Название | Сырдык курус |
---|---|
Автор произведения | А. К. Никифорова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2011 |
isbn | 978-5-7696-3594-6 |
– Суох, бу аата көннөрү барытын бэлэмнээн кэбиһэбин. Сөпкө этэҕин, чыычааҕыам. Дьиэтэ-уота да суох сылдьан, ама хайаан малбытын барытын соһон барыахпытый. Таҥнар таҥаспытын илдьэ бардахпытына да сөп.
Татьяна Иннокентьевна санаатыгар сүрдээҕин ыксыыр. Бэс ыйа эргэтигэр барда, оттон кинилэр дойдуларыттан хоҥно да иликтэр. Кыыһа куорат библиотекатыгар олорон экзаменнарыгар бэлэмнэниэ этэ буоллаҕа дии. Университекка киирэргэ куонкурус сүрдээх улахан. Аайа буоллаҕына ханныкка киириэн ситэ быһаарына да илик курдук. Тылга дьоҕурдаах кыыс суруналыыс дуу, тыл учуонайа дуу буолуом диэччи.
– Маама, ханнык идэни таларым буолла? СГУ-га киирдэхпинэ, учуутал буолабын. Онтон атын идэни хайдах эрэ толкуйдаабат да курдукпун. Суруналыыс буолар киһи наһаа да бэрт буолуо эбит. Ити Ваня Семенов суруналыыс буолуон баҕарар эбит. Ол идэҕэ биһиэхэ үөрэппэттэр ээ.
– Сүрэҕиҥ тугу этэринэн идэҕин таларыҥ сөп. Ол эрээри айар үлэһит буолар диэн эмиэ да олус бэрт дии. Көрөн олорон айылҕаны олус даҕаны табан, киһи санаатыгар сөп түбэһэр гына суруйаллар дии. Оннук дьоҕур киһиэхэ эрэ бэриллибэт. Холобура, көмүс күһүн туһунан хайдах курдук уустаан-ураннаан хоһуйан суруйалларый? Аҥаардас сэбирдэх туһунан элбэҕи да этэр суруйааччылардаахпыт. Ити кинилэр кэрэни таба көрөр ураты талааннарыттан тахсар. Хайдах курдук биһиги улуу суруйааччыларбыт төрөөбүт төрүт дойдуларын, алаастарын, айылҕаларын таптыылларыттан сөҕөбүн, хомуһуннаах тылынан дьүһүйбүттэрин ааҕа олорон, уйулҕаҥ хамсаан, эккинэн-сииҥҥинэн ураты сүүрээн кутуллар. Тыл күүһэ итиниэхэ сытар. Эн тылга сыһыаннаах идэни таллаххына, иннигэр кэскилиҥ сүрдээх киэҥ буолуо.
– Ой, маама, мин хантан биһиги суруйааччыларбыт курдук суруйуохпунуй?
– Редколлегия солбуллубат чилиэнэҕин, хаһыаккыт редактораҕын дии. Оскуола олоҕун туһунан ыстатыйа бөҕөтүн суруйан кэллиҥ. Бэл диэтэр, «Бэлэм буолга» бэчээттэнэҕин. Бэйэни сэнэммэт баҕайыта. Дьокуускайга сөптөөх үөрэх суох буоллаҕына, соҕуруу баран көр.
– Хайдах эдьиийбиниин иккиэн соҕуруу үөрэниэхпитий? Эн хайдах кыра хамнаскар үөрэттэрээри гынаҕын? Суох, эйиэхэ ыарахан буолуо, маама. Саха сиригэр да үөрэнэн үчүгэй специалист буолуом дии саныыбын.
– СГУ-га куонкурус олус улахан дииллэр. Кытаатан бэлэмнэннэххэ эрэ табыллар, чыычаах.
Бу кэпсэтии кэнниттэн Татьяна Иннокентьевна элбэҕи эргитэ санаан уута кэлбэтэҕэ. Кини ханнык идэни таларын дьылҕата бэйэтэ быһаарбыт курдуга. Татыйыыс тоҕус сааһыгар ийэтэ сэлликтээн өлбүтэ. Ыарыы обургу күнтэн күн ийэтин ытарчалыы хам ылан иһэрин кыракый кыысчаан көрөрө. Оччолорго сэрии кэнниттэн сэллик улаханнык тарҕаммыт кэмэ этэ. Бөһүөлэк биэлсэрэ биирдэ эмит кэлэн барара. Кэлэн даҕаны диэн, эмтээн эрэрэ көстүбэт этэ. Сүр ыараханнык өрө тыынаат, баһын быһа илгистэн баран тахсан барара. Кыысчаан ол киһиэхэ абара да саныыра! Эмчит ааттаах эрээри, иэрийэ-иэрийэ сөтөллөн муҥнана сытар ийэтигэр тугунан да көмөлөспөт. Оччоҕо тоҕо кэлэрий! Кини хантан билээхтиэй, аҕыйах