Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт

Читать онлайн.
Название Куорат булчуттара
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4099-5



Скачать книгу

ытан саайдылар. Уу чуумпу бүрүүкээтэ. «Бултуйдубут» диирин кытта, бары уһуутаһа түстүбүт. Үгэс быһыытынан, саамай эдэр киһибит киирэн быалыахтаах. Эдэрдэр иккиэлэр. Сэргэй быаны туппутунан киирэн иһэн: «Кыылбыт тыыннаах!» – диэт, төттөрү таҕыста. Дьэ, булкуллуу буолла. Киһибит эмиэ маһын ылан, онон-манан анньыалаата. Хайаҕаһы кэҥэттибит. Бириэмэбит олох ыраатан барда. Биир түгэҥҥэ бигии сылдьан, «манан» диэн буолла да, саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Бу сырыыга бары да, саллан дуу, хайаан дуу, айаҕынан киирбэккэ, үрдүн хайаҕаһын кэҥэттибит, ыстыбыт. Биир бэттэх сытарын сыҥааҕыттан быалаан, соһон таһаардыбыт. Онтон иккиһи, үсүһү хостоотубут. Сөҕүөхпүт иһин, өссө биир тыатааҕы сытарын быалаан баран, соһон таһааран истэхпитинэ, быабыт быһа ыстанан хаалла. Бэрт нэһиилэ хостоотубут. Түөрт тыатааҕы! Дьэ, сөҕүмэр. Маннык баай-талым булт олох дэҥҥэ түбэһэрин иһиттэххит буолуо. Биир арҕахха түөрт, бэл диэтэххэ, биэс кырдьаҕас бииргэ кыстыыллара, чахчы да, дьикти. Ийэлэрэ уонна икки былырыыҥҥы оҕолор, ону таһынан биир кур оҕо эбит диэн хаһаайыммыт быһаарда. Кур оҕо ийэтин ситэ сыспыт, улахан этэ.

      Үөрүү балысхана. Ити икки ардыгар халлаан хараҥарыахча буолла. Уолаттар арҕах иһин ыраастаан, туспа чөмөхтөөн кэбистилэр. Иһэ киэҥ баҕайы, быыс эҥин диэн суох. Сыарҕалаах биир «Бураны» сүүрдэн аҕалан, бултарбытын тиэйэн, тохтообут сирбитигэр илтибит. Икки «Бураммытыгар» үллэрэн тиэйэн, массыынабыт хаалбыт үрэҕэр айаннаатыбыт. Олох хабыс-хараҥаҕа массыынабытыгар тиийдибит. «Массыына фаратын уотугар астыыр буоллахпыт» дии санаабытым. «Тымныыта бэрт. Мантыкпыт астыырга ымпыга-чымпыга элбэх. Онон бөһүөлэккэ баран, мин баанньыкпар астыахпыт», – диэн хаһаайыммыт дьаһайан кэбистэ. Төттөрү айаннаан куугунатан иһэн, массыынабыт кардаана алдьанан, оҥостон ыллыбыт. Инньэ гынан, киһибит дьиэтигэр түүн икки чаас саҕана тиийдибит. Хаһаайыммыт сорох булдун баанньыгар астыыр быһыылаах. Тэлгэтэр таҥаһа эҥин бэлэм эбит. Баанньык сөрүүн соҕус, сыгынньахтанар сирэ кэҥэс. Бултарбытын киллэрэн, сытыартаан кэбистибит. Хаһаайын дьиэтигэр киирэ сырытта. Сотору кэргэнэ, икки оҕото анаан таҥнан тахсан, тыатааҕылары көрдүлэр. Бу түүн – икки чаас ааһыыта. Айылҕа сүдү кыылыгар сүгүрүйүү, булка туһунан сыһыан биир көстүүтэ буоллаҕа.

      Үстүү буолан сүлэр буоллубут. Дьиҥэр, манна эмиэ сиэр-туом баһаам буоллаҕа. Холобура, сүлүөх иннинэ, быһаҕы, биилээҕи кистээн туран, кырдьаҕастан сыгынньахтанарыгар көрдөһөллөрүн бары син билэн эрдэхпит. Онон улаханнык саҥарбакка эрэ, бары да испитигэр санаан, көрдөһөн ыллахпыт. Онтон тас сыатын сэрэнэн сулуйан, 6–7 сантиметр кэтиттээх дьапталҕа курдук быһыталаатыбыт. Урут «сыата этин саҕа буолар» диэни истэр этим, онтум чахчы эбит. Ыйааһыннаах аҕай. Онтон иһин хайытан, астаан-үөллээн кэбистибит. Үөстэрин киһибит сыа-сым курдук тутан, суулаан, туспа уурталаата. Хайдах хатарары, туохха туттулларын сиһилии быһааран, кэпсии сылдьар. Биир саамай сөхпүтүм, тириитин сүлэрбитигэр даҕаны, иһигэр даҕаны хаана-сиинэ олох суох. Ып-ыраас. Бастакы