Название | Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ |
---|---|
Автор произведения | Л. В. Иванова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6863-0 |
– Михаил Спиридонович, аны тус бэйэҕэр туһааннаах боппуруостарга көһүүм. Эн хаайыыга олоро сылдьыбытыҥ тус бэйэҕэр, майгыгар туох бэлиэлэри хаалларбытай?
– Бастатан туран, дьону наһаа итэҕэйбэт, ис санаабын түргэнник арыйбат буоларга үөрэммитим буолуо. Иккиһинэн, олоҕу сыаналыырга үөрэммитим. Ууруллубут уон сылбар олох үчүгэйин көрбөккө өлөн хаалыахпын сөп этэ. Уонна ити сыллар саамай кылаабынайа норуот туһугар үлэлиэххэ, норуот туһугар охсуһуохха баар эбит диэн санааны уһугуннарбыттара.
– Туохтан, тоҕо тутуллубуккун кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– Институкка биһиги үөрэнэр кэммитигэр хороччу үспүйүөн эбит. Осведомителлэр диэн. Оттон биһиги Башарин куруһуога диэн саха историятын үөрэтэр куруһуокка сылдьабыт. Салайааччыбыт Георгий Прокопьевич бэйэтэ манна кэлэн националистическай санааны агитациялыыра буолуо диэн уорбалааһыҥҥа сылдьар эбит. Аны миигин КГБ эрдэттэн кэтээн сылдьыбыт. Убайым ытыллар, Бүлүүгэ «националист» Сивцевкэ үөрэнэбин. Уопсайынан бэлиэҕэ сылдьыбыппын. Оттон биһиги, оччотооҕу уоттаах-төлөннөөх, билиэн-көрүөн баҕалаах студеннар мөккүөр бөҕө. Куруһуокка мөккүһэбит, семинарга мөккүһэбит, уопсайга мөккүһэбит. Ол барыта кинилэргэ тиһиллэн испит. Тутан ылан эн онно оннук диэбитиҥ, манна маннык диэбитиҥ, онон националистическай агитацияны ыыппыккын диэн буолла.
– Мин истибиппинэн, эйигин үҥсэн биэрбит киһи билигин тыыннаах, биһиги кэккэбитигэр баар. Ити кырдьык дуо, кырдьык буоллаҕына, эн кинини алҕаска көрсө түстэххинэ туох санаа үөскүүрүй?
– Оннук киһи чуолкай биллэрэ – икки. Кинилэр суукка туоһу буолбуттара. Прокурор ол дьону маҥнай ыйытыҥ, атыттары испииһэгинэн ыйытыҥ диэбитэ. Ол аата кинилэр көрдөрүүлэрин атын туоһулар истиэ суохтаахтар эбит. Өссө биир эмэ киһини арыйбат наадаттан хаалларбыт буолуохтаахтар. Ол дьоннору мин хам-түм көрөбүн. Бииригэр – саамай кылаабынайдарыгар эн оннук гынан тураҕын диэн икки киһи баарына сирэйгэ этэн турабын. Онно күлэн ырдьаҥнаабыта буолбута. Ол кэнниттэн көрдөхпүнэ дорооболоспоппун, тугу да саҥарбакка ааһабын. Киһи быһыытынан иккиэн туох да үчүгэйэ суох дьоннор. Биирдэрэ биһигини түбэһиннэрээт, соҕотох кини эрэ партийнай үлэһит буолбута. Тута райком пропагандаҕа, агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйинэн ананан тыаҕа тахсыбыта.
– Эн Башарин дьыалатыгар бииргэ түбэспит дьонуҥ саха биллиилээх суруйааччылара Афанасий Федоров уонна Василий Яковлев-Далан. Эн кинилэри кытта эрдэттэн доҕордуу этиҥ дуо?
– Афоня Федоровы кытта Бүлүү педучилищетыттан табаарыстыы этим. Даланныын куоракка институкка бииргэ үөрэммитим.
– Кинилэри киһи быһыытынан кылгастык характеристикалаабаккын ээ.
– Афоня суруйааччы быһыытынан олус дьоҕурдаах, элбэҕи суруйуох, айыах киһи эрдэ өлөн хаалла. Олус ыарытыган этэ. Туох да сүрдээх сытыары сымнаҕас, элэккэй майгылаах тыа