Название | Саамай күндү бэлэх |
---|---|
Автор произведения | Группа авторов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6198-3 |
Унньуктаах уһун суол уһуга көстүбэт. Күн киирэн барбыт. Хонуу куйаар көҕөрүмтүйэ унаарбыт. Сотору хараҥарбыт. Ыраах бөрөлөр улуйбуттар, ырдьыгынаспыттар. Холмат иччитэх куйаарга соҕотоҕун айанныырыттан куттаммыт. Ол истэҕинэ, эмискэ аул курдук уот көстүбүт.
Холмат атын ол уот диэки салайбыт. Чугаһаатаҕын аайы, уот сырдаан, чаҕылыйан испит. Холмат тиийэн кэлбитэ, хонуу ортотугар оттуллубут уокка улахан олгуй оргуйа турар эбит.
– Олорунан кэбис, тукаам, – диэбит кырдьа барбыт дьахтар, оҕонньоро, кыыһа аттыгар олороллор үһү.
– У-бо-ой! – диэбит оҕонньор. – Киһиэхэ атыттан түһэр бокуойда биэр!
– Баҕардар, атыныын да олордун! – диэн кыыс күлбүт.
Эдэр киһи мичээрдээт атыттан түспүт. Остуол тула олорон, олгуйга буһа турар астан ылан аһаабыттар. Аһаан бүтээт, утуйаары олорон, муус маҥан бытыктаах оҕонньортон эдэр киһи ыйыппыт:
– Эһиги миигин олус эйэҕэстик көрүстүгүт, тоҕо саатар ааппын ыйыппатыгыт?
– Дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэстик туттунуу сокуона оннук, – диэбит оҕонньор.
– Оҕонньоор, арай мин куһаҕан киһи буолуум?
– Куһаҕан киһи дьадаҥы ыалга тохтообот. Сыт, тоҕойуом, нус бааччы утуй.
Халлаан сырдыыта Холматы атаарбыттар, матаҕатыгар ас уган аара сииригэр өйүөлээбиттэр. Эдэр киһи аккаастаныан санаан баран, үтүө санаалаах дьону хомотуон баҕарбатах.
Күн эмиэ киирбит, хараҥа түүн эмиэ саба бүрүүкээн кэлбит. Бөрөлөр улуйбуттар, ырдьыгынаспыттар. Хонуу куйаарга түүн соҕотоҕун айанныырыттан Холмат куттаммыт. Ол иһэн эмиэ иннигэр уот кылахачыйарын көрбүт. Үөрэ түспүт, атын ол диэки салайа баттаабыт.
Чугаһаан кэлэн көрбүтэ: олбуор баар, аана олуурдаах. Уол ааны тоҥсуйбут, дьиэлээхтэр тахсан ааны аһа охсубатахтар. Тоҥсуйтаран-тоҥсуйтаран баран, дьэ тахсан: «Кимҥиний, хантан иһэҕин, тоҕо ыраах айаҥҥа туруннуҥ?» – диэн ыйыталаспыттар.
– Үтүө дьон, киллэрэн хонноруҥ! – диэн Холмат көрдөспүт-ааттаспыт. – Буутайбын тэллэниэм, ыҥыырбын сыттаныам, матаҕабар өйүөлээхпин.
Дьиэлээхтэр олбуордарын аанын аһан, тэлгэһэҕэ киллэрбиттэр. Плов минньигэс сыта дыргыйар эбит. Дьиэлээхтэр Холматы остуолга ыҥырбатахтар. Сарсыарда эрдэ, халлаан саҥа суһуктуйа сырдыыта, туруоран уолу утаарбыттар, лэппиэскэ тоорохойун да өйүөлээбэтэхтэр.
Хонуу куйаарга күн күндэлэстиир, от көҕөрө чэлгийэр. Үөһэ халлааҥҥа күөрэгэйдэр ыллыыллар. Курупааскы мэник оҕолорун ыҥырар, кобра ыарҕа анныгар сэппэрээк салаата буолан кубулунан сытар. Элбэх дьиктини көрөн, Холмат хомолтотун умнан кэбиспит.
Күн эмиэ киирбит, улам боруоран, устунан хараҥарбыт. Хонуу куйаарга эмиэ бөрөлөр улуйбуттар.
Холмат хабыс-хараҥаҕа улахан дьиэ таһыгар тиийэн кэлбит. Көрбүтэ: дьиэтэ туох да киирбэт бүтэй олбуордаах, халыҥ аана күлүүс хатааһыннаах.