1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин

Читать онлайн.
Название 1986. Аргыардаах саас
Автор произведения Иван Сысолятин
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2018
isbn 978-5-7696-5453-4



Скачать книгу

иhиирэр», – диэн санаан аhарда.

      «Хотуой, тоҕо иhиирэҕин? Аньыы!.. Абааhыны ыҥырыма!» – диэн Костята хата эдьиийигэр Вераҕа дьорҕойор саҥата иhилиннэ.

      Олох даҕаны Вера иhиирбит эбит. Дьэ ити курдук аныгы кыргыттар киhи үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын оҥороллоро, тэбэнитирэллэрэ элбээн иhэр. Аны кыргыттар кыра саастарыттан матасыыкыл ыыталлар, уолаттар курдук тусталлар, өссө охсуhаллар ээ… эҥин-эҥинник кулахачыс гына-гына, бэйэ-бэйэлэрин тэбиэлэhэллэр… – Ээ, бу эрэйдээх… сүрэҕэлдьээн хараҕын көҕөччү көрөөхтөөбүт, – Вера сурдьун кыынньыыр.

      – Оттон эн хараҕыҥ көҕөрөн‑көҕөрөн чалбах курдук буолбут, – Костя да хаалсыбат.

      – Оччоҕо эйиэнэ туох… ньамах курдук буолбут. Ньамах! Ньамах! – дии-дии, Вера күлэн сыhыгыратар.

      Бу сырыыга Костя, сөптөөх кыhыылаах тылы була охсубакка, кыраабылын угун үҥүү курдук туhаайбытынан эдьиийигэр утары киирэн эрдэҕинэ, анараа диэкиттэн, булгунньах тэллэҕиттэн от охсо сылдьар аҕаларын Сорогод буойар хаhыыта иhилиннэ.

      Онтон биирдэ көрбүттэрэ: аҕалара, хотуурун күөрэччи сүкпүтүнэн, куула тыа диэки хааман эрэр эбит. «Ураа! Сынньалаҥ!» – диэбитинэн Костя, кыраабылын субуулаах окко хаптаччы быраҕаат, отуу диэки ойбутунан барда.

      Өҥүрүк куйаас ыкпыт-быкпыт дьоно улаханныын-кыралыын күлүккэ таластылар.

      – Дьэ, туймалдьыйан түhэн абытай куйаас диэтэҕиҥ! – Сорогод миискэлээх чэйин биир тыынынан иhэн киллиргэтээт, быыбаккатын тоҕоору миискэтин умса тутар. – Сиикэй эт буhар куйааhа диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ былыргылар.

      – Сөп, оччоҕо мин сарсын сиикэй эт аҕаламмын итиннэ маска ууран кэбиhиэм, күнүскү аhылыкка, хата, бэлэм буспут эти сиэҕим, – диэн Костя күө-дьаа буола охсор.

      – Бу солуута суох тылга тииhэн тылыбырата олорооччум хаhан от охсуhан көмөлөhөр киhи буоларыҥ буолла? – диир аҕалара, Костя диэки хайыhа олорон. – Эмиэ улахан киhибит, Өстүөпэбит курдук ахсыhы бүтэрээт, сайыны быhа күүлэй тэбэ быладьыай бараҕын дуу?

      – Ол Өстүөпэ олох да күүлэй тэппэт ээ… үөрэххэ туттарсар дии! – Костя сирэйэ-хараҕа оттомура түhэр.

      – Күүлэй буолбакка!.. Ол инньэтэх Алданынан эрэ эргийэн баран, аны Дьокуускайы бараан эрэр буолбат дуо? Ус сайыны быhа кини үөрэххэ киирэрин майдалҕана… – Бараан… бараан диэн тугуй? Бараан да? Ким бараан буоллаҕай? – Костя аҕатын тылын тутуhан, саҥаран көрө-көрө, чачыгыраччы күлэр.

      – Бу, эн, тохтуу түс эрэ! Туох үлүгэрэй! Солуута суохха күл да күл! – Сорогод уолун кынчарыйар. – Убайыҥ, үтүө айылааҕа буоллар билигин манна көмөлөhөн оттоhо, от охсуhа сылдьар буолуох этэ. Ол ханна баарый?

