Тулаайах оҕо. Далан

Читать онлайн.
Название Тулаайах оҕо
Автор произведения Далан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5328-5



Скачать книгу

      Өрөөбүт уоһу

      Өһүлэн көрүөххэ!

      Хоммут уоһу

      Хоҥнорон көрүөххэ!

      Тумулук

      Тумулук

      Туманнаах түбэҕэ

      Аан ийэ дойду араҥаччыта буолбут аҕыс сардаҥалаах аламай маҥан күн алаарыйа тахсан кэлбитэ, аан бастаан чурбука төбөтүн уонна онно, чөҥөчөк курдук, хамсаабакка үҥүүтүгэр өйөнөн олорор тайах саҕынн…ахтаах хоһууну сырдаппыта. Бэрбээкэйигэр диэри охсуллар уһун саҕынньаҕын сөрөнө тардынан, өрүүлээх хара астаах сыгынньах төбөтүн көнөтүк туттан, кыараҕас сытыы харахтарынан хоһуун кый ырааҕы одуулуура. Улук ууга унаарыйа туймаарбыт айылҕа барахсан, күн күлүмүрдэс күүһүттэн күүһүрэн, тырымнас тыыныттан тыыннанан, улам уһуктан испитэ. Киҥкиниир киэҥ халлаан кэтит киэлитэ кэҥээбитэ, киэркэйбитэ, унаар-тунаар орто дойду уһуурга, тэнийэргэ дылы буолбута.

      Очуос таас хайа аннынан таба сулуктатыныы араастаан эриллэн-буруллан ааһар Өксүөннээх Өлөөн өрүс, өлгөм хаары өрүтэ көтүппүттүү, билигин даҕаны үрүҥ туманынан үллүнэн сытара. Өрүс бу тоҕойо сайыҥҥы саамал ардахтарга, күһүҥҥү сиппэрэҥ кэмнэргэ куруутун халыҥ туманынан, куобах суорҕаныныы, бүрүллэн турарын иһин Туманнаах Түбэ диэн ааттаабыттара.

      Киэҥ налыы сыһыылаах төгүрүк түбэни эргийэн турар үрдүк таас дьайыҥнар итии тыыннааҕы эрэйдиир иэдээннээх хотугу тымныы тыаллартан хаххалыыллара. Тыал түспэт сылаас уулаах чычаас, чуумпу дьара кытылга балык тахсара, көтөр-сүүрэр мустара. Ол да иһин буоллаҕа, икки атах манна эмиэ былыр-былыргыттан бэркэ саараан, тохтоон ааһара, сөбүлээн олохсуйара.

      Оо, баттаатар маталдьыйбат, үктээтэр өҕүллүбэт Орто Аан Ийэ дойду барахсан киэҥ-куоҥ, кэтит-дэлэй да буоллаҕыҥ эбээт!

      Туманнаах Түбэттэн хоту ирбэт чэҥ-хаар сиксиктээх Муус Кудулу Далайга диэри уйаара-кэйээрэ биллибэт, устата-туората кэмнэммэт Улуу Маҥан Дуол нэлэһийэн сытара. Улуу Маҥан Дуол сайын, күөх торҕону тэнитэ тарпыттыы, чээл күөҕүнэн тэлгэнэрэ, күөх халлаан күндэлэс ньуурун тардан ылан күлүмүрдүү оонньуур үгүс күөллэригэр аата-ахсаана биллибэт көтөр-сүүрэр мустара. Кыһынын, маҥан хаарынан сабыллан, Улуу Маҥан Дуол букатын иччитэхсийэрэ, кини кэтит-киэҥ иэнинэн арай силлиэ-тыал улуйауһуура уһаты-туора сүүрэрэ. Онно, Улуу Маҥан Дуолга, Өксүөннээх Өлөөн төрдүгэр маҥан таба түүтэ ахсааннаах майаат омуктар бааллара. Кинилэртэн арҕаа, Анысханнаах Анаабыр өрүскэ, Кыыдааннаах Кыатаа өрүскэ уонна Баай Түбэҕэ ыт сүөһүлээх саамай, дьураак, мандаадыр омуктар олороллоро.

