Название | Күннэй кистэлэҥ олоҕо |
---|---|
Автор произведения | Любовь Васильева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6003-0 |
Кэлин эмтиир бырааһа миигин хоһугар ыҥыран ылан, төрдүгүтүгэр медиумнар, ойууннар бааллар этэ дуо диэн ыйытта. Быраастартан итинник эрэ ыйытыыны кэтэспэтэх буолан, олус соһуйдум. Мин, бэйэлэрин туох эрэ сыыһаларын билиммэккэ, аны ол оннукка түһэрээри гыналлар дии санаан, тугу да билбэппин, истибэтэҕим диэтим. Наһаа өр көрдөрдүбүт, эмтэннибит да биир даҕаны диагноз турбата, туох да быһаарыллыбата, саатар манна, киин сиргэ, быһаара сатыахтаахтарын эттим. Ол иннинэ Дьокуускайга реанимацияҕа киирбитигэр, ыксаан, лапароскопическай эпэрээссийэ кытта оҥорон турардаахтар. Ол да эпэрээссийэ тугу да быһаарбатаҕа, көрдөрбөтөҕө.
Күннэйим комаҕа түспүтэ үһүс сууккатын туолар чааһыгар, киэһэ 5 чаас саҕана, бэйэтин өйүгэр кэллэ диэбиттэригэр миигиттэн дьоллоох киһи суох этэ. Сотору соҕус буолаат миигин эмтиир бырааһа иккистээн ыҥыран ылан: «Мин үлэлиир сылларым тухары элбэх оҕону коматтан таһаарбытым, ол тухары биир да оҕо төһө өр өйө суох сыппытын этэр кыаҕа суоҕа. Оттон Күннэй, коматтан тахсаат, трубкаларын эҥин ылбыттарын кэннэ, «мин үс суукка манна суох этим, наһаа аччыктаатым» диэбитэ. Эбиитин миигин толору ааппынан ыҥырбыта. Ааппын кини хайдах да билиэ суохтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, миигин киниэхэ эмтиир бырааһынан комаҕа түспүтүн кэннэ анаабыттара», – диэн олус сөхпүтүн эппитэ. Мин, тугу да эппиэтиир кыаҕа суох буолан, истэн эрэ кэбиспитим.
Оҕобун дьэ уопсай балаатаҕа көһөрөр кэтэһиилээх күнүгэр, эбиэт кэннэ, реанимация нөҥүө ыкса турар хоско таһаардылар. Сүрэҕин тэбиитин бэрэбиэркэлиир аппараат туруордулар. Миигин оҕобун кытта хааларбын көҥүллээтилэр уонна хомуллар орон биэрдилэр. Оо, онно Күммүн сырылаччы сыллаан, кууһан, олус да үөрбүтүм. Онтум уһаабатаҕа… Икки чааһы кыайбакка, оҕом барахсан эмиэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Аны хараҕын аһа сытар. Эмиэ быраастар… сүүрүү-көтүү… аймалҕан… биир кулгаахпынан иһиттэхпинэ, «глубокий сопор» дииллэр… Оҕобун эрэ миигиттэн илдьэ барбатыннар диэн санаа… Тула истиэнэлэрим устан бардылар, дьон саҥата улам ыраатан истэ… Эмискэ түөспүттэн хаһыы төлө көтөн тахсыбытын кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Бу сырыыга, мин дьолбор, Күннэйим син балачча кэминэн өйүгэр кэлэн барыбытын үөрдүбүтэ.
Ити түбэлтэ кэнниттэн үс хонон баран кыысчааным эмиэ өйүн сүтэрэн реанимацияҕа киирбитэ. Мин изоляторга оҕом аттыгар хоммутум. Бу сырыыга комаҕа суукка аҥаара сыппыта. Ол эрээри уһуктан баран, оҕом миигиттэн ураты кими да өйдөөбөт да, билбэт да буолан хаалбыт этэ. Балтын, эһэтин, эбэтин, аймахтарын, доҕотторун – барыларын ким эрэ өйүттэн сотон кэбиспитин курдук. Ол сытан миэхэ маннык кэпсээн турардаах: «Арай улахан