Урут бобуллубут айымньылар. Валентина Семенова

Читать онлайн.
Название Урут бобуллубут айымньылар
Автор произведения Валентина Семенова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2019
isbn 978-57696-5462-6



Скачать книгу

үлэ истиилин биир көстүүтэ этэ. Ол содулугар Д. Дыдаев айымньылара 15 сыл устата бэчээттэммэккэ, күн сирин көрбөккө сыппыттара. 1989 с. эрэ саҕалаан хаһыаттарга, сурунаалга бэчээттэнэн барбыттара.

      Дьэ онон, күндү ааҕааччы, эн тоталитарнай режим кэмигэр бобуллубут, сорохторо хаайылларга, бэл, ытылларга төрүөт буолбут айымньылары үгүстэрин холбуу тутан, илиигэр ылан ааҕар кыахтанныҥ. Кинигэни ааҕа олорон, сахаҕа даҕаны Алампа, Н. Неустроев, Арбита, Кындыл курдук кырдьыгы этэр, көҥүл санаалаах хорсун дьон баалларыттан киэн туттуоҥ, И. Попов кыра-хара дьон кутурҕан аргыстаах олохторун суруйбутуттан курутуйуоҥ, Оонньуулаах Уйбаан, М. Корнилов курдук айар дьон олорон ааспыттарын билиэҥ, Алтан Сарын, Суорун Омоллоон, С. Васильев айымньыларыттан оччотооҕу кэм тыынын истиэҥ.

      В.Г. Семенова,

      филологическай наука кандидата

      Николай Неустроев

      ҮРҮҤ КҮӨЛГЭ

      (Оҕолорго кэпсээн)

      Куораттан сэттэ биэрэстэ аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ Марха диэн баар. Ол дэриэбинэ чугаһыгар Үрүҥ Күөл диэн ааттаах улахан күөл баар эбит. Биир күһүн биһиги, хаһыа да буолан, ол күөл муҥхатыгар куораттан таҕыстыбыт. Биһиги, тыаттан саҥа үөрэххэ киирбит оҕолор, куорат дьоно хайдах муҥхалыыллар эбит диэн, ити гэннэ тыаҕа бу кэмҥэ муҥхаҕа сылдьарбытын да ахтан, ону көрөөрү бардыбыт. Бастаан куораттан тахсыыбытыгар үөрүүбүт-көтүүбүт сүрдэннэ, түргэн соҕустук Марха суолунан баран истибит. Былыттаах итии күн этэ. Хаар бэт чараас гына түспүт.

      Муучун кириэһэ диэн ааттаах, киһи уҥуохтардаах халдьаайыны аннынан ааһан иһэн, Дьылаарба Мэхээлэ эттэ:

      – Манна түөкүттэр киһини кэмэтэ суох талыыр-өлөрөр сирдэрэ.

      – Дьэ, оннук! – диэтэ Сэмэн, бастаан иһэн.

      Биһиги, оҕолор, куттанан: «О-о-о!» – дэстибит.

      «Бу түөкүттэр өлөттөөбүт дьоннорун уҥуохтара буоллаҕа», – дии санаатым мин испэр. «Тоҕо баҕас куһаҕанай, киһини өлөрөллөрө. Оннугу оҥорботохторуна, кинилэр сатаан сылдьыбат буоллахтара. Бу дойду биһиги тыабытыгар төрүт маарыннаабат – киэҥ баҕайы толоон, онно-манна арыы тыалар харааран көстөллөр. Маннык сир түөкүннээх да буолуон сөп». Ити курдук кэри-куру санаан, биһиги суол устун баран истибит. Бу дойду суола даҕаны кэтитэ, киэҥэ бэт. Ыраах алар быыһыгар нуучча дьиэлэрэ көстөллөр. «Хайаан маннык түөкүннээх сиргэ дьон олороллор?» – диэн мин испэр мунаахсыйа истим.

      Ол икки ардыгар куттаммыппыт ааһан, эмиэ күлсэн-оонньоон бардыбыт. Арай иннибитигэр сыарҕа акка икки нуучча дьахтара олорон баран иһэллэр эбит. Сыарҕа иннигэр куучардара хороччу олорбут.

      «Оҕолоор, ити нуучча дьахталларын куттуоҕуҥ эрэ!» – диэтэ ким эрэ. Онуохаҕа туран биһиги бары, итирбит дьон буолан хаһыытаһа-хаһыытаһа балааскайдаан, суолу икки өттүнэн айаннаатыбыт. Өс киирбэх, били дьахталларбыт, биһигиттэн куттанан, суолтан туораан тахсан, биһигини эргийэ бардылар. Кинилэр тустарыгар кэлбиппит гэннэ,