Название | Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5857-0 |
– Ытыма, ытыма-аа! Адырыыс Боотургун дуо?! – атын бэдьэҥэлэтэн иһэн, ыстанан түһэн, аргыһыгар сүүрбүтэ.
Адырыыс аатын истэн соһуйан, атын хантаччы тарда, тохтото сатаан туора-маары тардыалыы, дьон таһыгар мэҥитэн кэлбитэ. Кимнээхтэрин билээри, хараҕын бүлтэччи көрө, ыга астарбыта.
– Адырыыс Боотур, уоххун-кылыҥҥын уҕарыт. Биһиги Туоҕа Боотур биитэ Кырамай Боотур дьонобут. Бу эйигин ыҥырар, батыһыннарар дьүһүммүт… – диэбитинэн, бастакы боотур сүрэҕин тутта нөрүйэн ылбыта.
Охтубут боотур төбөтүн илгистэ, түөрт атахтанан бөкчөҥнүү, тэмтээкэйдээбитинэн туран кэлбитэ.
– Күһэҥэм туһалаатаҕын… Хомуруйда быһыылаах, аттан сууллуохха диэри кытаанах охсуу буолла… – дии-дии аҕылаан мэҥийэ, саҕынньаҕын устан, Адырыыс Боотурга көхсүн көрдөрдө.
Төгүрүк күһэҥэ куйах хабыллар хаба ортотунан хомуллан иһирдьэ киирбитэ күлүктэнэн көстүбүтэ.
– Муҥур оноҕоһунан дэгэпчилээбиппэр үөр! Кимҥитин-туоххутун хантан билиэмий, кыылбын өлөрөн, эккирэтэн ыл диэбиттии, оноҕоспун тииккэ саайбыт баҕастааххыт! Ааппын ааттаабатаххыт буоллар, иэҥҥитин хастаан туран, ээххитин этиттэрэрим хааллаҕа… Кыылым аҥаарын, тириитин аҕалыҥ! – Адырыыс бардьыгынаан тоҕо барбыта. – Кырамай Боотур, Туоҕа Боотур диэтигит дуу, сирдээҥ оччоҕо…
– Биэрэн-биэрэн. Түөлбэбитигэр тиийдэхпитинэ, тириитин ыраастаан, куурдан баран тиксэриэхпит, – бастакы боотур киһитигэр көмөлөһөн, атыгар тахсарыгар үтэн биэрбитэ. – Чэ, барыаҕыҥ, мантан чугаспыт, – диэт, ыҥыырыттан тутуһаат, иҥэһэтигэр атаҕын тумсун даҕаны кэтэрпэккэ, ыҥыырын үрдүгэр биирдэ баар буолбута.
– Кырамай Боотур мин кэлэрбин