолун төбөтүттэн имэрийэн ылла.
– Аһаа, онтон ити биһик Аанчык киэнэ буоллаҕа дии, – Сэмэнчик хардарда.
– Чэ эрэ, көрүөххэ, ханан суруйдуҥ? – Өрүүнэ орон үөһээ турар биһиккэ чугаһаан кэлэн, төҥкөс гынан, биһик чараас хаптаһыныгар «Анчык» диэн улахан гына оҥо быһан суруллубуту аахта. Кэннигэр турар уолун диэки эргиллэн, хаҥас илиитинэн суругу ыйан туран, сибигинэйэн ыйытта:
– Хайыа, Сэмэнчик, биир «а»-ҕын көтүтэн кэбиспиккин дии?!
– Онтон итинник суруллара буолуо дии санаабытым, нууччалыы, – Сэмэнчик ийэтин диэки көрө-көрө мичээрдээтэ.
– Нууччалыы баҕар буолуо… – Өрүүнэ уолун оройуттан сыллаан ылла. – Билигин аһыахпыт, – диэтэ.
Сэрии буолбута иккис сыла. Кыанар-хотор эр дьон үксүлэрэ онно ыҥырыллан холкуос үлэтэ бүтүннүү оҕо-дьахтар, кырдьаҕас дьон санныгар сүктэриллибитэ, саатар кураан сайын турбута. От, бурдук үүммэккэ айахтарынан улаханнык татыарыйдылар. Нуормаҕа бэриллэр бурдуктарын уһата сатаан барыны-бары булкуйан хааһылаан, биирдэ эмит лэппиэскэлээн сииллэр.
Сиртэн туох эмит сэрбэйбитин барытын аһыҥа утары сиэн аны ойуурга таҕыста. Бу сыллар тухары араастаан охсустулар: киһини курданарынан ханааба хаһан онно түһэрэ сатаатылар, куйаабыл оҥостон баһа сатаатылар, кыһынын сымыыттаан сытар сирдэрин булан хаарын күрдьэн тоҥоро сатаатылар да кыайтарбата. Кынаттанан былыт курдук көттө, уҥуох-тирии буола ырбыт, сэниэ-сылба бараммыт дьоно ону көрө-көрө ытамньыйдылар. «Туох абааһы үөнэ кыйма курдук төрүү-үөскүү турар баҕайытай, бэйэбитин эрэ сиирэ хаалла» диэн суланнылар.
Кураан суоһуттан үрдүк сирдэр хайыта бардылар, саһара сатаан баран хара буорунан өрүкүйдүлэр, күөллэр оҥоччу уоллулар, оннооҕор «сир хараҕа» дэппит чөҥөрө чүөмпэлэр сытыйбыт ньамаҕынан саба бүрүллэн сүөһү-сылгы уулуур кыһалҕалара турда. Уулуу киирэн бадарааҥҥа батыллыбыт сүөһүнү, сылгыны хостооһун туһугар туспа түбүк буолла. Мэччирэҥ суоҕуттан ынахтар үүттэрэ тарта, барбах бэрсэн дуомнууллар, бэйэлэрэ нэһиилэ сыл тахсыбыт муҥнаахтар куҥнара туолбакка халбаҥнастылар. Ол да буоллар Өрүүнэлээх холкуостара ааспыт кыһын Дьокуускайтан сэлиэһинэй суордун таһааран сүүсчэ гаа сиргэ ыһан, кыһынын хаар типтэрэн, көрөн-харайан орто үүнүүнү ылыах курдуктар. Аны арыый да кыанар өттүлэрин, өрүс эҥээр нэһилиэктэртэн арыыга сир ылан, оттото сылдьаллар. Онон кэлэр кыстыгы, бурдук атаҕа да буоллар, онно-манна булкуйан сиир хаһаастаах, холкуостарын уонна кэтэхтэригэр баар аҕыйах сүөһүлэрин сыл таһаарар оттонуох курдук бөҕөх санаалаахтар.
