Название | Саха фольклора |
---|---|
Автор произведения | Группа авторов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6656-8 |
Уот алгыһа
Аар холумтан иччитэ,
Күл тэллэх,
Көмөр суорҕан,
Бырдьа бытык,
Кыырыл төбө,
Көмүс ураанньык
Нохсол Тойон эһэм,
Дьыыйалаах быттыккар,
Дьоллоох хонноххор хорҕот!
Тымныы тыыннааҕы
Хатан хараҕыҥ уотунан
Таһырдьа дьалкыт!
Итии тыыннааххын
Иһирдьэ охсун!
Окко киирэр алгыс
Эбэ хотун иччитэ
Илки-талкы эмээхсин,
Улуу хотуур иччитэ
Улуу Уһаанньал оҕонньор,
Аан дойду иччититтэн
Көрдөһө киирэн,
Аҕыс сүһүөхтээх
Чокуур күөх оккуттан,
Уолан тиийбэт уйгугуттан,
Кэһэн тиийбэт кэскилгиттэн
Тииһэн аһыы түһээрибин,
Хоройор муостаахпын,
Уһун сиэллээх
Сыһыы муҥунан сылгыбын
Иитэр-харайар наадатыгар
Киирэн турабын,
Охсон киирэн бараары
Көрдөһө турабын.
Аан дайды айылҕатыттан
Тииһинэн аһыы түһээрибин.
Аан дойдум иччилэрэ,
Аһааҥ, таҥныҥ!
Ахтаах арыынан
Аһатан-сиэтэн,
Уунан тиийбэт уйгугуттан,
Бука диэҥҥин,
Биэрээр диэммин көрдөһөбүн.
Ыһыахха дойду иччитин алҕааһын
Сэттэ сиксиктээх
Сир ийэ иччитэ,
Ситимэхтээх сэһэннээх,
Сирэдэһиннээх тыллаах
Айбыт Айыыһыппыт,
Иэйбит Иэйэхсиппит,
Сир ийэ иччитэ!
Аспыт үрдүгэр,
Айылгыбыт бастыҥар
Ахтан-санаан
Аһатан эрэбит,
Аал уотунан
Айахтаан аһатабыт.
Көмүрүө чоҕунан остуоллаан,
Күөх уотунан күөмэйдээн
Күндүлүүбүт.
Уруй, уруй, уруй!
Айхал!
Кэччэрийбэт кэскилбитин
Тэрийэргэр,
Уларыйбат уйгубутун
Олохтуургар
Уруй, уруй, уруй!
Ыраах да буолларгын чугаһаа,
Суох да буолларгын баар буол!
Куоҕас суор икки
Бэрт былыр куоҕас суор курдук хап-хара эбитэ үһү. Куоҕастаах суор, атын көтөрдөр эриэннэригэр ымсыыран, бэйэ-бэйэлэрин өҥнөрүн кырааскалаан, ойуулаан биэрээри оҥостубуттар. Суор куоҕаһы араас дьэрэкээн ойуулаан, оһуордаан биэрбит. Куоҕас өрүскэ киирэн дьүһүнүн көрүнэн баран, суору ойуулуон баҕарбакка, ууга умсан хаалбыт. Суор албыннаппытын өйдөөн, куоҕас самыытын ыыра охсон кэбиспит. Онон суор уруккутун курдук харата харатынан хаалбыта, оттон куоҕас, эриэн түүлээх буолан баран, самыыта хаптаччы оһон, атаҕа тиэрэ буолбута үһү.
Кэҕэ уйа туттубат буолбута
Таҥара ыйааҕын быһыытынан, бу дойдуга көтөр кынаттаах Былаҕачыанньыйап иннинэ уйа туттуо, сымыыт баттыа суохтаах эбит.
Былыр