Кинигэҕэ ааптар саҥа айымньылара киирдилэр. «Эр киһи уонна дьахтар» сэһэҥҥэ уларыта тутуу саҕана учуонайдар уонна билиҥҥи кэмҥэ кинилэр оҕолорун олохторо ойууланар. «Өлүөнэ очуостарыгар», «Төнүн», «Ыалдьыттыы сылдьан», «Маай бырааһынньыгын иннигэр» кэпсээннэр таптал тиэмэтигэр ананаллар. Киинэ сценарийыгар биһиги эрэ буолбакка, өстөөх командованиета кытта кэрэхсээбит Герой Ф.М. Охлопков бойобуой суола кэпсэнэр. Норуодунай суруйааччы 60 сааһыгар тахсар.
Кинигэҕэ Саха норуодунай суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2015 сылга «Айар ыллык» диэн оҕоҕо аналлаах айымньыны суруйууга сабыылаах улахан күрэҕин кыайыылаахтарын айымньылара киирдилэр. В книгу вошли произведения победителей республиканского закрытого конкурса «Айар ыллык» на лучшее литературное произведение для детей, организованного в 2015 году Детским издательством «Кэскил» им. Н.Е. Мординова-Амма Аччыгыйа.
Сэһэҥҥэ таптаспыт сүрэхтэр бэйэ-бэйэлэригэр курдаттыы тардыһыылара, дууһаларын аймалҕана ойууланар. Үгүс сыллары уҥуордаан сүтэрсибит сүрэхтэр сипсиэрдэригэр кубулуйбут таптал туһунан сэһэн эдэр-эмэн да ааҕааччыны умсугутуоҕа, олох кэрэтэ хаһан да бүппэтин өйдөтүөҕэ.
Талааннаах фронтовик-суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 95 сылын көрсө тахсар кинигэҕэ сэһэннэрэ, кэпсээннэрэ киирдилэр. Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар ананар.
Эдэр ааптар кэпсээннэригэр күннээҕи олоххо үгүстүк көстөр быһыыны-майгыны, чугас дьон сыһыаннарын, киһи саныыр санаатын, омос көрдөххө, балачча суруллан кэлбит тиэмэлэри арыйар эрээри, хас биирдии айымньыта дириҥ ис хоһоонноох, ааҕааччыны долгутар уонна толкуйдатар аналлаах. Таптал таабырына, уоллаах кыыс сүрэхтэрин кистэлэҥэ, олох очуругар бүдүрүйэн да баран көнүү – бу буоллаҕа олохпут тутуллан турар тутула, үйэлэргэ ахсаабат өй уонна сүрэх мөккүөрэ, олох олорор, киһи аналын толорор туһугар дьулуур көстүүтэ. Сорох кэпсээннэр «Эдэр саас» хаһыат «Сүрэх кистэлэҥэ» рубрикатыгар бэчээттэммиттэрэ.
Социалистическай Үлэ Геройа, саха народнай суруйааччыта, биллиилээх общественнай деятель Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар хомуурунньукка дириҥ социальнай ис хоһоонноох, умнуллубат уус-уран уобарастардаах кэпсээннэрэ киирдилэр.
Үрүҥ-хара, үтүө-мөкү, кырдьык-сымыйа, үөрүү-хомолто, үчүгэй-куһаҕан, сырдык-хараҥа, таптал-өһүөн, бэринии-таҥнарыы… барыта бу олоххо баар, син биир БААР-СУОХ диэбиттии, бэйэ-бэйэтиттэн хардарыта тутулуктаах…
«Ол түгэн уораана» сэһэн саха народнай суруйааччыта Софрон Данилов «От үрэххэ» диэн киэҥник биллэр, хрестоматияҕа киирбит кэпсээнигэр олоҕуран сурулунна. Сэһэн туһунан бэчээккэ хаста да суруйан тураллар. Олор ортолоругар Багдарыын Сүлбэ 2010 сыллаахха «Кыым» хаһыакка: «Арчылан бу кинигэтин мин саха кыыһыгар, дьахтарыгар гимн курдук сыаналыы аахтым», – диэн суруйбута.
Суруйааччы саҥа айымньыларын геройдара – бүгүҥҥү кэм дьоно. Ким эрэ табыллыбатах тапталтан эрэйдэнэр, ким эрэ чугас киһитин алҕаһын көннөрө сатыыр, оттон сорохтор арыгы ыар содулуттан тэмтэрийэн иһэн көнөр суолга үктэнэллэр. Кинилэри биир дьулуур ситимниир – инникигэ эрэл, олоххо тардыһыы.
Хомоҕой хоһоонньут, талааннаах суруналыыс Н.В. Михалева-Сайа саха көрөөччүтүн кутун туппут, киэҥ биһирэбилин ылбыт «Кэпсиэ» биэриитин хайдах толкуйдаан, торумнаан, айан таһаарбытын, аҕыйах кэм иһигэр биэрии хас биирдии саха ыалыгар күндү ыалдьыт буолбутун сиһилии сэһэргиир. Ааҕааччы күөх экран күндэлэс көстүүтүн кэтэҕэр хайдах олох баарын билиэн, бу биэрии биллии-биһирэбил муҥутуур чыпчаалыгар сылдьан соһуччу тоҕо тохтообутун туһунан ыйытыытыгар хоруйун мантан булуон сөп. Кинигэ иккис баһыгар дьоҕурдаах суруналыыс саха чаҕылхай дьонун араас өттүлэриттэн арыйар суруйуулара талыллан киирдилэр. Бу киэҥ ааҕааччыга анаммыт хомуурунньук тэлэбиидэнньэ суруналыыстыкатын умсугутуулаах идэтин талбыт эдэр дьоҥҥо бастыҥ сүбэһит быһыытынан кэрэхсэниэ.