Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова

Читать онлайн.
Название Түүл буолан сүтүмэ
Автор произведения Галина Нельбисова
Жанр
Серия Таптал таабырына
Издательство
Год выпуска 2008
isbn 978-5-7696-2951-8



Скачать книгу

иһин биири көтүттүм ээ. Хата, дьээдьэ Игнат тулуурдаахтык күүппүт дии.

      – Дьаһал оннук буоллаҕа. Кэлэн хааллаҕына мө-ҕүллүө дии, – Людмила Дорофеевна саҥа кэргэнигэр былаастааҕын балтыгар киэн тутта иһитиннэрдэ.

      – Суумкаларбын илдьэ хаалла дии. Гаражка сыл-дьан баран киирэр үһү.

      – Ама эн соһо сылдьыаҥ дуо. Туох иһин эр киһилэниэхпитий, доҕор. Чэ, суун-тараан, чэйдиэх-пит. Маамаҥ бырааһынньыктааҕы менюта манна көһөн кэллэ. Сибилигин телефоннуу сырытта, тэһий-бэтэх быһыылаах.

      Сотору Людмила Дорофеевна кэргэнэ Игнат Иванович икки улахан суумканы сыһан-соһон, аҕылаан-мэҥилээн киирэн кэллэ.

      – Эчи ыарахан да маллар, доҕор. Кыргыттар таһа-ҕастара өрүү элбэх буолар. Оттон Антоша спортивнай суумканы сүгэ-сүгэ барар-кэлэр дии, – Игнат Иванович көлөһүнүн туора сотто-сотто куукунаҕа уу иһэ тиэтэйдэ.

      – Бу айылаах мааны кыыс баайа-дуола буоллаҕа. Рабкооп хотунун оҕотун отунан-маһынан оҥорбоккун. Игнат Иванович, чэ, сууна оҕус. Оҕобут төрөөбүт күнэ. Өссө билигин тыбыс-тымныы шампанскай иһиэхпит, – Людмила Дорофеевна суумкалар быылларын сото-сото хос диэки илдьитэлээтэ.

      Остуолга олорон күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ чэй-дээн бардылар. Людмила Дорофеевна дойдутун дьо-нун, аймахтарын сураһар. Лилия билэрэ да аҕыйах эбит. Игнат Иванович бэйэтэ да кэмчи саҥалаах-иҥэлээх киһи быһыылаах, саҥа күтүөт буолбут киһи билэрэ да аҕыйах буоллаҕа, оччо кыттыспат. Сэргээн иһиллээн олорор, сөп-сөп тыл кыбытан ылар. Сотору саалатыгар барда.

      – Дьахтар киһиэхэ олус кэскилэ суох идэни тал-быккын. Оҕолоннуҥ да тохтууруҥ буолуо дии, үҥкүү-лээн куйаара сылдьыаҥ дуо, – Людмила Дорофеевна Лилия культурнай-сырдатар училищеҕа үҥкүү идэти-гэр туттарсар былааннааҕын соччо сэргээбэтин биллэрдэ.

      – Эс, эдьиэй, ол кэргэн тахса охсор үһүбүн дуо. Сылдьа түһэр былааннаахпын. Эдэр сааспын төһө кыалларынан уһатыам ээ!

      – Олус уһатар эмиэ куттала баар. Миигин, эдьиий-гин, көр даҕаны, сааһыран баран өйдөнөн олоҕу билэ сатыыбын. Кэмигэр, эрдэ дьаһаммытым буоллар оҕо уруу да баар буолуо этэ. Ханна баар тапталларын кэтээн олорбутум буолла?

      – Таптал баар, эдьиэй! Киинэҕэ, кинигэҕэ сымы-йаны көрдөрбөттөр.

      – Эчи, романтичнайгын. Эдэриҥ бэрт буоллаҕа-а. Чэ, үөрэххэ киирэриҥ туһугар, – Людмила Доро-феевна шампанскайдаах бакаалын өрө көтөхтө.

      Людмила Дорофеевна, бэйэтэ эдэригэр олоҕун оҥостубакка оҕоломмотох буолан, балтын оҕолорун олус күндүтүк саныыр, бэрт кыраларыттан тэбис-тэҥҥэ бэрийсэр. Урут сайын уоппуската буоллар эрэ тыаҕа баран сайылаан, бырааттарын, балтын кытта бодьуустаһан астынан ахан төннөрө. Сыл – хонук. Аҕалара төһө да быраҕан бардар, Валя өһөс, туруу дьахтар буолан, оҕолорун атахтарыгар туруортаан эрэр. Уолаттар этэҥҥэ улаатан, дьиэ иһинэн-таһынан барыны бары кыайа тутар дьон буолан, ийэлэрин абыраабыттарыттан Людмила сэмээр үөрэр. Лилия аҕатын курдук көнө уҥуохтаах-арҕастаах, киһи хараҕар быраҕыллар кынталдьыйбыт бэйэлээх буола улааппыт. Сирэйинэн эмиэ аҕатыгар дылы сырдык. Ол оннугар уолаттар