– Сэмэнчиэк, кэл, аһыахха тоойуом, – Өрүүнэ уолун ыҥырда.
Оһох таһыгар мас кыһа олорбут Сэмэнчик остуолга чугаһаан, олох мас тардынан ийэтин диэки көрө-көрө мичээрдии олордо. Бэҕэһээ нуорма бурдук түҥэппиттэриттэн, ахтыбыттара ырааппыта бэрт буолан, лэппиэскэлээбиттэрэ. Өрүүнэ онтуттан эмти тутан уолун уонна бэйэтин иннигэр өлүүлээн уурталаата, үгэхтэн тууйастаах суораты аҕалан хаппаҕын аһан хамыйаҕынан булкуйа түһэн баран чохообулларга кутуталаан иннилэригэр уурталаата.
– Сэмэнчиэк, мин кэлиэхпэр диэри уонна аһаабаккын, сөп. – Өрүүнэ уолун диэки аһынардыы көрдөр да, ылыннарыылаахтык эттэ.
– Сөп, ийээ, – Сэмэнчик аһыырын быыһыгар хардарда.
– Кыыһыҥ ытаатаҕына суутун уларытаар уонна үүтүн иһэрдээр, өйдөөтүҥ? – Өрүүнэ кини суоҕар уола тугу гыныахтааҕын быһаара олордо. – Уокка оттор маскын таһан кэбиһээр.
– Сөп, ийээ, барытын толоруом.
Бу кэмҥэ биһиккэ сытар оҕолоро ыҥырҕаан уһуктаары мөҕүстэ.
– Ии, оҕом аһыан баҕаран уһугунна дии, – Өрүүнэ биһиккэ сытар оҕотугар барда. Ытаан эйэҥэлиир оҕотун биһигиттэн ылан, орон үрдүгэр сытыаран, суутун уларытта, ол кэннэ эмиийин эмтэрдэ. Кыра киһи ах барда, харахтарын симириктии-симириктии сүр иҥсэлээхтик эмэн болтоҥноото.
Өрүүнэ эрэ – Өндөрөй былырыын балаҕан ыйыгар хомуурга хабыллан сэриигэ барбыта, Өрүүнэ оһоҕостоох хаалбыта. Саас муус устар ыйга этэҥҥэ оҕоломмута. Оҕото кыыс буолбутуттан олус үөрбүтэ, Өндөрөйө кыыстаныан наһаа баҕарара. Эрин санаатын көтөҕө, үөрдэ кини ийэтин аатын кыыһыгар биэрбитэ. Өндөрөйө кыыстаммытын истэн кэнники суругар сүргэтэ көтөҕүллэн элбэҕи ыралаан суруйбут этэ. Дьоллоох күннэрэ хаһан буолалларын Өрүүнэ кэтэһэр уонна ол күннэр хайаан да үүнүөхтэригэр бүк эрэнэр. Өрүүнэ бу аччык, кыһалҕалаах кэмнэргэ улаханнык куттана саныыра үүтүм тардан оҕобун тоторуом суоҕа диэн. Хата баччааҥҥа диэри этэҥҥэ кэллэ, билигин кэм ынах үүтүн сиҥэлээн эбинэр буолла. Холкуоһун дьоно эрэ сэриигэ сылдьарын, уу кыһыл оҕолооҕун санаан өрүү тугунан эмит көмөлөһө сатыыллар. Сэргэстэһэ олорор алааһын ыаллара бу ааспыт кыһын уокка оттор маһын, мууһун таһан, бэлэмнээн биэрэн олус абыраабыттара. Өрүүнэ, бэйэтэ да хачаайы киһи, оҕотун эмтэрэн, эбиитин мөлтөх аһылыктан, күүстээх үлэттэн эбии дьүдьэйдэ. Ону ол диэбэккэ туох да үлэ буоллун ылсан иһэр. Кыра оҕолоох киһи дьиэтиттэн чугас сылдьан үлэлиирэ ордук буолуо диэн сүөһү көрөөччүнэн анаабыттара. Ынах ыырын, ньирэйдэрин аһатарын