Май Емельянов

Список книг автора Май Емельянов



    Буулдьа суола

    Май Емельянов

    Кинигэҕэ ааптар олоҕун сүрүн хайысхатынан буолбут милииссийэ уустук үлэтин түгэннэрин, ону тэҥэ саха киһитин кутун-сүрүн туппут булт абылаҥнаах сырыыларын уустаан-ураннаан сэһэргиир. Киһи олоҕо дьикти-дьиибэ көстүү, таайыллыбатах араас абылаҥ таҥылларын итэҕэтэр.

    Бүтэһик ботуруон

    Май Емельянов

    «Үүтээн үһүйээннэрэ» серия Май Емельянов «Соһуччу көрсүһүү» диэн кинигэтинэн саҕаламмыта, дьон сэҥээриитин ылыан ылбыта. Бу «Бүтэһик ботуруон» кинигэҕэ ааптар доҕотторо, аймахтара, ааҕааччылара бултуу сылдьан араас быһылааҥҥа, түбэлтэҕэ түбэспиттэрин туһунан уус-ураннык ойуулуур. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

    Соһуччу көрсүһүү

    Май Емельянов

    Булт абылаҥар ылларбыт, сонор суолун олоҕун усталаах-туоратыгар үгүстүк тэлбит, Баай Байанай мааны бэлэҕэр элбэхтэ тиксибит, үөрүүтүн-хомолтотун этинэн-хаанынан билбит ааптар булчут араас мучумаанын, мүччүргэннээх сырыыларын уустаан-ураннаан ааҕааччыга бэлэх уунар.