Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Читать онлайн.
Название Эр киһи уонна дьахтар
Автор произведения Егор Неймохов
Жанр
Серия Билиҥҥи кэм прозата
Издательство
Год выпуска 2010
isbn 978-5-7696-3310-2



Скачать книгу

сааскы чыккымайдардыы сананнылар, олох бу бырааһынньыгар туспа дьон курдук буолан, саҥата суох сукуһан олордулар, бэл аһыах да санаалара кэлбэт, бакаалларга кутуллубут отон уутун сыппайбыта буоллулар. Кинилэри кыраҕытык кэтии кэннилэригэр турар официант уолаттар, кураанахтаатылар да, сонно толортоон иһэллэр. Ыалдьыттар тириттилэр-хоруттулар, эр дьон бинсээктэрин эмиэ устан, олоппосторун өйөнөрүгэр иилэ бырахтылар. Күлсүү-салсыы, ол олорон кэпсэтиилэрин хайысхата син биир үлэлэригэр иэҕиллэ турар, өй-санаа барыта хантан, хайдах гынан бизнеһи тупсарар туһунан буолла. Ол быыһыгар тыл этэллэр, бары бастаахтар бүппүттэрин кэнниттэн хаһаайын Бэргэҥҥэ дьэ тыл биэрдэ:

      – Динам бииргэ үөрэммит доҕотторугар – Ксенья, Бэргэн Ивановтарга… – диэн буолла.

      Бэргэн турда уонна маннык үтүө дьиэни-уоту туттубут дьонун хайҕаата, билиҥҥи кэмҥэ үгүстэр соһуйан-уолуйан, сорохтор урукку былааска бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыттарынан саҥа үйэҕэ оннуларын булбакка сылдьалларын бэлиэтээтэ («ол иһигэр мин» дии сыста) уонна кэпсээҥҥититтэн иһиттэххэ, баар дьон бары бизнестээх, үбү-харчыны оҥорор дьон эбиккит, үйэ уларыйбытынан аны судаарыстыба буолбакка, эһиги курдук дьонтон барыбыт кэлэр кэскилбит, норуоппут, ыччаппыт дьылҕата тутулуктанар диэн баран:

      – Сүрэххитигэр чэпчэки, сиэпкитигэр ыарахан буоллун! – диэн тост көтөхтөрдө.

      Кини этиитин сөбүлээтилэр, ким эрэ: «Тугунан дьарыктанаҕын?» – диэн ыйыппытыгар, Бэргэн хоноччу туттан баран, дорҕоонноохтук эттэ:

      – Кэргэним оскуолаҕа биэлсэр, оттон мин харабылбын, дуоһунас кирилиэһигэр боростуой норуоту кытта баарбыт уонна онон киэн туттабыт! Кэргэним наар оҕолору кытта бодьуустаһар, ити курдук ким эрэ материальнай уйгунан, оттон ким эрэ дьоҥҥо духуобунай баайы иҥэриинэн дьарыктанар, – диэтэ.

      – Оннук-оннук, – кылгас хаалтыстаах, маччаҕар сүүһэ, кэннин диэки тарааммыт уһун баттаҕа хайдах эрэ кэриэйдии дьүһүннүүр киһи биһирээн санныга таптайда, – оҕону кытта үлэлиир – ытык дьыала.

      Баар эр дьон бары тыл эттилэр, баарыан сценаҕа ыллаабыт артыыстара киирэн эмиэ ырыанан көччүттүлэр, ол тухары Бэргэннээх илиилэрин-атахтарын кумуччу туттан олорорго күһэлиннилэр, хоту олорон бэйэлэрин тэҥнээхтэрэ – геологтары, эмчиттэри кытта бырааһынньыктыыллара, оттон манна адьас атын хампаанньа, этэллэрин курдук, «саҥа сахалар, нууччалар», хаһан да билбэтэх баай дьоно, үптэрэ-харчылара үллэҥнэс, кыахтаахтара таһынан быгыахтыы сылдьар, аан дойду атахтарын анныгар сытарыныы сананан эрдэхтэрэ.

      Сынньалаҥҥа бу киэҥ уораҕайга дьахталлар туспа бүгэн, бэйэ-бэйэлэрин уруккуттан билсэр буолан, сонуннарын кэпсэтэн хобугунастылар, эр дьон билиардыыр хоско киирэн, шариктары кий мастарынан охсуолуу кэйиэлээн оонньообутунан бардылар. Бэргэн урут оонньуур буолара да, дьоно харчыга киирсэллэр эбит, ол иһин дьулайда, онон көрөөччү эрэ буоларыгар тиийдэ. Били кылгас хаалтыстаах киһи остуол күөх сукуна сабыытыгар быардыы сытан, буугунуу-буугунуу кыҥаата уонна