Мужчина один день верхом на коне, а другой – под конем. Его всегда испытывает жизнь на крепость… А как он пройдет эти испытания – известно одной судьбе. В своих произведениях автор вскрывает глубинные социальные проблемы современного общества. Его герои узнаваемы и близки, потому что взяты из реальной жизни. Им присущи острое чувство справедливости, неравнодушие, честь, мужская ответственность не только за свою семью, но и за страну. Воистину, мир может погубить именно равнодушие, если переведутся на свете такие люди, которые встречаются на страницах этой книги.
Ирина Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээлэй бу кинигэтигэр оҕо саас умнуллубат өйдөбүллэрин, бастакы булт үөрүүтүн, ийэ оҕоҕо тапталын, эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын, сиэр-майгы, олох туһунан кэпсээннэрэ киирдилэр. Кэпсээннэр киһини олоххо буолар араас быһыы-майгы киһи дьылҕатыгар оруолун, сирдээҕи анал, төлкө туһунан толкуйдаталларынан кэрэхсэбиллээхтэр. «Элгээҥҥэ» диэн олоххо буолбут түбэлтэ туһунан суруйуу ааҕааччыны долгутуо. В сборник вошли короткие рассказы о детях, о первых успехах и гордости родителей, о неизмеримой материнской любви и нежности, о мучительной ревности между супругами – обо всем том, что так близко каждому человеку, имеющему горячее сердце. Особенно интересным для читателя будет душещипательный рассказ, основанный на реальных событиях, который не оставит никого равнодушным… Издание предназначено для широкого круга читателей.
Ааптар бу романы суруйуон иннинэ түөрт уонтан тахса сыл устата архыып матырыйаалларын, тустаах тиэмэҕэ анаммыт суруйуулары, бэрт үгүс тылынан да, суругунан да ахтыылары истэн, үөрэтэн, тэҥнээн көрбүт. Онон айымньытыгар киллэрбит үгүс геройдара, бэлиэ түгэннэр олоххо баар буола сылдьыбыттарынан ааҕааччы интэриэһин тардаллар. Архыып докумуоннарыгар, оччотооҕу кэмтэн норуокка хаалбыт номохторго, ахтыыларга олоҕуран сабаҕалаан суруйуу өрөбөлүүссүйэ дьалхааннаах кэмин үйэлэр быыстарыттан сэгэтэн көрөрүнэн сэҥээрдэр. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар. Перед тем, как написать этот роман, автор более сорока лет изучал архивные материалы, публикации по теме, сравнивал и анализировал большое количество устных и письменных воспоминаний. Именно потому, что герои романа – реальные люди, а значимые события происходили в действительности, произведение вызывает неподдельный интерес читателя. Наряду с архивными документами, автор вплетает в ткань повествования легенды и мемуары, создавая вполне реалистичную версию истории, что позволяет нам приоткрыть завесу в давно минувшие дни. Издание приурочено к 100-летию ЯАССР
Ааспыт история чахчытын ойуулуур уус-уран айымньыга кыргыс үйэтигэр Тыгын Тойон дуоҕа тутааччыта, аҕа ууһун биир бас-көс киһитэ Туоҕа Боотур Орто Бүлүү (билиҥҥитэ Кэбээйи сиригэр) көһөн барыыта, мүччүргэннээх айана, олохсуйуута сабаҕалааһын биир көрүүтүнэн ааҕааччыны умсугутар, тэҥҥэ долгутар гына кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр.
Ааспыт история чахчытын ойуулуур уус-уран айымньыга кыргыс үйэтигэр Тыгын Тойон дуоҕа тутааччыта, аҕа ууһун биир бас-көс киһитэ Туоҕа Боотур Орто Бүлүү (билиҥҥитэ Кэбээйи сиригэр) көһөн барыыта, мүччүргэннээх айана, олохсуйуута сабаҕалааһын биир көрүүтүнэн ааҕааччыны умсугутар, тэҥҥэ долгутар гына кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр.
