Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов

Читать онлайн.
Название Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан
Автор произведения Группа авторов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6136-5



Скачать книгу

удаҕаттар тойуктарын үөрэтэр быһыылааҕа. Аҕабын кытта оҥостон олорон, олох-дьаһах туһунан үгүстүк кэпсэтэллэрэ. Сити сайын оҕо аймахха биллибэккэ ааспыта. Мин нөҥүө сылыгар пансиоҥҥа ылыллан, үөрэнэ киирбитим. Онно сылдьан, кинини көрүөхпүн олус баҕарарым. Куораттан тахсыбыт дьоннортон Платон Слепцов туһунан үгүстүк ыйыталаһар буолбутум. Куораттан сиэним Данил Богатырев Аммаҕа сайылыы тахсыбыта. Кини миигиттэн икки сыл аҕа этэ. Данил куоракка үөрэнэр саха ыччаттарыттан ордук Платону чорботон кэпсиирэ. «Платон түүннэри кистэлэҥ мунньахтарга сылдьар, – Данил утуйаары сытан сэһэргиир. – Мин олус ытыктыыбын. Оннооҕор дьээдьэм Афанасий Богатырев кини тылыттан-өһүттэн тахсыбат буолла. Платон биһиэхэ үгүстүк сылдьар». Аҕам Данил кэпсээнин олус сэргээн истибитэ. Сити киэһэ түүн хойукка диэри күө-дьаа кэпсэппиппит. «Эн, Сергей, баайдарга бэдэрээккэ үлэлээҥҥин көлөһүҥҥүн тоҕоҕун, – диэн Данил аҕабын мөҕөрө. – Эһиги бэйэҕит олоххутун оҥостуох тустааххыт». Аҕам уонна ийэм кини сэмэтин ылыммыт курдук туттубуттара. Ол эрээри оччотооҕу кыһалҕалаах олоххо баайдарга хамсыырга эрэ тиийэллэрэ. 1917 с. кыһыныттан ыла Платон Слепцову ыраахтааҕы батталлаах былааһын Дьокуускайга суулларыыга уонна сэбиэскэй былааһы туругурдууга биир активнай охсуһааччы быһыытынан сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ. Оннооҕор үөрэнэр оҕолор уостарыттан түһэрбэт буолбуттара. Революция өстөөхтөрө уонна колчаковецтар былааһы быстах былдьаабыт бириэмэлэригэр Платон Слепцову дойдутугар тахсан истэҕинэ, Чурапчыттан туппут уонна хаайбыт сурахтарын сири-буору аннынан истибиппит. Кэнники көскө ыыппыт сурахтара иһиллибитэ. Сайын дьоммун кытта оттуу сырыттахпына, Таатта биир бөдөҥ баайа быыпсай кулуба Нээстээр Слепцов оҕонньор: «Хоочугур уола Платон соҕурууттан кэлбит кыһыл этэрээтин кытта Якутскайга күөрэс гына түспүт үһү, – диэн өһүөннээхтик көрө-көрө отчуттарга кэпсээбитэ. – Бэрт элбэх үтүө дьону революция өстөөхтөрө дэтэн өлөртөрөн уонна баайдарын халатан эрэр дииллэр». Мин итини тириим таһынан истибитим. Быыпсай саҥа айаҕа аһыллан кэпсээн эрдэҕинэ чобуо баҕайытык: «Эн Платону тоҕо сымыйанан холуннара сылдьаҕыный?» – диэбитим. Оҕонньор сирэйэ уһуу түспүтэ. Аҕам диэки көрө-көрө: «Бу уолуҥ түөкүн буолсу, – диэн бардьыгынаабыта. – Уолгун буойдаххына сатаныыһы». Кулуба атын миинэн түргэнник тэскилээбитэ.

      Мин Платон Алексеевич Ойуунускай тус бэйэтэ тэрийбит уонна кыттыыны ылбыт икки улахан ыһыаҕар сылдьыбытым. Маҥнайгы ыһыах 1920 с. бэс ыйыгар Тохтобул диэн улахан алааска буолбута. Чурапчы, Амма уонна Өймөкөөн улуустарын ревкомнарын представителлэрэ кэлэннэр эҕэрдэ тылы эппиттэрэ. Платон Алексеевич Советскай Россия ис-тас олоҕун политикатын туһунан кэрэхсэбиллээх дакылааты оҥорбута. Кини дакылаатын бүтүүтүгэр Саха губерниятын уонна улуустар уочараттаах соруктарын тустарынан иҥэн-тоҥон кэпсээбитэ. Ыһыахха олус элбэх киһи мустубута. Ыччаттар бэрт элбэх этибит. Мин быыс булан Платон Алексеевиһы көрсөн кэпсэппитим.