Название | Атырдьах сэргэ |
---|---|
Автор произведения | Данил Макеев |
Жанр | |
Серия | Билиҥҥи кэм прозата |
Издательство | |
Год выпуска | 2014 |
isbn | 978-5-7696-4521-1 |
Дьэ, ити кэмҥэ ойууртан икки хара күлүк дэриэбинэ саамай кытыы уулуссатыгар, нүксүччү туттан үөмэн киирбиттэрэ. Сотолорун ортотунан охсуллар уһун таҥастаахтарыттан сылыктаатахха байыаннайдар быһыылааҕа. Бэркэ сэрэнэн, тохтоон чуҥнуу-чуҥнуу, сыҕарыйаллара. Туора харахха көстүөхтэрин адьас баҕарбаттара өтө көстөрө.
Ити күлүктэри көрүөхтэрин иннинэ, патрульга сылдьар ньиэмэс икки саллаата табах уматтаары үрдүк соппулуоттаах олбуор таһыгар тохтообуттара. Үөмэн нүксүлдьүһэр дьону көрөөт, олбуорга сөрүөстэ түһэн, кутуйах өҥө дьүһүннээх синиэллэрэ эргэ мас соппулуоту кытары силбэһэн хаалбыта. Арай, харахтара чаҕылыһан, сирэйдэрэ барбах тунааран көстөрө.
Били дьон балачча чугаһаабыттарын кэннэ, иккиэн тэбис-тэҥҥэ:
– Хальт! Хэндэ хох! – диэн уу чуумпуга ордук сатараан иһиллэр гына хаһыытаан тоҕо барбыттара. Сонно тута инники иһэр күлүк диэкиттэн уот субуруҥнаабыта да, бэстилиэт тыаһа баһырҕаабыта. Саллааттар чохчос гына түһээт, төттөрү сырсан эрэр күлүктэр диэки уһун уочараты биэрэн тачыгыраппыттара. Куотан иһээччилэртэн үрдүк уҥуохтааҕа, эмискэ көстүбэт модьоҕоҕо иҥнибиттии, даллас гынаат, умса баран түспүтэ. Киниттэн быдан намыһаан көстөр иккис киһитэ өссө уонча хаамыыны ойон баран, оргууй бүк түһэн барбыта.
Саллааттар автоматтарын туһулуу туппутунан сырсан тиийбиттэрэ. Умса түһэн сытааччыны тиэрэ тардан көрбүттэрэ, айаҕыттан хааннаах күүгэн аллыбыт этэ. Өрүтэ мэҥийэн иккитэ-үстэ хардырҕаан тыынаат, иҥиир ситиитин тартаран дьигиҥнээбитэ, онтон налыс гынан хаалбыта. Иккис киһиэхэ ыстанан тиийбиттэрэ ыарыытыттан сирэйэ хаанньастан баран, хаҥас илиитин кууспутунан тураары үнүөхтээбитэ. Буулдьа тоҥолоххо түһэн баран, харытын бүтүннүү тоҕо солоон ааспыт этэ.
Ити икки ардыгар офицер баһылыктаах хас да саллаат сүүрэн тилигирэһэн кэлбиттэрэ. Офицер өлө сытааччыга төҥкөйөн плаһын петлицатыгар үс сулуһу, сиэҕэр көмүс солотуулаах шеврону кытта улахан сулуһу көрөөт, чугастааҕы сарайга илдьэргэ дьаһайбыта. Бааһырбыт киһини бэрэбээскилииргэ бирикээстээбитэ. Бэйэтэ штабка дакылааттыы ыстаммыта.
