Название | Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо |
---|---|
Автор произведения | Группа авторов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6681-0 |
Ийэлэрэ куулу ылан сүөрбүт. Илими хостоон таһаарбыт, ол онтон олуһун соһуйбут.
– Көрүҥ эрэ, туох да суох! Инчэҕэй эргэ илим эрэ баар.
Суор кыыһырбыт уонна дьаһайбыт:
– Илими куулу кытта хоспох ааныгар ыйаан кэбиһиҥ. Бүгүн саһыл, арааһа, эмиэ кэлэрэ буолуо. Хоспоххо ас ыла бэйэтэ бардын. Илиитин куулга уктаҕына, баайан кэбиһээриҥ. Хапкаан курдук буолуоҕа.
Кырдьык, сотору буолан баран, саһыл эмиэ кэлбит. Суор кыыһа ийэтигэр эппит:
– Көр эрэ, албынчык эмиэ кэллэ.
Саһыл албын тылынан ньуолбардык кэпсиир:
– Бу биһиги кэргэмминиин эмиэ кэллибит, тирии аҕаллыбыт. Таҥастаммыт, үчүгэй тириилэр.
Суор ойоҕо ыалдьыбыта буолан кубулуммут уонна эппит:
– Айа, бүгүн эмискэ төбөм ыарыйда, сатаан хаампаппын. Бу эмиэ эһиги кэллигит дуо?
Онуоха саһыл эппит:
– Оннук, биһиги өр буолуохпут суоҕа, ыксыыбыт. Көрсүөххэ диэри!
Саһыл хоспоххо уоран киирэн, илиитин куулга укпут. Онуоха илиитэ куулга иҥнэн хаалбыт. Илиитин босхолуу сатаабыт. Саһыл куотуон баҕарбыт даҕаны, илимҥэ иилистэн хаалбыт. Ыксаан хаһыытаабыт:
– Уой, миигин хайыыгытый?
Суор эппит:
– Хайаабаппыт даҕаны. Эн бэйэҥ бэйэҕэр куһаҕаны оҥордуҥ. Тоҕо биһигини албыннаабыккыный? Тоҕо тирии оннугар эргэ илими биэрбиккиний? Тоҕо дьон хоспоҕуттан уораҕыный?
Саһыл ытыы-ытыы «ыытыҥ» диэн көрдөспүт. Ыыппатахтар. Саһылы албын уонна уоруйах диэн күлүү-элэк оҥостубуттар. Тиһэҕэр саһыл эргэ илими алдьатан, таһырдьа ойбут. Оттон илиитигэр куул баалла сылдьыбыт. Бу курдук дьиэтигэр диэри сүүрэн тиийбит.
Улахан кыыһыгар эппит:
– Куулу түргэнник сүөр.
Анарааҥҥыта хардарбыт:
– Суох, сүөрбэппин. Тоҕо эн кыыскын Куккины албынныыгыный?
Ол да буоллар, кыра кыыһа куулу сүөрбүт.
Ити курдук суор саһылы албыннаабытын уонна уорбутун иһин үөрэппит.
Бүттэ.
Кетский фольклор=Кет фольклора
Глухарь, утка и гусь
Однажды утка и гусь встретили старого глухаря.
– Глухарь, полетим с нами на юг, – сказали они, – а то ведь зимою ты здесь пропадешь с голоду.
– Нет, я не полечу с вами, – ответил глухарь. – Если я улечу отсюда, трудно тогда будет людям.
– А мы полетим. Не станем зимовать. Здесь холодно. Человек без нас не умрет. Зимой он может добывать и есть рыбу. Рыба никуда не уйдет; она здесь, в озерах, живет зиму и лето. А для человека есть еще и другая пища.
Глухарь на это сказал утке с гусем:
– Когда настанут сильные морозы, озера и реки застынут, покроются толстым льдом, тогда людям будет тяжело добывать рыбу. Без меня они умрут с голоду.
– Сам-то ты что будешь есть зимой? Скажи нам.
Глухарь сказал:
– Пищи у меня много. Зимой я буду есть кедровую хвою.
– На этой пище ты долго не проживешь. Если ты не хочешь с нами лететь, то мы тебя заставим.
Гусь и утка схватили глухаря под зоб и потащили в теплые края. Глухарь так заплакал, что от слез