      Туманнаах Түбэттэн тус соҕуруу сайыҥҥы күн оройун сирэйдэнэн бардахха, бараммат-хороммот Баай Хара тыа Киэҥ Кэллээмэ эбэ хотуҥҥа диэри тэниччи тардыллан сытара. Онно хоролор, тоҥ биистэр, тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктар бааллара. Өксүөннээх Өлөөн уонна Кэллээмэ эбэ хотун бастарынан арҕаа түстэххэ, аатаахса биллибэт үгүс күөллээх Күөл Сүүрүндэҕэ олохтоох, таба көлөлөөх, сиртэн сиргэ көһө сылдьар күндээгир, чаабыгыр, ньуолдьаҕар, хампаагыр диэн омуктарга тиийиэххэ сөбө. Илин бардахха, үөһээ халлаан, аллараа халлаан буолан соҕурууттан хоту устан долгуйа сытар, сахалар улуу өрүстэригэр киирэллэрэ. Ону туораатахха, Чачыгыр Таас Дьааҥыларга олохтоох үрүҥэй омуктар бааллара. Оттон улуу өрүһү өксөйдөххө, сир киэнэ сиэдэрэйигэр, дойду киэнэ туйгунугар – Улуу Туймаадаҕа, Киэҥ Эҥсиэлигэ, Эркээни эбэҕэ ууһаан тэнийэн олорор, саталлаах саха урааҥхайдарга тиийиллэрэ. Аллараа, хоту түстэххэ, муос хотуурдаах, муос сүгэлээх куодумалар, түннүгэ-үөлэһэ суох балаҕан дьиэлээх сартыаллар олороллоро.

      Туматтар бу дойдуга бэрт өрдөөҕүтэ олохсуйбуттара. Кинилэр манна олохтоох тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктары кыайбыттара: сирдэрин ылан сир, дьахталларын ылан ойох, табаларын ылан көлө гыммыттара. Туматтар былыргы төрүт-уус үөскээбит-төрөөбүт түөлбэлэриттэн арахсыбыттара быданнаабыт быһыылааҕа: кинилэртэн хайалара да кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билбэтэ. Охсуһуулаах үйэ миҥэтин дьалхааннаах арҕаһыгар олордон, кинилэри ханна илдьэн иһэрин саныыр, өйдүүр да кыаҕа суох, күннээҕи кыһалҕаҕа кыпчыйтаран күн-дьыл аастар ааһан иһэрэ.

      Кыайтаран-хотторон үүрүллүбүт дьирикинэй омуктар Харбахта төрдүгэр Хараҥа Тэҥкэҕэ саспыттара, онно кинилэр ылы-чып ньим бааччы олорбуттара. Ол оннугар Туманнаах Түбэ олохтоохторугар атын куттал суоһаабыта – ол маҥан таба түүтэ ахсааннаах майаат омуктар этилэр.

      Майааттар бастаан Улуу Маҥан Дуолунан арҕааттан, саамайдар диэкиттэн кэлэн Өксүөннээх Өлөөҥҥө тохтообуттара. Бу бэрт кылгас өйдөөх, бардам, дохсун майгылаах дьон буолан биэрбиттэрэ. Бүгүн аһыырдаах буоллахтарына сарсыҥҥыларыгар кыһамматтара, өйүүҥҥүлэрин өйдөөн да көрбөттөрө. Тайаҕы, табаны дуулалаан оҕунан бултаан бараабыттара, дойдуну сытыппыттара. Кыһынын тоҥуулаан ол дойду кэмчи маһын бараабыттара. Хоргуйан өлүү суоһаабыта. Ол иһин туматтар диэки соҕуруу сыҕарыйар санааламмыттара.

      Тайах саҕынньахтаах хоһуун төрөөбүт-үөскээбит уйатыгар – Туманнаах Түбэтигэр – туман быыһыттан уһуктаах төбөлөрө саҥа быган чочоруһан эрэр отут тордох кини дьонугар, туматтарга, чугаһынан туох да куттал суоһаабатын билэн, өрүс уҥуор ырыых-ыраах аччаан-кыччаан көстөр тииттэр төбөлөрүттэн өрө ойбут күн көхсүн сылытыыта, сөрөнөн олорор саҕынньаҕын эҥээрин арыый ыһыктан,