Күн тахсыыта ньиэмэстэр 38-с армейскай корпустарын разведкаҕа отделыттан капитан Швердтнер тылбаасчыттаах, уонча саллаат арыалдьыттаах тиийэн кэлбитэ. Тута Кыһыл Армия генерал-лейтенана чыыннаах киһи өлүгэ сытар сарайыгар ааспыттара. Халлаан сырдаабытын кэннэ көрдөххө, соломоҕо тиэрэ түһэ сытар киһи хорумматаҕа ырааппыт сэҥийэтэ туос курдук кубарыччы тарпыт этэ. Үрдүк сүүстээҕэ, улахан муруннааҕа, дэгдэгэр соҕус имнээҕэ, харатыҥы баттахтааҕа, уһун уҥуохтааҕа. Үкчү большевиктар 2-с Ударнай армияларын командующайа генерал-лейтенант Власовы ойуулаабыттарын курдук этэ. Арай ачыкыта эрэ суоҕа. Ол эрээри, ачыкытын сүтэрэн кэбиһиэн эмиэ сөбө.
Швердтнер илиитин кыһыл оҕо кэриэтэ түөһүгэр көтөҕөн турар билиэннэйгэ эргиллэн, төбөтүнэн кыҥнах гынан соломоҕо сытааччыны ыйан баран:
– Бу эн командирыҥ дуо? – диэн ыйыппыта.
– Ээх, – диэт анарааҥыта умса көрөн кэбиспитэ.
– Власов генерал дуо?
– Ээх.
Швертднер аан таһыгар чинэллэн турар конвоирдарга садьыс гынан баран:
– Билиэннэйи илдьиэххитин сөп, – диэбитэ. Бэйэтэ Кыһыл Армия генералын бу күн сиригэр туох да буолбутун иһин уолуһуйбат буолбут кубархай сирэйин тобулу одуулаан тура түһээт, хаҥас өттүнэн эрчимнээхтик эргиллэн тахсан барбыта. Штабка тиийэн Власовы көмөргө соруйан, боротокуол суруйан баран, тахсан массыынаҕа олорон арыаллаан кэлбит мотоциклистары батыһыннаран, суол буорун өрүкүтэн айанныы турбута.
Кини Ям-Тесевоҕа патруль генерал Власовы ытан өлөрбүтүгэр бүк эрэллээх этэ. Ол иһин тута корпус командованиетыгар рациянан генерал-лейтенант званиелаах киһи өлүгэ чахчы нууччалар 2-с Ударнай армияларын командующайа Власов буоларын туһунан биллэрбитэ.
Ям-Тесевоҕа баран иһэн Туховежи диэн дэриэбинэҕэ суол ыйдараары тохтообуттарыгар, староста киниэхэ дьахтардаах эр киһи хоннорорго көрдөспүттэрин, кыһыл көмүс чаһы биэрбиттэрин туһунан тыллаабыта. Ол дьону уорбалыы санаан сарайга утуталаан баран, тастарыттан хатаан кэбистим диэбитэ. Өссө биэрбит чаһыларын көрдөрө сатаабыта.
Швердтнер нууччалыы билбэт уонна Ям-Тесевоҕа патруль ытан кэбиспит улахан чыыннаах киһитэ ким буоларын быһаара охсоору ыксаан иһэр буолан, онно эрэ наадыйбатаҕа. Суол ыйдаран баран ааһа турбуттара. Онтон төннөн иһэн Туховежига кэлбиттэрэ, староста бэргэһэтин түөһүгэр хам туппутунан эмиэ суол кытыытыгар тоҥхоҥнуу турар этэ. Кэриим ыт кэлэр-барар дьоҥҥо албыннаһарын курдук, кылап-халап көрө-көрө, чүөччэрдии тараҕайдаах төбөтүн сэрэммиттии бокуойа суох эргичиҥнэтэ-эргичиҥнэтэ өссө төгүл били дьонун туһунан эппитэ.
Швердтнер икки автоматчигы ылан, кэлбиккэ-барбыкка барытыгар эккэлии сатыыр ыкка майгынныыр нууччаны батыһан, чугас соҕус турар баһаарынай сарайга тиийбиттэрэ. Ааҥҥа ыт баһын саҕа күлүүс ыйанан турара. Староста күлүүһү арыйан ааны тэлэччи тардыбыта. Тылбаасчыт аан чанчыгар сөрүөстэн туран:
– Тахсыҥ! Эһигини төгүрүйдүбүт, – диэн