Название | Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо |
---|---|
Автор произведения | Группа авторов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6681-0 |
А лиса уже свои лживые речи разводит:
– Вот мы с мужем опять пришли, шкуры принесли. Хорошие шкуры, выделанные.
Жена ворона притворилась больной, говорит:
– Ах, у меня сегодня вдруг голова заболела, не могу ходить. Это вы опять пришли?
Лиса говорит:
– Да, это мы, ненадолго. Торопимся. До свидания!
А сама в кладовую пробралась, сунула лапу в мешок. Завязла лапа в мешке. Дернула лиса лапу. Хотела убежать, сама в сети запуталась, закричала:
– Ой, что вы со мной делаете?
А ворон говорит:
– Ничего мы с тобой не делаем. Ты сама себе плохо сделала. Зачем обманула нас? Зачем вместо шкур старую сетку дала? Зачем в чужие кладовые лазишь?
Заплакала лиса, просит, чтобы отвязали. Не стали отвязывать. Смеются над ней, обманщицей и воровкой называют. Наконец порвала лиса старую сеть, выскочила на улицу. А на лапе мешок завязан. Так с мешком домой и прибежала.
Старшей дочери сказала:
– Развяжи скорее мешок.
Та ответила:
– Не буду развязывать. Зачем ты обманываешь дочку Кукки?
Младшая дочь все же отвязала.
Так ворон проучил лису за то, что обманывала и воровала.
Все.
Саһыл уонна суор
Саһыл ас булуон сүрэҕэлдьиирэ, ол иһин куһаҕаннык олорбута, аччыктыыра. Биирдэ кыыһыгар эппит:
– Суору албыннаан маннык диэм: кэргэн тахсан баайдык олоробун.
– Албыннаама, ол кэриэтин үчүгэйинэн аста көрдөө.
Саһыл ону истибэтэх. Эргэ инчэҕэй илими куулга уган баайбыт. Суорга барбыт. Анарааҥҥыта ким эрэ иһэрин истэн дьонугар эппит:
– Көрүҥ эрэ ким иһэрин.
Тахсыбыттар. Саһыл хайыы үйэ күүлэҕэ турар эбит. Онно хараҥаҕа саһыл эппит:
– Мин кэргэммин кытта кэллим.
Саһыл албыннаабыт. Онуоха суор итэҕэйбит уонна соһуйбут:
– Тыый! Сиэн балтым ыал буолбут. Дьэ эрэ, эргин көрдөр.
Саһыл эппит:
– Кэргэним уоттаахха сатаан сылдьыбат. Кини өбүгэлэрэ хараҥаҕа олорбуттар, ол иһин кини эмиэ хараҥаны сөбүлүүр. Кини хараҕа суох курдук тугу да көрбөт. Сырдыкка сатаан тахсыбат.
Онуоха суор эппит:
– Чэ, ыһыырынньыктары араарыҥ, киирдин.
Киирбиттэр. Суор ыйыппыт:
– Тугу аһыыгыт?
Саһыл хоруйдаабыт:
– Биһиги аспыт элбэх. Бэйэҕит аһааҥ.
Суор ойоҕо хоспохтон ас аҕала барбытыгар, саһыл кини кэнниттэн сыбдыйан тиийэн, куулугар ас уктан барбыт. Куулун толору уган баайан, күүлэҕэ таһааран муннукка олордон кэбиспит.
Суор сөхпүтэ ааспакка эппит:
– Хор, сиэн балтым кэргэн тахсыбыт! Дьэ ыал буолбут!
Онуоха саһыл киһиргээбит:
– Оннук, мин кэргэним уруккуттан элбэх табалаах. Икки улахан үөрдээх.
Онтон сымыыт көрдөөн ыйыппыт. Кэргэнэ сымыыты олус таптыырын туһунан эппит. Ол оннугар таба тириитин эрэннэрбит:
– Таба тириилэрэ бу куулга бааллар. Тыытан да көр!
Суор куулу тыытан көрбүт. Кырдьык, онно таба тириитин курдук туох