Баай барыылаах Байанайдан. Андрей Яковлев

Читать онлайн.
Название Баай барыылаах Байанайдан
Автор произведения Андрей Яковлев
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4559-4



Скачать книгу

тыаһым доргуйа эҥсиллэр. Үрүсээкпин сүгээри тураммын халампааһынан көрдүм: харалар олорбуттарын курдук олороллор, барбах хамсыыллар. Мин саараҥнаан бараммын, дьонум «кэйээриҥнэтэбит» дииллэрин санааммын, тыыбын сулугураччы ууга астым. Эрдэр эрдибэт, тыалга оҕустараммын, андыларга чугаһаан истим. Андылар миигин көрөн дьалты туттаннар ууга быһа тимирэн хоһуласпытынан уһуннулар. Мин тыым тумсунан хайысха тутаммын андылары кэннилэриттэн ойоҕолуу батыһабын. Бырахтаран ытар холго киирдим. Андылар усталлара түргэтээтэ эрээри, мин утуйар кэмнэригэр лаппа нэмийэн чугаһаабыт буоламмын, тилэх баттаһа иһэбин. Кустар күөлү кыйаннар атах түгэҕэр киирдилэр. Улахан ууга барар сирдэрин тыылаах киһиэхэ былдьаппыттарын өйдөөтүлэр быһыылаах, хололоспутунан уу үрдүгэр дагдас гына көбөн таҕыстылар. Көрдөхпүнэ харалара, бөдөҥнөрө сүр. Икки уостаах уон алталаах саалаахпын. Онтубун санныбар бигээт, хоһуласпыт харалары ортолорун көрөөт, чыыбыспын төлө тардабын. Икки анды ууну лаһыйбытынан, миигин көрдө-көрбүтүнэн тыалы утары өрө көтөн таҕыстылар. Саабын ииттэр түгэн көстүбэтэ. Сыһыгыраан ааһан эрэр икки андыттан көстүүлээҕин халбыйан ытан түһэрдим. Иккис анды миигин ааһа көтөөт, эбэ ортотугар баар улахан хатыҥ мастардаах арыыга, анды мончууктаах сэһээккэҕэ тиийэн, элиэтээн эрдэҕинэ, онтон андаатар бэргэһэлээх кусчут быган ытта. Анды төбөтүн оройунан кулаачыхтана хойуоһунна.

      Мин ууга таймаҥнаһа сылдьар икки андыны ылан тыыбар быраҕынным уонна отуубар барардыы уһуннум. Сэһээккэттэн киһи тахсан, талах кэтэҕиттэн ууга тыыны соһон таҥкынатан киллэрдэ уонна харса суох мин иннибин быһа түһэн эрдэн барда. Өр-өтөр буолбатыбыт, тыылаах киһилиин утарыта көрсөн тыыларбытын ойоҕосторунан сыһыардыбыт. Оппуонньа эбит.

      – Ноо, Өндөрөй! – Оппуонньа кэлэҕэйдиир буолан бэрт эрэйинэн, ыгыста-ыгыста төлүтэ биэрдэ. Мин кини кэлэҕэйдиирин көрө улааппыт буолан, саҥарарын кэтэһэбин. – Ноо… и-ти.. мин… хойубуннарым! – диэтэ. Онтон тугу эрэ этэ сатаан ыгыста-ыгыста саҥара сатаата да, сатаан истибэтим. Онтон: «Эээээ…» – диэн баран, тыыбыттан биир хара, санаабар, саамай улахан хара андыбын моойуттан бобо харбаата да, тыыбыттан анньынан кэбистэ уонна төттөрү эрдинэ турда.

      Мин бастаан утаа андыбын былдьатан тыылаах киһини эккирэтиэх курдук гынан иһэн төттөрү отуубар бардым. Кэлэммин дьоммор туох буолбутун барытын саас-сааһынан «остуоллаан» биэрдим. Миитэрэй кэпсээммин истэн баран: «Киһи хойобунун өлөрдөххө, андыны хойубуннаабыт киһи хардатын ботуруон биэрэр уонна андытын ылар. Ол андыһыттар суруллубатах сокуоннара. Оттон Оппуонньа эйигин кытта булдун өлүүлэспитин быһаара сатаабытын эн өйдөөбөтөх эбиккин. Булкутун үллэстибиккит сиэрдээх быһыы», – диэн быһаарда.

      Дьэ, итинник андыһыттар кэйээриҥнэтэр уустук албастарынан мин бастакы андыларбын бултаан турабын.

      Быыралааһын

      Арҕаалаабыт күн тыа саҕатыгар налыйан эрэр кэмигэр уу үрдэ сиэркилэ ньуурунуу дьэҥкэрэ көҕөрүмтүйэ иһийэр чуумпута түһэр. Итинник кэмҥэ андыны умуһуннара сылдьан, ытан ылаллар. Анды тыылаах киһиттэн