Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар. Клара Ксенофонтова

Читать онлайн.
Название Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар
Автор произведения Клара Ксенофонтова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2019
isbn 978-5-7696-5624-8



Скачать книгу

улуу байҕал

      Көҕөрүмтүйэн көстөр

      Киэҥ-нэлэмэн таһаатыгар

      Уруйдаан-айхаллаан атаарар

      Долгутуулаах күммүт үүннэ.

      Оскуоланы бүтэрдиҥ,

      Олоххо син уһуйулуннуҥ.

      Эн иннигэр аны арыллар

      Эндирдээх кини аана.

      Кыһалҕаны кыайар

      Кынаттаах ыраланаар,

      Ыараханы баһыйар

      Ыйдаҥалаах санааланаар!

      «Бүтэһик чуораан чугдаарар…»

      Бүтэһик чуораан чугдаарар

      Долгутуулаах күнүнэн!

      Бары да күүппүт

      Дьоһун-мааны кэминэн!

      Олоххут бастакы үктэлин

      Оскуолаҕытын умнумаҥ,

      Киэҥ суолга сирдээбит

      Кэрэ дьону – учууталлары.

      Баҕа санааҕыт барҕара туоларыгар

      Бары моһоллору туоруур

      Баараҕай санаанан салаллыҥ,

      Баар билиигитин туһаныҥ!

      Саргылаах санааҕыт

      Салаллан иһиэхтин,

      Тутуспут суолгут

      Тупса туруохтун!

      ДЬОРО КҮННЭРГЭ

      Үбүлүөйдэргэ

      Биэс уон саас…

      Эн иннигэр арыллар

      Олох саҥа страницата:

      Көрө илик сириҥ-дойдуҥ,

      Саҥа ыраах саҕахтарыҥ.

      Биэс уон саас…

      Эн иннигэр арыллар

      Олох саҥа страницата:

      Эн эдэргин, эрчимнээххин

      Сарсыҥҥы күнү күүтэргиттэн,

      Эдэргин сүрэҕиҥ кэрэттэн

      Өссө да долгуйа мөхсөрүттэн…

      Эр киһиэхэ 50 сааһынан

      Үлэ диэн баран муннукка ытаабыт

      Биир дьикти киһибит —

      Баарбыт-суохпут, тылбыт-өспүт,

      Куолубут хаата,

      Дьэ, киһи мааныта,

      Кини обургу кэлэн-баран,

      Үлэлээн-хамсаан,

      Бүтэрэн-оһорон,

      Кыайан-хотон,

      Быһата, киһи бастыҥа.

      Үлэтэ суох олох тэһийбэт,

      Олорон хааллаҕына,

      Тыына кыарыыр.

      Дьэ, киһи чулуута.

      Биһиги атаспыт

      Биэс уонун бэлиэтиир

      Бэлиэ киэһэтигэр

      Биһигини ыҥырда.

      Сүрэҕиҥ баҕатын

      Сүһүөҕүҥ уйдун,

      Сайдам санааҥ саппаҕырбатын,

      Өрөгөй-талаан үөрдүстүн,

      Үөрүүҥ-көтүүҥ үрдээтин!

      Физика учууталыгар 60 сааһынан

      Эн бүгүн сүүрбэҕин үс төгүл туоллуҥ,

      Ол иһин сүүрбэлээх уол курдук буоллуҥ:

      Соччону үөрдүҥ, соччону долгуйдуҥ,

      Соччонон сэтэрэр уоҕунан оргуйдуҥ.

      Учуутал, эн дьоллооххун,

      Кимиэхэ эрэ хатат кыымын

      Сүрэҕэр сахпыт буоллаххына,

      Оҕо аймаҕы олох суолугар

      Олук ууран, далаһа кэбиһэн,

      Олоххо таһаарсыбыт буоллаххына…

      Эйигин өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! «Ханнык да идэҕэ дьоҕуру аан бастаан учуутал арыйар» диэн этии олохтооҕо эн айымньылаахтык үлэлиир үтүө холобургуттан көстөр. Ол курдук ыччаты физика предметин таптыырга, ураты үлүһүйүүгэ сирдээтиҥ, айдыҥ-туттуҥ, киэҥ дуолга көччөх