Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт

Читать онлайн.
Название Куорат булчуттара
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4099-5



Скачать книгу

подсолнух отунан аһаабыт куобах уойбутун илэ харахпытынан көрөн сөхпүппүт.

      Булт кэнники быраабылатыгар олоҕуран, подсадной куһу иитэн боруобалаан турардаах. Биир саас кустуу сылдьан атыыр моонньоҕону хойобуллаан, «билиэн» тутан ылбыта. Моонньоҕоммут даҕаны улаханнык бааһырбатах буолан, аһыыра-сиирэ. £ссө үөрэнэн, дьонтон, саа тыаһыттан улаханнык куттаммат курдуга. Киһибит куһун атаҕыттан быалаан, дурдатыттан аҕыйах хаамыылаах сиргэ хаптаһын ууран олохтообута. Куһа ууга устан киирэн аһыыр, суунан чомполонор. Быатын тардыалаатаҕына, тахсан хаптаһыныгар олороро уонна түүтүн-өҥүн ыраастанан барара. «Олох бартыһаан курдук, биир тылы саҥарбат. Ытыллара буолуо», – диэн күллэртиирэ. Биир сарсыарда куһун туппутунан тиийэн кэллэ: «Дьэ, уолаттар. Мааһын таптым. Бөлүүн «билиэннэйим» бэркэ бултатта», – диэн үөрэ-көтө кэпсээннээх буолла. Куһун хайдах маанылыан, таптыан билбэт буола үөрбүт. «Лаппа киэһэриитэ куһум ууттан тахсан, хаптаһыныгар олорунан кэбистэ. Дурдаттан тахсыбакка олорон, ууга киллэрээри араастаан үүрэ сатаатым, олох киирбэт. Ыксаан, билиэннэйи билиэннэй курдук, расстрелынан эҥин куттаан көрдүм. Нуул. Куһум олох кыһаллыбат. Итинник саатыы олордохпутуна, икки кус дурда кэннинээҕи кыра ууга халаачыктаабыттарыгар, эргийээри куһум быатын атахпынан күүскэ соҕус тардан, тоҕус айдааны таһаарда ээ. Хата, бэйэм соһуйаммын, хаптас гына түстүм. Ити кэмҥэ кэннибэр ааспыт кустарым эргийэ көтөн кэлэн, мончууктарга түһэн биэрдилэр. Ону бырастыы гымматым. Онтон олоро түһэн баран, быабын тардыалаатахпына, куһум бастаан куутургуур, ол кэннэ чурустаан барар. Арааһата, атын кустары көмөҕө ыҥырар быһыылаах. Дьэ, дьиибэ. Кэлэллэр ээ, олох түһүнэн кэбиһэллэр. Оттон кинилэргэ даҕаны «куттал», «көтүҥ», «өстөөх», «саһыҥ» диэн саҥалар бааллар ини? Инньэ гынан, бултатта ээ. Ол эрээри сарсыарданан, тоҥон дуу, биир хааннаахтарын таҥнаран дуу, санаата оонньоото быһыылаах. Кып-кыратык иһин түгэҕэр куутургуур буолан хаалла. Күөмэйэ бүтэн хаалбыт, кууран хаалбыта дуу, биллибэт. Аны ууга киирбэт, уу испэт. Айаҕалыы сатаан, айаҕын атытан уу кута сырыттым. Оччоҕо эмиэ чөллөрүйэр курдук буолар», – диэн кэпсээн «быара» суох ыыталаабыта. Өссө Гашпай ити сырыытыгар маҥан гынан баран саһархайдыҥы эриэннээх туох эрэ хаппыт диэн ааттаах куруолугун мэччитэ диэн илдьэ тахса сылдьыбыта. Онтуката, омук киэнэ буолан, кып-кыра. Улааппат үһү. Чахчыта даҕаны, саҥа бытыгыраан иһэр окко тахсан абыраммыта. Ол эрээри аһыыр остуолбут таһыттан арахпакка, ол-бу хоручуосканы, халбаһы хаҕын сиэн хочугуратара. Биирдэ, дьэ, итинник кус-куруолук баайдаах ньир бааччы олордохпутуна, кэрийэ сылдьар кусчуттар чэй иһээри тохтоон ааспыттара. Ол кэмҥэ куспут кыра хатыҥҥа бааллан утуйан олороро, оттон куруолукпут үөс диэки киирэн «дьаарбайа» сылдьара. Кусчуттар харахтара, ханна даҕаны сырытталлар, өрүү күөл диэки буоларын булчуттар бары бэркэ билэн эрдэхтэрэ. Ол сиэринэн, чэй иһэ олорбут ыалдьыппыт, куруолукпутун араанньы куска холоон, саатын көрдөөн холоруктана түспүтэ. Онтон соһуйан, баалла сытар куспут тилигирии мөҕүстэ. Дьоммут