Ол үйэлэр кэтэхтэригэр туман буолбут хонуктар кистэлэҥнэрэ тугуй-ханныгый? Кии дуу, киһи дуу буолар тыын харбас кэмҥэ өбүгэлэр кэс тыллара, олох иһин туруулаһыылара, кырдьыктара ааспыты анааран, билиҥҥигэ бэлиэтээн кэлэри торумнуурга, кэскили тэрийэргэ, үйэлээҕи үксэтэргэ олук буолар аналлаах. Ааспыт история чахчытын уус-ураннык кэпсиир айымньыга ойууламмыт кыргыс үйэтигэр аҕа ууһун бас-көс киһитэ Туоҕа Боотур Орто Бүлүү сиригэр олохсуйуута, мүччүргэннээх айана, сырыыта, олохтоох омуктары кытта сыһыана, мөккүөрэ, оччотооҕу кэм олоҕо-дьаһаҕа, сиэрэ-майгыта ааҕааччыны умсугутан, тумаҥҥа симэлийбиттэр кэс тылларын тиэрдиэҕэ. Какие тайны скрываются за туманами прошлых веков? Заповеди предков, пришедшие из тех далеких, жестоких времен, когда решался вопрос о самом существовании народа, история их кровопролитной борьбы за жизнь – это великий урок потомкам для созидания мирного, благополучного будущего. Правдивая история расселения одного из могущественных якутских родов под предводительством храброго и сильного Тога Ботура по землям Среднего Вилюя, рассказанная в художественном произведении – будто завещание тех, кто давно исчез в тумане былых времен.
Бу сэһэҥҥэ номоххо киирбит Манчаары Баһылай олоҕо, таптала, баайдары утары охсуһуута суруллар.
Поэзию автора отличает абсолютный слух к музыке слова, звука, ритму. В своих стихах она с удивительной тонкостью передает все глубинные, тончайшие грани чувств. Лирический герой неразрывно связан с природой, откликается в ней, гармонично живет в любой погоде, находя в каждом дне неожиданные образы и символы.
Бу хомуурунньукка аныгы да ааҕааччы уйулҕатын хамсатар – хайа иччитин, баабыр, ат, сүүрүк дьон туһунан – мүччүргэннээх түгэннэри сэһэргиир былыргы үһүйээннэр, көстүбэт эйгэ кистэлэҥнэрин быыһын арыйар номохтор киирбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Уус Майа сиригэр-уотугар Гражданскай сэрии уотунан күүдэпчилэммит сабыытыйалара буолан ааспыттара. Манна сыһыаннаах Боссоойко туһунан уос номоҕор хаалбыт кэпсэллэр, атын да биллиилээх дьоммут туһунан бэлиэтээһиннэр ааҕааччы болҕомтотун тардаллара эрэбил. Маны таһынан, ааптар төрөөбүт дойдутун айылҕатын дьиктилэрин уустаан-ураннаан хоһуйуутун – кини дойдутугар муҥура суох тапталын долгуйбакка эрэ аахпаккын. В сборник Евсея Лугинова вошли древние легенды родной устьмайской земли, рассказы о причудах ее потрясающей природы. Богата устьмайская земля историческими событиями! Воспоминания об известных личностях тех героических лет, да и другого времени как о простых людях со своими достоинствами и слабостями, несомненно привлекут внимание читателя. Читая эту книгу, никто не останется равнодушным, потому что за каждой строчкой автора чувствуется огромная сыновняя любовь к родному краю, его людям и животворяющей природе.
Бу кинигэҕэ ааптар сэрии ыар сылларыгар Чурапчытааҕы көһөрүүгэ чугас дьонун, балтын сүтэрэн төгүрүк тулаайах хаалбыт Сэмэнчик эрэйдээх оҕо сааһын, маҥнайгы таптал ааспат- арахпат амтанын, таҥнарыыны, кэлэйиини саастарын тухары ындыы гынан илдьэ сылдьыбыт сүтэрсибит сүрэхтэр дьылҕаларын туһунан олус итэҕэтиилээхтик суруйбутун киһи уйадыйбакка аахпат. Ааптар олоххо буолбут түбэлтэлэри сэһэргиирэ, киһи хараҕар дьиҥ чахчытык ойууланан, туспа тыыннанан тыҥаан кэлэллэр. В книге описывается полное несчастий детство Сэмэнчика, оставшегося круглым сиротой во время страшного чурапчинского переселения и потерявшего родную сестру, незабываемые мгновения первой любви, горечь предательства, и судьбы потерянных сердец, через всю жизнь пронесших горечь невосполнимых потерь. Повесть не оставит равнодушным ни одного читателя, поднимая в душе глубокое сопереживание героям. Вместе с тем, читатель познакомится с правдивыми и увлекательными рассказами, основанными на реальных событиях.