.

Читать онлайн.
Название
Автор произведения
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска
isbn



Скачать книгу

рин-туомун толору сиппит үчүгэйтэн үчүгэй айымньыта.

      Туох барыта саҕаланар төрүттээх, төбөлөөх. Ол курдук, олох төрдө – ыал. Былыр-былыргыттан киһи аймах сайдыытыгар ураты дьоһуннаах оруолу ылааччы – ыал.

      Ыал буоларга быһаарыныы сүрдээх эппиэтинэстээх суол. Икки киһи бэйэ-бэйэлэрин сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан, биир сыалайга ситимнэһэллэр, олохторун тухары бииргэ туох баар ыарахаттары сарыннарыгар сүгэллэр, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэллэр.

      Кэнники кэмҥэ дьон өйө-санаата, киһи киһиэхэ сыһыана биллэрдик уларыйда. Сылтан сыл ыал буолуу аҕыйыы, оттон арахсыы элбии турар чинчилээх. Дьылҕаларын холбоон, ыал буолан, оҕо төрөтөн, алаһа дьиэ тэринэн олорорго санаммыт эдэр ыччакка аналлаах тэттик да, улахан да кээмэйдээх сахалыы кинигэ суоҕун кэриэтэ. Оттон бигэ туруктаах ыал буолан, өр кэмҥэ өйдөһөн-өйөһөн олоруу үгүс билиини, сатабылы, тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну, сыраны-сылбаны эрэйэр.

      Онон бу тэттик кинигэбин саҥардыы холбоһон ыал буоларга санаммыт эдэр ыччакка аныыбын. Эһиэхэ эрэ анаммыт тыллар булгуччулаах ыйыы-кэрдии буолбаттар. Ол эрэн, саҥа олох аартыгын арыйааччыларга бастакы истиҥ сүбэһит буолуохтара, санааҕытыгар санаа, күүскүтүгэр күүс эбиэхтэрэ.

Т.С.Куприянова,норуот үөрэҕириитин туйгуна,«Азия оҕолоро» норуоттаркки ардыларынааҕа пуонда стипендиата, Учууталлар учууталлара,Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо

      Кыыс – кийиит, уол – күтүөт

      Киэһээҥҥи чуумпуга уоллаах кыыс

      Сиэттиһэн оргууйдук хаамсаллар,

      Күнтэн күн көрсүһүү түмүгэр

      Биир бигэ санааҕа кэллилэр.

      Сып-сырдык, сып-сылаас саалаҕа

      Саахса дьиэтигэр киирдилэр,

      Сукуна сабыылаах остуолга

      Сэрэнэн, дугунан тиийдилэр.

      Уоллаах кыыспыт сэмэйдик,

      Килбиктик мичээрдээн ылаллар,

      Таптаспыт харахтар сылаастык

      Эрэнсии кыымынан саҕаллар.

      Олох киэҥ аартыгар үктэнэр

      Дьоһуннаах соругу ылынан,

      Ыал буолар көрдөһүү суругу

      Долгуйа утары ууннулар.

      Ыал буоларга быһаарынан, ЗАГС дьиэтин боруогун атыллаан киирэн сайабылыанньа биэрдигит. Маннык дьоһуннаах хардыыны оҥоруоххут иннинэ тугу толкуйдаатыгыт? Ис сүрэххититтэн ыал буоларга баҕардыгыт дуу, эбэтэр былааннамматах кыһалҕа күөрэйэн таҕыста дуу? Дьэ, ол иһин олохтоохтук өссө толкуйданныннар диэн биир ыйы соруоктаан эһиги сайабылыанньаҕытын кэтэһиннэрэллэр. Бу кэмҥэ тугу гыныаххытын сөбүй?

      Баҕар оччо-бачча болҕомто ылыллыбатах олус наадалаах боппуруостар көтүөхтэрин сөп. Ол иһин:

      Доруобуйаҕытын бэрэбиэркэлэниҥ: венеролокка, ону таһынан кыыс гинеколог, уол андролог быраастарга көрдөрүнүҥ. Тыҥа ыарыыта элбээн иһэринэн флюорограммаҕа сылга биирдэ түһүҥ.

      Тымныйыыттан ордук кыыс эмсэҕэлиир. Атаҕа тоҥоруттан маатката, яичниктара, бүөрэ тымныйар, уу үөскүөн, искэн, эт үүнүөн сөп. Дьэ, ол иһин дьыл кэмин көрөн таҥныан, гинеколог сүбэтин толору тутуһуон наада.

      Хааҥҥыт састаабын быһаартарыҥ. Өскө резус (+) (–) дьон холбостохторуна оҕолонумуохтарын, эбэтэр биир эрэ оҕолонуохтарын сөп. (+) (+), (–) (–) резустаах дьон бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр, оҕо-уруу тэнитэллэр.

      Киһи сир-халлаан ситимигэр олорорун быһыытынан гороскопкутун үөрэтиҥ.

      Төрдүгүтүн-уускутун үөрэтиҥ. Чугас аймахтыылар холбоһон хаалар түбэлтэлэрэ эмиэ баар буолар. Араас наследственнай ыарыылар кэлин көбөн тахсыахтарын сөп (бокоорор, ньиэрбэ ыарыытын араас көрүҥэ, быччыҥ ситэри сайдыбатын араас көрүҥэ о.д.а.).

      Чөл олоҕу тутуһуҥ! Үөрүҥ-көтүҥ, эйэ дэмнээх буолуҥ

      Күндү оҕолорбут!

      Үйэлээх сандалы остуолга

      Уруулар-аймахтар мустаннар,

      Бу уустук олоххо табыллыы

      Толкуйун, мындырын тобулан,

      Сүбэни-аманы биэрдилэр:

      Буруоҕут хойуутук унааран,

      Куйаарга тарҕаннын

      биир тэҥник.

      Өбүгэ дьарыгын утумнаан,

      Ынаҕы, сылгыны дэлэтиҥ,

      Оҕону-урууну тэнитэн,

      Норуоккут ахсаанын элбэтиҥ!

      Уостубат тапталгыт кутаата

      Олоххут аргыһа буолуохтун,

      Өйдөһөн, өйөнсөн олоруу

      Үйэҕит уһуурун түстээтин!

      Ыал буолан ыччаты ууһатарга, ытык эбээһинэһи толорорго ыллыктаах санааны ылыммыккытынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «Литрес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

      Безопасно