Айар

Все книги издательства Айар


    Көһөрүллүү

    Василий Гоголев-Уйулҕан

    Чурапчы оройуонун холкуостарын Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар хоту – Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ оройуоннарыгар көhөрүү туhунан дьиҥнээх олоххо буолбут чахчыларга олоҕурбут уус-уран суруйуу.

    Туоһахта уонна Лэкиэс

    Василий Гоголев-Уйулҕан

    Сэһэн сүрүн геройа Лэкиэс, саха сылгытын Туоһахтаны кытта бииргэ алтыһан, истиҥник доҕордоһон, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ баран, кырыктаах кыргыһыыга буһан-хатан уһаарыллара, саха чулуу, хорсун-хоодуот буойуннара, олохторун толук ууран туран, Москубаны көмүскээн, өстөөҕү үлтүрүтэн киэр үүрэллэрэ кэрэхсэбиллээхтик ойууланар. Ону сэргэ Дьөһөгөй оҕото Туоһахта эмиэ сэриигэ утаарыллан, кыргыһыыга хорсуннук кыттара, тулуура-дьулуура, өйө, төрөөбүт дойдутугар муҥура суох таптала, бэриниилээҕэ уус-ураннык сэһэргэнэр. Лэкиэс өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан хайдах мүччү көтөрүн, онно кини Туоһахтата олоҕор быһаарар тыын суолталаммытын сэһэнтэн билиэҥ.

    Таптал уонна дьүккүөр

    Гавриил Адамов-Сайдам

    Айымньы сүрүн геройа Бэриэт Түбүктээхэп, билим сыаналаах үлэһитэ, саҥа-сонун толкуйдарын, идеяларын олоххо киллэрэр модун дьүккүөрдээх. Ону кини көнө майгытынан, ыраас сүрэҕинэн, санаатын күүһүнэн, сырдыкка-үтүөҕэ эрэлинэн ситиһэргэ дьулуһар. Онуоха албыны-көлдьүнү, таҥнарыыны, ордук санааһыны, күүстээх утарылаһыыны көрсөр, доруобуйата айгырыыр… Тиһэҕэр Бэриэт тугу ситистэ, олох тургутуутун хайдах туораата? Киһи бу Орто дойдуга тус суолун, аналын буларыгар ким-туох тирэх, өй-санаа, күүс-көмө буоларый? Ону, күндү ааҕааччы, бу айымньыттан билиэҥ. Главный герой повести – Бэрет Тюбюктяхов, ценный научный работник, усердно воплощает в жизнь современные разработки, оригинальные идеи. Он стремится достигнуть поставленных целей своей честностью, чистым сердцем, добрыми помыслами, надеждой и верой в добро и справедливость. Но он встречает ложь, предательство, зависть на своем пути, здоровье его пошатывается… Чего же в итоге добился Бэрет, как он преодолел суровые испытания жизни? Что или кто в этом мире дарует силы человеку найти свой путь, свое предназначение, становится опорой в трудные дни? Об этом, дорогой читатель, ты узнаешь в данной книге.

    Сказания горных ветров

    Варвара Корякина

    В книгу вошли повесть и цикл рассказов-преданий, основанные на старинных сказаниях якутской земли. В них раскрываются тайны происхождения названий местностей, откуда берут истоки эти предания былых времён.

    Кэм кэрэһиттэрэ

    Валерий Луковцев

    Бу саҥа кинигэҕэ билиҥҥи бириэмэ бэлиэ, биһирэмнээх дьоно араас эйгэттэн хабыллан сырдатыллаллар. Ааптар бэйэтин кэмин уонна урукку уустук, дьалхааннаах, быһылааннаах сахтарга олорон, үлэлээн ааспыт интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэринэн сирэйдээн, хаһан даҕаны уларыйбат мэҥэ сыаннастары, омук, бар дьон туһугар үлэни өрө тутан, устуоруйа уруоктарын умнубат буоларга угуйар. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. В данной книге освещаются яркие личности из разных сфер деятельности. Автор через представителей интеллигенции своего времени, а также прошлых непростых лет, живших и работавших в чрезвычайно сложное время и участвоваших в событиях, которые повлияли на будущее республики. Поднимает проблемы вечных ценностей, призывая читателя быть внимательным к урокам истории, трудиться во благо своего народа. Предназначается для широкого круга читателей.

    Миссия: спасти Землю

    Анна Альфир

    Планета Земля в опасности, цивилизация на грани уничтожения!!! Чтобы спасти ее, действовать нужно незамедлительно младшему научному сотруднику якутского НИИ Айсену Андрееву и – ТЕБЕ. Да, да, ты не ослышался, именно тебе, ЧИТАТЕЛЬ! Пришло время сделать важный шаг в жизни – шаг в Ворота времени. Ты готов действовать и перенестись на 15 тысяч лет назад, чтобы спасти Землю?

    Утатыы

    Андрей Геласимов

    Биллиилээх суруйааччы, литература эйгэтин үрдүкү бириэмийэлэрин лауреата Андрей Геласимов «Год обмана», «Рахиль», «Степные боги» уонна «Жажда» айымньылара үгүс омук тылыгар тылбаастанан, Европаҕа, аан дойдуга аатырдылар. Оттон «Год обмана», «Дом на Озерной», «Жажда» диэн билиҥҥи кэми итэҕэтиилээхтик көрдөрөр кэпсээннэринэн уус-уран киинэлэр уһуллан, киэҥ сэҥээриини ылбыттара. Күндү ааҕааччы, биир дойдулааҕыҥ Андрей Геласимов аар-саарга аатырбыт айымньыларын төлкөлөөх төрөөбүт тылгынан ааҕар, ийэ тылыҥ байҕал баайын, кэмнэммэт кэрэтин өссө төгүл итэҕэйэр кыахтанныҥ. Дорогой читатель! Вашему вниманию предлагаем сборник перевода избранных произведений всемирно известного писателя Андрея Геласимова, лауреата многих престижных литературных премий. С его именем связывают возрождение великой русской литературы в России. Его произведения переведены на множество иностранных языков и с успехом экранизированы.

    Белые лебеди омолуку

    Айсен Дойду

    В скрин-романе «Белые лебеди Омолуку» затрагивается актуальнейшая тема подземных атомных взрывов в Якутии во второй половине ХХ века. Главные герои романа – молодая журналистка Айгылана и учёный-физик Айтал Барахов решили воспрепятствовать этой катастрофе. Что предпримут молодые люди, объединив свои усилия с шаманом, охотником и другими местными жителями? Угроза гибели прекрасного озера наводит на извечные вопросы о призвании, любви, религии, Боге.

    Предрассудок

    Ольга Пашкевич

    В книгу Ольги Пашкевич вошли произведения, события которых происходят как в наши дни, так и в семидесятых годах прошлого века. В рассказах и повести писательницы затронуты вечные темы: первая любовь, соперничество, дружба, взаимоотношения родителей и детей, учителей и учеников. Автор вместе с героями размышляет о важности правильного выбора профессии, об умении жить в ладу с близкими людьми и своей совестью.

    Талисман

    Ольга Пашкевич

    Эта история в жанре фантастического рассказа будет интересна не только детям, но и взрослым, потому что затрагивает такие вечные ценности, как любовь, сострадание, милосердие. Шестиклассник Вова преодолевает множество удивительных и непростых испытаний, чтобы оживить замечательного, преданного кота по кличке Талисман. Ему это удаётся с помощью веры в то, что добро всегда побеждает зло. Издание предназначено для среднего школьного возраста.