      – Чэ-чэ, бэйэҥ оҕоҕун быhа-хото саҥарыма… Ол икки-үс күн хотуур туппата диэҥҥин хомойон-хоргутан аҕай эрдэҕиҥ, – диир ийэлэрэ уонна салапаан мөhөөччүккэ сууламмыт алаадьыны хаhыат үрдүгэр тэнитэ кутар. – Оттон кини даҕаны үөрэххэ киирдэрбин диэн муҥнанар, эккирэтиhэр буоллаҕа дии.

      – Һы, ол үөрэҕи эккирэтэрэ дуу, баҕар… кыыhы эккирэтэр дуу? Хайата даҕаны биллибэт ээ?

      – Оо, дьэ эмиэ аҕа бөҕөҕүҥ! Бэйэҥ оҕоҕун бэйэҥ… – Һэ, кырдьыга да оннук дии! Мин өйбүттэн оҥорон эппэппин ээ. Ол били… Күннэй диэн оҕобутун батыhа сылдьар буолбат дуо? Маҥнай Алдаҥҥа барсыбыта, онтон аны төннөн кэлэн куоракка сылдьаллар. Били Алдаммыт үөрэҕэ куhаҕан, пахай диэн буолла… Мин өйбөр туох даҕаны киирбэт, – Сорогод дьээбэрэн хараҕын килээриччи көрөн кэбиhэр.

      – Степа Дьокуускайга үөрэнэрэ быдан үчүгэй буоллаҕа дии, дьиэтигэр кэлэ-бара сылдьыаҕа, – диэн Вера тыл кыбытар.

      – Баҕар, кыыhы да батыстын эбээт, хата, үчүгэйгэ тардыhар буолуоҕа. Саамай кылаабынайа – бэйэтэ үчүгэйдик, бэрээдэктээхтик сырыттын… Билиҥҥитэ этэҥҥэ, үчүгэйгэ дылы дии. Үнүр тахса сырыттаҕына, биир киэhэ үчүгэй баҕайытык кэпсэппиппит… Оҕом сыыhа, миигиттэн тугу да кистээхтээбэт ээ, онон маладьыас! – Өлөксөөс куолаhа сымнаан ылар.

      – Ханныгын даҕаны иhин олус кыра сааhыгар, өйүн-санаатын ситэ тута илигэр дьиэтиттэн-уотуттан арахсара үчүгэйэ суох. Арааска тэбиллиэн сөп… – Сорогод өссө биирдэ миискэтигэр чэй куттан, кыра-кыратык сыпсырыйа олордо.

      Өҥүрүк куйаас халааҕан барда. Чоҥкучах алаас да иhигэр отчуттар үөрүүлэригэр сөрүүн салгын балаhата сайа охсон ааhар буолла… Биир күн олохтоох биэлсэр Галина Егоровна куоракка барбыт үhү диэн иhилиннэ. «Ол аата кыыhын Күннэйи көрсө, олохтуу бардаҕа дуу? Куораттан таҕыстаҕына, баран көрсүбүт киhи!» – диэн Өлөксөөс Таскина иhигэр бүччүм санаан кэбиспитэ. Ол иhин хас даҕаны хонон баран, биир сарсыарда кини биэлсэр Сивцеваҕа үлэлиир сиригэр, балыыһаҕа, барбыта. Урукку өттүгэр биирдэ даҕаны утары көрсөн олорон кэпсэтэ илик буолан, хайдах эрэ толло саныы уонна симиттэ соҕус туттан киирбитигэр, хата Галина Егоровна:

      – Хайа, туох сонун-нуомас баар буолла? – диэн бэрт эйэҕэстик көрүстэ.

      – Улахан, ураты сонун суох, оттон кэммитинэн олоробут… Бээ, мин… көрдөрбөппүн ээ, бу көннөрү сэhэргэhэ түhээри кэллим, – диэтэ Александра. – Эн, сураҕа, куоракка киирэ сырыттыҥ дуу? Оҕоҕун көрөн, билэн таҕыстаҕыҥ дии? Туох сонуннаах киhи сылдьар эбитий?

      – Ээ, куоракка киирэн икки хонон тахсыбытым. Күннэйбин, баар-суох киhибин, көрсөн бөҕө, сүрүн наадам диэн ол буоллаҕа эбээт! –