Название | Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит |
---|---|
Автор произведения | Василий Яковлев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2018 |
isbn | 978-5-7696-5421-3 |
– Аал уотум иччитэ Бырдьа Бытык, Сээркээн Сэһэн, Хатан Тэмиэрийэ тойон, – эһэтин үс хара бараан күлүгэр сүһүөхтээх бэйэтинэн сөһүргэстээн, хоолдьуктаах төбөтүнэн хоҥкуйан, үҥэн-сүгүрүйэн туран көрдөһөр.
Иэримэ дьиэтин иччитин иэнигиттэрбэтин, аал уотун амньыраттарбатын, үрүт өттүттэн үргүөрү биллэрбэтин, алын өттүттэн аргыары таһаарбатын, сымыыттааҕар бүтэйдик, балыктааҕар кэлэҕэйдик, уу нуураллык олорбут уһун олохторун уйгуурдубатын, дьаҥы-дьайыҥы таарыйтарбатын, ыарыыны-сүтүүнү ыаллаһыннарбатын диэн тойон эһэтиттэн тобуктаан, тоҥхойон олорон, тулаайах бэйэтэ көрдөһөр-ааттаһар. Айах тутан айхаллыыр:
– Аһаан-сиэн, сырдаан тур! Үөрэн-көтөн, мүчүйэн тур! Уруй буоллун! Тускул буоллун!
Инньэ диэн баран, уотугар Микииппэр оҕонньор үс сиргэ ас биэрэр, сиэл быраҕар.
Онтон үөттүрэҕин ылан, оронун иннинэн сири үс төгүллээн күөйэ көтөн баран, дьэ, нус-хас буолбут курдук сананан, сытынан кэбистэ. Уйгууран хаалан, онтон сарсыарда утуйбата даҕаны, эмээхсинэ, уһукта-уһукта нухарыйан, арыый намыраан, кэм сынньаммыт курдук буолла.
Дьэ, ити курдук, түүннэрин бэрт кыһалҕалаахтык, кыбыстыылаахтык туораатылар оҕонньордоох эмээхсин.
Эмээхсинэ, кэм арыый сэргэхсийэн, атаҕар туран, хотонун үлэтин бэйэтэ көрөр буолан хаалла. Кыыллара арахсыбата. Арахсыахтааҕар, эбии эр ылан, киһиттэн өрүү да күрэммэт буолан истэ. Күрдьүктэн арахпат. Сээкэй ас тобоҕун, уҥуох-иҥиэх тооромоһун таһааран тохтохторуна, манаан олорон, тута көтөн сабдыйан кэлэн, харахтарын ортотугар тоҥсуйбутунан барар буолла.
Онон иккиэн сүбэнэн, дойду сиртэн киирэн, биир эмэ кырдьаҕаһы көрдөһөн таһаарарга кэпсэттилэр.
Аҕыйах хонукка оҕонньор, эмээхсинин ыарыылыы-ыарыылыы, хас да хонуктаах отун-маһын бэлэмнэнэн баран, биир сарсыарда эрдэ туран нэһилиэктиир гына тэриннэ.
Oҕонньop атын көлүйэн бэлэмнээн, барар таҥаһын таҥнан баран, суорат сии олорон, эмээхсинигэр эттэ:
– Чэ, эмээхсиэн, үчүгэйдик олор. Сарсын киэһэ эргиллэн кэлэ сатаан көрүллүө. Ньахсаан оҕонньору көрдөһөн көрөр санаалаахпын. Таба тутабын дуу, суох дуу?
– Оо, ол Ньахсаан кырдьаҕас буолунан кэлиэ үhү дуо? Уонна, хайа, ойууннаан уурайбыт ааттаах этэ дии, былырыын бассабыыктартан дьарыллан.
– Уурайбат. Киһи ырбаахыны устан быраҕарын курдук бэрт дэбигис босхоломмот дьыалата буолуо эбээт. Наай гыннар, дүҥүрүн бырахта ини. Хайа, оттон бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим буоллаҕа дии, тылбын ылынар ини. Кинини элбэхтик мискийбит урут суох… Хата, бээрэ, кыайыах буолларгын, борооскуларгын дьиэҕэ аһатыаҥ-уулатыаҥ этэ. Таһырдьа таһаарбатаргын ханнык. Ити баҕайы, киһи барбытын биллэҕинэ, тугу-тугу оҥороро биллибэт. Талах иһиккин абырахтаабытым,