Название | Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5857-0 |
Кыыл син барбахтаһа иһэн, үөрүттэн хаалан, талахтар быыстарыгар киирэн сытан ылбытын көрөн, үөрэ түспүтэ. Ох саатын бэлэм тутан, сиэллэрэн бидилиппитэ. Таба от үрэхтэн, куоһааҕынан туораан, бэс мастаах сиргэ тахсыбытын чуо булбута. Соҕотох таба суола тыргылла сытарыттан эрэлэ улааппыта. Хаста даҕаны хоноҥноһо туттан, дьоһумсуйан хаамса сылдьар хара улардарга түбэһитэлээбитэ эрээри, кыыллаан сиэри, ааһа турбута. Кыыл ситтэриэхчэ ситтэрбэккэ, халлаан борук-сорукка сууланан, хараҥаран барбыта. Адырыыс аччыктаан, хараҕа суолу араарбат буолан, биир алаас саҕатыгар тохтообута. Атын сыбыдахтаан, өртөөн кэбиспитэ. Бэйэтэ иһирдьэ киирэн, охтубут улахан тиит буордаах силиһинэн хаххаланардыы, иннигэр кутаа оттунан, хонордуу тэриммитэ. Үтэтин тобоҕун хадьырыйаат, ыҥыырын сыттыктанан, хаҥас өттүгэр батаһын уурунан, сулустары кыҥастаһа сытан, утуйан хаалбыта.
Чараас тумарыкка бүрүллэн, күн сылааһын биэрбэккэ, ыйдыы дьэлтэйиитэ, от-мас кырыаланан, тула сырдаан тунаарбытын кэннэ, дьагдьайан уһуктубута. Уккунньаҕын хамсата дьөлүтэ анньыалыы, үрэн бурулаппыта, ол аайы кырачаан кыымнар кыыһырбыттыы, кытара кыыһа кылахачыспыттара. Үрүү салгына тохтоотоҕуна уҕарыйан, буруонан сабына унаарбыттара. Ханна эрэ, түгэххэ саспыт мэник кыымчаан уһуктан, хаппыт сарадахха хатанан, үөрбүттүү өрө күлүбүрээн, доҕотторун уһугуннарардыы, умайан сириэдийбитэ.
Адырыыс уотун көрбөхтүү, бөҕүөрбүт тарбахтарын саратан, ытыһын уокка үппүтэ. «Туох абааһы кыыла түбэһэн моһуоктаата? Аны бу кырыаҕа суола көстүбэт. Тоҕус Боотурдаах ыйан биэрбит суолларыттан тэйдэҕим. Хайдах буолуох баҕайыбыный, төттөрү баран көрөрүм дуу?» – диэн мунаахсыйа саныы олордоҕуна, икки суор киниттэн соччо ырааҕа суох сиргэ, тугу эрэ былдьаһардыы халаахтаһан, эккирэтиһэн сурдурҕаспыттара. Адырыыс итини көрөн, үөрбүттүү ойон турбута. Санаатынан алыкылыы, суордары хараҕын далыттан түһэрбэккэ кыҥастаспыта. Түргэн үлүгэрдик атын тутан