Название | Биһик |
---|---|
Автор произведения | Дмитрий Пономарев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2022 |
isbn | 978-5-7696-6594-3 |
Көс дьон олоҕор хоргуйуу кэлбитэ, санаалара «тугу эрэ булан сиэбит киһи» диэн этэ. Манна эбии тымныйан, сыыстаран ыалдьыы элбээбитэ, өлүү-сүтүү эҥээрдэммитэ. Оҕо-дьахтар бу бытархан тымныыга тоҥ буору хаһан өлүктэри кистиир кыахтара суоҕа, инньэ гынан балаҕан эркинигэр титирик маһы өйөннөрөн хахха оҥорон, өлбүт дьону өрбөххө суулаан үрүт-үрдүлэригэр дьаарыстаабыттара. Өрүүнэ таһынааҕы балаҕаҥҥа кини кыыһыттан эрэ мэнэкэ оҕолоох эдэркээн дьахтары аһынара. Сэниэтэ суоҕунан ытаан ыҥырҕыыр оҕотун, баҕар, туох эмэ сүмэһин тахсаарай диэн, кур аччык ийэтэ уһун күнү супту эмтэрэ сатыыра. Ону көрөн, аһыныгас санаата киирэн биир күн: «Бээ, баҕар, миэхэ үүт киирээрэй, соторутааҕыта диэри оҕо эмтэрэ сылдьыбытым», – диэн оҕону көрдөөн ылла. Илиитигэр ылбытыгар уолан хапсыйбыт эмиийин тумугун кырачаан киһи соппойон барбыта. Өрүүнэ ийэ кута арыллан, орто дойду кыһалҕалаах олоҕун хайа эрэ кэмҥэ умна быһыытыйбыта, үчүгээй-үчүгэй турукка киирэн, кыыһын көтөҕөн олорор курдук сананан, үөрэн дьолломмута. Оо, оҕону эмиийдэтэртэн ордук уоскулаҥ утаҕа баар үһүө, ама, ийэҕэ?!
Ийэ эрэйдээх хас да күн туруулаһан туран эмтэрэ сатаата да суох, үүт олох киирбэтэ. Оҕо барахсан сэниэтэ суоҕунан соппойо сатаан баран, күүһэ эстэн, ытыыр да кыаҕа суох нукаай курдук сытынан кэбиһэр. Ийэтэ эрэйдээх тугу да гынар кыаҕа суоҕуттан, барбах ытаан санныта эрэ дьигиҥнии олороохтоото.
Өрүүнэ биир күн киирбитэ дьахтара оҕотун хоонньугар уктан сытара. Өрүүнэ: «Хайа, хайдаххытый?» – диэн ыйытта. Дьахтар муҥнаах туох да саҥата суох, иччитэ суох харахтарынан саҥа кэлэр сирин диэки мээнэнэн көрөн кэбиспитэ. Сарсыныгар киирбитэ оҕотун эмтэрбитинэн иккиэн өлө сыталлара. Өрүүнэ «һуу!» диэн саҥа аллайаат, сүрэҕин туттан олоро биэрдэ: «Оо, барахсаттар, туоххут буруйугар төрөөбүт дойдугутуттан үүрүллэн, манна кэлэн суорума суолланнаххыат?! Көтөх оҕолоох муҥнааҕынан кими өрөһүйтэрээри ыыппыт муҥнарай?» – диэн ытаан барбыта.
Балаҕан аайы сытааччы элбээтэ, күн сириттэн күрэнээччи да үксээтэ. Тыыннаах хаалар баҕаттан кирис өтүүнү, бэс сутукатын, тэллэх гына сылдьар эргэ тириилэрин кытта сиэтилэр.
Хам-хаадьаа да буоллар наарыһынай тахсан киин сиртэн кэлбит суруктары тарҕатара. Аны мантыгыт итэҕэс диэбиттии, сэрии толоонуттан «хара суруктар» эмиэ кэлитэлииллэрэ. Итинник «хара сурук» Өрүүнэни эмиэ тумнубатаҕа. Уолбут харахтарын уута ыгыллан тахсаннар сурук үрдүгэр быыстала суох тохтубуттара. Сэмэнчигиниин куустуһан олорон сылайан сытыныахтарыгар диэри ытаспыттара. Өрүүнэ устунан