Название | Дьыбардаах дьылҕа |
---|---|
Автор произведения | Сайдам |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-4534-1 |
– Оннук буолбакка, – эдэр киһи Элэс Сеня, аатыгар дьүөрэлии, ити тыллары сып курдук этиммитэ. Дьоҕур эп-эдэр киһи бу дьыалаҕа олус көхтөөҕүн бэлиэтээбитэ уонна саҥа улаатан эрэр киһини харыстаан атыҥыраабыта, сөбүлээбэтэҕэ. Кини этэр санаатын быһа түспүттэрэ:
– Дьоҕур, ол мууһуҥ хантан тиэллэрий? – диэн Бүөтүр ыйыппыта.
– Бээчэ уолтан ылыах буоллум. Кэнники кэмҥэ мууспун бэйэм ылбаппын, үлэм төлөбүрүгэр киллэттэрэбин.
– Сөпкө гынар эбиккин. Ол төһөнү тиэйэри ким ыйар? Биһиги сыалай сыарҕаны да таһаарыахпытын сөп, – Баһылай чуолкайдаһар наадатын эппитэ.
– Кырдьык оннук ээ. Биир сыарҕа сыыһын начаас буоллаҕа дии, – Сеня уол буолуохтаах үлэҕэ кыттыһа охсубута.
– Ол, мин соҕотох киһи иһэрим, туттарым биллэр ини. Ону, оттон, бэйэҕит көрөн, быһааран тиэйиэ этигит. Оччолооҕу быһаарбыт, тиэйбит дьон буолуоххут, – Дьоҕур төһөнү тиэйэллэрин бэйэтэ быһаара сатаабатаҕа, уолаттар дьоҕурдарыгар, сатабылларыгар эрэммитэ. Кырдьык да элбэҕи тиэйбит, сүкпүт-көтөхпүт дьон олордохторо эбээт.
– Сарсын киэһэ мин арыый иллэҥсийэрим буолуо, – Баһылай итини этээт, иһиттэри бэйэтин диэки хомуйа тардан ылан арыгы кутуталаабыта, ол кэннэ бэрт наҕыллык дьонноругар төннөрбүтэ, уостарын чорботон, үөһэ диэки олоотообута. – Сеня, эн миэхэ көмөлөһөрүҥ буоллар, – ыйытар дуу, дьаһайар дуу курдук этиммитэ.
– Чэ, итини, Баһылай быһаарыам диэтэ, – Бүөтүр астаах иһитин харбаан ылбыта. – Убайбытыгар көмөлөһөн буоллаҕа дии. Булууска угуллары учуоттаан тиэйээриҥ, уолаттаар. Сеня көмөлөһүөҕэ. Эдэр киһи наһаа ыарырҕаппат ини, – тугу эрэ эбии этиэх, ыйытыах курдук уолу балачча соҕустук утары көрбүтэ эрээри, тыл ыһыктыбатаҕа. Үрүүмкэтин өрө көтөҕөн утары ууммута, иһэн кэбиспитэ.
– Көмөлөһүмүнэ! – эдэрдэрэ иһитин хантас гыннараат, кыра ньуосканан балык кэнсиэрбэтин үрдүгэр түспүтэ. – Биһиги, эдэрдэр, кырдьаҕастарга көмөлөһөр ытык иэспит буоллаҕа дии, – ити кэннэ табыгаһа суох баҕайытык күлэн алларастаабыта, соннук улгумнук бүппүтэ, уоһун-тииһин соттуммута.
– Сеня, ким оҕото буолаҕын? – Дьоҕур уолу утары көрөн олорон эмискэ ыйыппыта.
– Кууһума уолабын.
– Ол иһин хайдах эрэ маарыннаттым ээ. Тугу үлэлиигин?
– Бакаа суох, – «тоҕо ону эмиэ ыаһыйаластыҥ, эйиэхэ онно туох нааданый?» диэх айылаах уол Дьоҕуру муодурҕаабыт харахтарынан тонолуччу көрбүтэ. – Тугу эмэ булан үлэлэниллиэ этэ, – диэн түмүктээбитэ, чэйин ыймахтаабыта.
– Ноо, арыгы иһэргин аҕаҥ билэр дуо? – олус туруору боппуруостаах буолан биэрбитэ уонна онно туох да эппиэти күүтэ барбакка, Дьоҕур бэйэтин санаатын этинэн барбыта. – Аҕаҥ арыгы испэт, үлэһит бэрдэ. Кини урут иһэ сылдьан баран, табыгаһа суоҕун өйдөөн тохтообута. Ол мин курдук буолуо дуо, сөпкө гыммыта! – иҥиэттэн балайда саҥата суох олорбута, атыттар кинини быһа түһэ сорумматахтара. – Эдэр киһи бу аска элэккэй соҕус быһыылааххын, үөрэҕин-көтөҕүн, тыл-өс даҕаны